“Арассыыйа” быыстапкаҕа Саха сирин туһунан үөрэх марафона буолла

Share

Москваҕа “Арассыыйа” быыстапка-пуорумҥа эрэгийиэннэр күннэрин иитинэн, Саха сирин үгэстэрин уонна килиимэтин уратытын туһунан үөрэх марафона буолан ааста. “Билии” уопсастыба лекторийын былааһаккатын көрөөччүлэригэр аналлаах тэрээһини “Хоту: бигэтик сайдар территория” аан дойду таһымнаах билим-үөрэх киинэ ыытта.

Марафон чэрчитинэн П.И. Мельников аатынан РНА Сибиирдээҕи салаатын Ирбэт тоҥ институтуттан уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ирбэт тоҥ эйгэтин үөрэтэр учуонай Никита Тананаев билим-киэҥник тарҕаммыт ток-шоу көрүҥүнэн Саха сирин килиимэтин уратытын туһунан кэпсээтэ уонна тэрээһин көхтөөх кыттааччыларын ортотугар илии метео-ыстаансыйатын оонньотто. Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтуттан Зоя Стрекаловская уонна Диана Петухова “Олоҥхону аныгы толорооччу – үгэһи утумнааччы” тиэмэҕэ  сэминээр-практикум ыытыллар. Туруорууну иллюзионист-хомусчут Сергей Дубовиков хомуска тардан уонна ситиһиилээх иллюзионист Дьулустан Павлов киэргэттилэр.

“Маннык тэрээһиннэр араас тиэмэлээх билим чинчийиилэрин тиийимтиэ, кэрэхсэбиллээх уонна сэргэх көрүҥүнэн билиһиннэрэргэ көмөлөһөллөр. Сотору “Хоту” киин экосистиэмэтигэр билим элбэх лиэксийэлэрэ тахсыахтара. Холобур, сэтинньи 16 күнүгэр Дьокуускайга Билим бастакы хотугу слэма ыытыллыаҕа, ол иитинэн биэс эдэр учуонай бэйэлэрин технологияларын туһунан кылгас уонна чаҕылхай көрүҥүнэн кэпсиэхтэрэ”, — диэн “Хоту” билим-үөрэх киинин салайааччыта Евгений Колганов бэлиэтиир.

“Арассыыйа” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан, 2023 сыл сэтинньи 4 күнүттэн 2024 сыл муус устар 12 күнүгэр диэри ыытыллар. Тэрээһиҥҥэ дойду суолталаах ситиһиилэрин уонна эрэгийиэннэр сайдыыларын үтүө уопутун көрдөрөллөр.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago