Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр Саха сириттэн 23 тустуук күрэхтэһиэҕэ

Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр Саха сириттэн 23 тустуук күрэхтэһиэҕэ

Ааптар:
14.06.2023, 20:00
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 19-25 күннэригэр Каспийскайга ыытыллар көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр Саха сириттэн 23 тустуук кыттыаҕа. 

57 киилэҕэ: Алексей, Петр Копыловтар, Любомир Ашеин, Харысхал Григорьев, Дьулус Федотов, Федор Постников;

61 киилэҕэ: Петр Константинов, Ньургун Терентьев, Уйгулаан Иванов, Яков Павлов, Александр Авелов;

65 киилэҕэ: Дьулустан Тотонов, Александр Иванов;

70 киилэҕэ: Олег Фомин, Константин Капрынов;

74 киилэҕэ: Станислав Свинобоев, Албан Аввакумов, Николай Сивцев;

79 киилэҕэ: Василий Кириллин;

92 киилэҕэ: Ньургун Сергин, Никита Софронов;

97 киилэҕэ: Максим Толмачёв;

125 киилэҕэ: Никита Хабаров.

Буолаары турар тыҥааһыннаах күрэхтэһии туһунан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит, тустуу сүгүрүйээччитэ Валерий Михайлов санаатын үллэһиннэ:

— Тустуу — күүстээхтэр, сымсалар күрэстэрэ. Быйылгы Арассыыйа күрэҕин түһүлгэтэ кэлэр нэдиэлэҕэ ыраах Каспийскайга тэлгэнээри турар. Эһиил Олимпиада буоларынан, бу түһүлгэ уораана улахана күүтүллэр. Саха уолаттара норуоттарын аатын-суолун дорҕоонноохтук ааттаппыттара бэрт өр буолла. Биһиги, тустуу ыалдьааччылара үөрүүбүтүгэр, саха эдэр тустууктара улахан түһүлгэлэргэ бэрт ситиһиилээхтик кыттар буоллулар. Онон, санаабыт хаһааҥҥытааҕар да бөҕөх. Каспийскайга буолар күрэххэ саха тустууктара, сүр көтөҕүллэн тустан, үөрдүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Билиҥҥи тустуу күрсэн-харсан тустуу буолла. Олимпийскай чөмпүйүөннэрбит Байбал Пинигин хахайдыы хапсыһар, Арамаан Дмитриев имиллэн-хомуллан, Өлөксөөндүр Иванов сахалыы халбарыйан тустууларын хатылыахтарын баҕарабын. Каспийскай көбүөрүттэн хатат уотут саҕан, соруккутун ситэн, соргугут соноон, хабыр дьолуону билэн кыайыы көтөллөнөн кэлээриҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: