«Арассыыйа» быыстапкаҕа Уһук Илин маастар-былааннарын кэпсэттилэр

Share

Ыам ыйын 25 күнүгэр «Арассыыйа» быыстапка-пуорум 75  №-дээх павильонугар «Новый облик городов Дальнего Востока: инструменты реализации мастер-планов»  диэн эспиэртиир сиэссийэ ыытылынна.

Манна федеральнай былаас уорганнара, сайдыы институттара, тустаах тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн  маастар-былаан олоххо киирэр уонна сайдар ньыматын туһунан кэпсэттилэр. Сиэссийэ модераторынан Уһук Илин уонна Арктика сирин-уотун сайдыытын Корпорациятын департаменын дириэктэрэ Андрей Коновалов модераторынан буолла.

— Уһук Илин куораттара тупсаллар, уларыйаллар. Үлэ күстүү оргуйар, номнуо олоххо киирбит бырайыактар бааллар. Билигин 22 маастар-былаан олоххо киириэҕэ. Маннык улахан таһымнаах бырагырааманы олоххо киллэрэн салайарга Алексей Чекунков салалтатынан ыстаап үлэлиир. Бу ыстаап Уһук Илин эрэгийиэннэрин баһылыктара бэйэлэрин икки ардыгар үлэлэһэллэригэр көмөлөһөр.

Бэлиэтээн суруйдахха, Ил Дархан Айсен Николаев Уһук Илин уонна Арктика күннэрин чэрчитинэн Арассыыйа быыстапка-пуорумҥа Дьокуускай куорат маастар-былаанын билиһиннэрбитэ. Бүтэһик сылларга национальнай бырайыактар көмөлөрүнэн Дьокуускай куорат олус уларыйбытын, тупсубутун бэлиэтээбитэ.

Норуоттар икки ардыларынааҕы Арассыыйа быыстапка-пуорум — дойду бастыҥ ситиһиитэ буолар. Быыстапка-пуорум дойду тэбэр сүрэҕэрэр,  Москва куоракка, ВДНХ-ҕа сэтинньи 4  күнүттэн от ыйын 8  күнүгэр диэри  ыытыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago