Арассыыйа Дьоруойа, аатырбыт «Алеша» тааҥка экипаһын оператор-наводчига Алексей Неустроев РФ Бырабыыталыстыбатын иһинэн Үп-харчы университетын устудьуона буолла. Бу туһунан университет пресс-сулууспата суруйар.
Балаҕан ыйын 2 күнүгэр Кириэмил дыбарыаһыгар «Кремль. Финашко. Начало» устудьуон аатын ылыы үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна. Ректор Станислав Прокофьев байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар махтанна уонна Алексей Неустроевы киэн тутта бэлиэтээтэ. Бэс ыйыгар Алексей Неустроев хамандыырын, Арассыыйа Дьоруойа Александр Леваковтуун бу университекка киирэ сылдьыбыттар. Биир дойдулаахпыт Экэниэмикэ уонна урбаан факультет «Управление бизнесом» салаатыгар үөрэнэргэ быһаарыммыт.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…
Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…