«Арассыыйа» быыстапкаҕа Уһук Илин уонна Арктика күнэ ыытыллыаҕа

Share

Тохсунньу 24 күнүгэр Москваҕа ВДНХ-ҕа  «Арассыыйа» быыстапкаҕа Уһук Илин уонна  Арктика күнэ ыытыллыаҕа.  Дойду Аҕа  баһылыга Владимир Путин XXI үйэҕэ национальнай инники күөҥҥэ турар соругунан ыйбыт  эрэгийиэннэрин  сайыннарыыга туһуламмыт  араас тэрээһиннэр,  эспиэрдэр сиэссийэлэрэ, лиэксийэлэр ыытыллыахтара. 

Уһук Илин уонна  Арктика күнүн бырагыраамата хас да блоктан турар. Күнү үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы тэрээһинигэр РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев уонна РФ Уһук Илинин уонна Арктикатын сайыннарыы миниистирэ  Алексей Чекунков итиэннэ  федеральнай былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, эрэгийиэн баһылыктары кыттыахтара.

Пленарнай мунньахха уонна эспиэртэр сиэссийэлэригэр  кыттааччылар туһалаах баайы-дуолу хостооһун, балыктааһын,  логистика, нефтегазохимия, тутуу, туризм, космос уонна Хотугу муора суолун туһунан кэпсэтиэхтэрэ.   ВДНХ былаһааккатыгар Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа саҥа бырайыактары олоххо киллэриигэ сөбүлэһиилэр түһэрсиллиэхтэрэ.

Уһук Илин уонна  Арктика күнүн иитинэн  каадырдары бэлэмниир  «Муравьев-Амурский 2030» бырагыраама үһүс түһүмэҕэ саҕаланыаҕа.

Уһук Илин уонна  Арктика күнүн түмүктүүр түһүмэҕэр   «Дружба народов»  фонтан таһыгар бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago