“Арассыыйа” быыстапка-пуорумҥа Саха сириттэн дьоҕус АЭС бырайыагын билиһиннэрдилэр
Саха сирин күннэрин чэрчитинэн “Арассыыйа” быыстапка-пуорумҥа НХСБ “Атом” павильоҥҥа аан дойдуга бастакы дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны (АСММ) билиһиннэрдилэр.
Быыстапканы бу күн бастакынан Саха сирин уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрэ уонна Усуйаанаттан сылдьар устудьуоннар көрдүлэр.
Бу бырайыак Усуйаанаҕа олоххо киирэр. Бырамыысыланнас тэрилтэлэрин уонна өрөспүүбүлүкэ чугастааҕы нэһилиэктэрин уотунан бигэтик хааччыйыаҕа. Ону тэҥэ Хотугу муора суолун сайдыытыгар эмиэ көмөлөһүөҕэ.
Атомнай энергетика эспиэрдэрэ оҕолорго Арассыыйа саҥа айан таһаарыытын техническэй характеристикатын, экологияҕа куттала суоҕун, Аартыка олоҕо-дьаһаҕа сайдыытыгар энергетика бу эбийиэгин туһатын туһунан кэпсээтилэр.
“Оҕолор олус кэрэхсээтилэр. Саха сирин хоту дойду улуустарыттан оҕолор бастыҥ технологиялары харахтарынан көрөллөрө ордук”, — диэн “Русатом Оверсиз” коммуникацияларга дириэктэрэ Олег Бочкин бэлиэтээтэ.
“Экскурсияны астынным. Биһиэхэ атомнай ыстаансыйаны туталларын истэн, кэлин онно үлэлиир баҕалаахпын. Билигин физиканы үөрэтэбин, салгыы үөрэниэм дии саныыбын”, — диэтэ Усуйаана Депутатскай бөһүөлэгиттэн Артем Милюкин.
“Атомнай энергетиканы физика уонна химия уруоктарыгар үөрэтэбит. Режиссер, баҕар программист буолуом. Ол эрээри Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар экспозицияны көрбүтүм туһалаах”, — диир ДНӨ Кировскай куоратын 2 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Ростислав Голинка.
“Кэлэр сылга бу атомнай ыстаансыйа докумуонун оҥоруу түмүктэниэ уонна тутуута саҕаланыаҕа диэн күүтэбит. Ыстаансыйа үлэҕэ киирдэҕинэ полярнай эргимтэҕэ социальнай уонна бырамыысыланнас эбийиэктэрин уотунан бигэтик хааччыйыаҕа”, — диэтэ Саха сирин дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна энергетикаҕа миниистирэ Вячеслав Емельянов.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: