“Арассыыйа” быыстапка-пуорумҥа Саха сириттэн дьоҕус АЭС бырайыагын билиһиннэрдилэр

Share

Саха сирин күннэрин чэрчитинэн “Арассыыйа” быыстапка-пуорумҥа НХСБ “Атом” павильоҥҥа аан дойдуга бастакы дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны (АСММ) билиһиннэрдилэр.

Быыстапканы бу күн бастакынан Саха сирин уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрэ уонна Усуйаанаттан сылдьар устудьуоннар көрдүлэр.

Бу бырайыак Усуйаанаҕа олоххо киирэр. Бырамыысыланнас тэрилтэлэрин уонна өрөспүүбүлүкэ чугастааҕы нэһилиэктэрин уотунан бигэтик хааччыйыаҕа. Ону тэҥэ Хотугу муора суолун сайдыытыгар эмиэ көмөлөһүөҕэ.

Атомнай энергетика эспиэрдэрэ оҕолорго Арассыыйа саҥа айан таһаарыытын техническэй характеристикатын, экологияҕа куттала суоҕун, Аартыка олоҕо-дьаһаҕа сайдыытыгар энергетика бу эбийиэгин туһатын туһунан кэпсээтилэр.

Оҕолор олус кэрэхсээтилэр. Саха сирин хоту дойду улуустарыттан оҕолор бастыҥ технологиялары харахтарынан көрөллөрө ордук”, — диэн “Русатом Оверсиз” коммуникацияларга дириэктэрэ Олег Бочкин бэлиэтээтэ.

Экскурсияны астынным. Биһиэхэ атомнай ыстаансыйаны туталларын истэн, кэлин онно үлэлиир баҕалаахпын. Билигин физиканы үөрэтэбин, салгыы үөрэниэм дии саныыбын”, — диэтэ Усуйаана Депутатскай бөһүөлэгиттэн Артем Милюкин.

Атомнай энергетиканы физика уонна химия уруоктарыгар үөрэтэбит. Режиссер, баҕар программист буолуом. Ол эрээри Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар экспозицияны көрбүтүм туһалаах”, — диир ДНӨ Кировскай куоратын 2 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Ростислав Голинка.

Кэлэр сылга бу атомнай ыстаансыйа докумуонун оҥоруу түмүктэниэ уонна тутуута саҕаланыаҕа диэн күүтэбит. Ыстаансыйа үлэҕэ киирдэҕинэ полярнай эргимтэҕэ социальнай уонна бырамыысыланнас эбийиэктэрин уотунан бигэтик хааччыйыаҕа”, — диэтэ Саха сирин дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна энергетикаҕа миниистирэ Вячеслав Емельянов.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago