«Арассыыйа» быыстапкаҕа учуонайдар сэлии оҕото Юка туһунан кэпсээтилэр

«Арассыыйа» быыстапкаҕа учуонайдар сэлии оҕото Юка туһунан кэпсээтилэр

21.05.2024, 21:00
хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 17 күнүттэн  Москваҕа «Арассыыйа» форум-быыстапка чэрчитинэн  ВДНХ 31 №-дээх «Геология» павильонугар «Ирбэт тоҥ аарымалара» диэн Саха сиригэр көстүбүт палеонтологическай булумньулар быыстапкалара буола турар. Быыстапка биир саамай бэлиэ экспонатынан сэлии оҕото Юка баар криокамерата буолар. Кини сааһын 39 тыһыынча сылынан ааҕаллар.

«Сэлии оҕото Юка олус бэрт көрүҥнээх биһиги кэммитигэр тиийэ кэлбитинэн эрэ ураты буолбатах. Бастатан туран, аан дойдуга бу суос-соҕотох балайда улааппыт сэлии оҕото буолар. Маныаха диэри эбэтэр улахан сэлиилэри, эбэтэр олох кыра оҕолорун булаллара. Бу булумньу биһиэхэ онтогенеһы — сэлии кыра эмньик сааһыттан улаатыар диэри  сайдыыта хайдах барарын үөрэтэргэ көмөлөөх. Иккиһинэн, Юка мэйиитэ үчүгэй чөл туруктаах. Онон билигин учуонайдар слон мэйиитин кытта тэҥнээн көрөөрү, сэлии мэйиитин анатомическай атлаһын үөскэтэ, оҥоро сылдьаллар», — диэн иһитиннэрдэ К.А. Тимирязев аатынан Судаарыстыбаннай биологическай түмэл быыстапкалыыр салаатын сэбиэдиссэйэ Юлия Шубина.

Саха сиригэр булуллубут сэлии оҕото учуонайдар хас да научнай арыйыыны оҥороллоругар тирэх буолла.

«Юка төһө саастааҕын тииһээбит кэминэн көрөн быһаардыбыт, бу 6-7 саастаах улаатан эрэр сэлии оҕото. Кининэн биир ураты баарын биллибит — хуобата аллараа өттүнэн кэҥиир, ол көмөтүнэн сэлии түүтэ суох муннун төбөтүн ириэриниэн сөп эбит», — диэн бэлиэтээтэ РНА Палеонтолическай институтун ыстаарсай научнай сотруднига, СӨ Наукаларын академиятыгар сэлии фаунатын чинчийэр салаа сүрүннүүр научнай сотруднига Евгений Мащенко.

Маны таһынан быыстапкаҕа интерактивнай форматтар көрдөрүүгэ туруорулуннулар: палеонтолическай контеннаах, ону тэҥэ «Сэлиини хостооһун» интерактивнай оонньуулаах тач-панеллар. Быыстапка СӨ Наукаларын академиятын өйөбүлүнэн тэрилиннэ, күннэтэ 11 чаастан 18 чааска диэри үлэлиир, бэнидиэнньик, оптуорунньук — өрөбүл күннэр.

Санатан суруйдахха, Саха сирин сиригэр-уотугар аан дойдуга хостонор сэлии уҥуоҕун уонна сэлии фаунатын араас тобохторун 70 бырыһыана баар. 2010 сыллаахха сэлии оҕотун Юканы булуу научнай сенсациянан буолбута. Кинини чинчийэргэ 2015 сыллаахха Дьокуускайга Сэлии түмэлин лабораториятыгар олоҕуран, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-гар  «Молекулярнай палеонтология» норуоттар икки ардыларынааҕы киин аһыллыбыта диэн СӨ Баһылыгын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: