Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов: «Арассыыйа бэрэсидьиэнэ хас биирдии байыаска Кыайыыга эрэли үөскэтэр»

Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов: «Арассыыйа бэрэсидьиэнэ хас биирдии байыаска Кыайыыга эрэли үөскэтэр»

29.02.2024, 21:08
Хаартыска сахагофтан
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Федерациятын Дьоруойа, Саха сирин норуодунай дьокутаата, «Боотур» этэрээт хамандыыра Александр Колесов Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ Федеральнай Мунньаҕар этиитинэн санаатын үллэһиннэ.

«Владимир Путин уот харахха эттэ: биһиги саллааттарбыт уонна офицердарбыт — христианнар уонна мусульманнар, буддистар уонна иудаизмы батыһааччылар, араас омук, култуура, эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ — дьиҥ дьыалаҕа дакаастаатылар, Арассыыйа үйэлээх түмсүүтэ уонна сомоҕолоһуута — бу ким да кыайбат сөҕүмэр күүһэ», —
диэн» Владимир Путин сөпкө этэр.

«Кырдьык, оннук, бүгүн сарын сарынтан өйөһөн, улуу Аҕа дойдубут туһугар туруулаһабыт. Дойду бэрэсидьиэнэ этиитинэн хас биирдии байыаска кыайыыга эрэли уонна байыаннай дьайыы соруктара толору туолуохтара диэн итэҕэйиини үөскэтэр. Манна киһи саарбахтаабат», — диэтэ Александр Колесов.

Маны тэҥэ Владимир Путин байыаннай дьайыыны Арассыыйа норуота өйөөбүтүн туһунан этиитигэр болҕомтону туһаайда»Биһиги дьоруойдарбыт инники кирбиигэ окуопаларга сытан, кинилэри кытта дойду бүттүүнэ буолбутун билэллэр. Мөлүйүөнүнэн дьон бэйэлэрин күүстэрин түмэллэр: урбаанньыттар, «Норуот фрона» уонна атын волонтерскай тэрилтэлэр».
«Биһиги дойдубут биир сомоҕо буолуутун ыспатыбыт — биһиги Кыайыахпыт. Биһиги көҥүлбүтүн ким да былдьыыр бырааба сурх. Дойду суверенитета бары хайысхаларынан хааччыллыаҕа», — диэтэ Александр Колесов.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: