Арассыыйа Дьоруойа буолбут ефрейтор Филипп Евсеев хантан хааннааҕый, туох дьоннооҕуй-сэргэлээҕий?
Филипп 1984 сыллаахха Сунтаар улууһун Күндэйэ бөһүөлэгэр төрөөбүтэ, үөрэммитэ. Кэлин Евсеевтэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр көһөн киирэн, олохсуйбуттара.
“Дьоруой уол эһээтэ, Илиҥҥи сэрииттэн “Японияны кыайыы иһин” мэтээллээх эргиллибит Евсеев Филипп Андреевич 1927 сыллаах төрүөх, Дьокуускайга “ФЗО”-ҕа үөрэнэ сылдьан, 17 саастааҕар тылланан фроҥҥа барбыт. Эбээтэ Евсеева (Максимова) Мария Мисаиловна сэрии огдооботун быһыытынан, куоракка таас дьиэ ылбыта.
Филипп Андреевич бииргэ төрөөбүт убайа Евсеев Петр Андреевич Москва көмүскэлигэр сэриилэһэн бааһыран, “Хорсунун иһин” мэтээллээх эргиллибитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕун аатын ылбыта. Бырааттыы Евсеевтэр иккиэн улахан тутааччылар этэ. Кинилэр туппут дьиэлэрэ билигин да Күндэйэҕэ бааллар.
Оттон Филипп ийэтэ Людмила Николаевна аҕата Ващенко Николай Прокопьевич Арҕаа фронтан “Хорсунун иһин” мэтээллээх кэлбит. Улахан уҥуохтаах, кыахтаах оҕонньор этэ. Элгээҥҥэ, Аттаах Тумулга Кыайыы күнүгэр көрсүһүүгэ эдэр дьону кытта тэҥҥэ мас тардыһан, күүстэрин үгэнигэр сылдьар уолаттары бэрэбиэркэлэтэлээн турар.
Филипп уолаттартан бастакынан күн сирин көрбүтүгэр, аҕата Александр киниэхэ эһээтин аатын биэрбитэ. Аҕата Александр Филиппович Байанайдаах булчут, ааттаах сылгыһыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, ханнык да үлэни кыайа-хото тутар үлэһит бэрдэ этэ. Филиппок уолчаан аҕатыттан үгүскэ үөрэммитэ. Күндэйэҕэ 7 кылааһы бүтэрбитэ. Кыра эрдэҕиттэн мэник, сытыы-хотуу, биир сиргэ түптээн олорбот оҕо этэ» диэн Күндэйэттэн Николай Егоров суруйар.
Кини Сунтаар 1-кы №-дээх орто оскуолатын бүтэрбитэ. 2002-2004 сылларга Хабаровскай кыраайга баран аармыйаҕа сулууспалаабыта. Онтон дойдутугар кэлэн, СПТУ-га киирэн, суоппар идэтин ылбыта. Былырыын Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыгар суоппарынан үлэлии сылдьыбыта. 2022 сыл күһүнүгэр быстах хомуурга ыҥырыллан барбыта. Кыратык үөрэнэн баран, байыаннай дьайыы буола турар сиригэр алтынньыга тиийбитэ.
Филипп Александрович үс оҕолоох. Улахан кыыһа 9-с кылаас кэнниттэн педколледжка киирдэ, уола 8-с кылааска үөрэнэр, кыра кыыһа Дьокуускайга Речевой оскуолаҕа үөрэнэр, кини истибэт уонна саҥарбат. Кэргэнэ Светлана Александровна уһуйааҥҥа муусука педагогунан үлэлиир. Ийэтэ иллэрээ сыл инсульт кэннэ суох буолбута. Билигин баара буоллар, төһө эрэ үөрээхтиир этэ. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэлэр этэ, билигин эдьиийэ уонна балта бааллар.
Утумнааһын…
Арассыыйа Дьоруойдарын дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Кириэмилгэ бэйэтинэн “приемнаан”, икки чааһы быһа кэпсэппиттэрэ. Онно Филипп эһээтэ Ващенко Николай Михайлович Курскайдааҕы кырыктаах кыргыһыыга сэриилэспитин бэрэсидьиэн сэргии истибитэ, “бу Аҕа дойдуну көмүскүүр өй-санаа норуот хааныгар баар утумнааһын, көлүөнэлэр ситимнэрэ” диэн эппитэ.
“Бүгүн манна Курскай сиригэр судаарыстыбаннай наҕарааданы тутар биһиги дьоруойдарбыт, байыаннай сулууспалаахтарбыт, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын хорсун быһыылара, 1943 сыл сайын өстөөхтөрү кытта Курскай кыргыһыы дьоруойдарын албан ааттарыгар тэҥнээх”, — диэн бэрэсидьиэн бэлиэтээбитэ.
Эһээтэ Николай Михайлович младшай сержант, минометчик, хорсун сэрииһит этэ. Бааһыҥкалар (Ващенколар) Кириэстээхтэн төрүттээхтэр. Эһэтэ 86 сааһыгар 2005 сыллаахха өлбүтэ. Кини сиэнигэр төрөөбүт дойдуга тапталы, эр киһилии эр санааны сахпыт буоллаҕа.
Арыы үрдүгэр уу дагдайбат
Интэриниэт ситимигэр “Алеша” тааҥка соҕотоҕун икки тааҥканы, алта бронемассыынаны утары ытыалаһар видеота икки ый буолан баран, Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга киэҥник тарҕаммыта. Арассыыйа танкистарын хорсун быһыылара үгүстэри сөхтөрбүтэ. Онтон “Бастакы” ханаал суруналыыстара баран сюжет устубуттара. Ол кэмҥэ Филипп псориаз ыарыыта бэргээн, госпитальга киирэн эмтэнэ сытара. Онон кини оннугар ротнай хамандыыра лейтенант Расим Баксиков уһуллубута.
Оборуона министиэристибэтэ тарҕаппыт суругар мэхээньик-суоппар бааһырбытын Баксиков солбуйбут диэн этэ. Онон Филипп хорсун быһыыта биллибэккэ хаалыан сөбө. Онуоха Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Саха сирин Москваҕа Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, Байыаннай дьайыыга Сүрүннүүр киин салайааччыта Андрей Федотовка сурук суруйбута. Экипааһын хамандыыра Александр Леваков, биир сулууспалаахтара, Сүрүннүүр киин күүскэ туруорсан, дьэ, кырдьык кылбайда, өрөгөй үрдээтэ. Чахчыта, тааҥка экипааһын үс чилиэниттэн иккитэ саха буойуна буолара элбэҕи этэр. Оттон Александр Леваков Сахалинтан төрүттээх.
Оттон Филипп бэйэтэ этэринэн, “Алеша” тааҥкаҕа эмиэ Саха сириттэн төрүттээх Николай суоппардаабыт. Николай бааһырбытын кэнниттэн, Филипп солбуйбут. Онон бу видеоҕа көстөр аатырбыт кыргыһыыга Филипп Евсеев тааҥканы ыыта сылдьыбыт. Бэрэсидьиэн Путины кытта көрсүһүүгэ Леваков бу бааһырбыт байыас наҕараадата суох хаалла диэн долгуйбутун биллэрбитэ, онуоха Владимир Путин “ким да наҕараадата суох хаалыа суоҕа” диэн уоскуппута.
Соҕотоҕун – аҕыс адьарайы утары
–Биһиги туруоруллубут соруктары толорбуппут. Рациянан хамаандалаан иһэр буоланнар, ханна барарбытын да көрбөт этим. Кыра булгунньах бүөлүүр буолан, өстөөхтөр биһигини көрбөттөр этэ. Булгунньаҕы эргийэ сүүрдэн тахсаат, ытыалаан баран, төттөрү намыһах сиргэ чугуйарбыт. Ол кыргыһыы кэмигэр миэхэ барыта олус бытаан курдуга, видеоҕа көрдөххө, түргэн баҕайы эбит. Хамандыырым “Газ!” диэн хамаандалаатаҕын аайы, түһүнэн истэҕим дии. Онно Т-72Б 2 тааҥканы, 4 бронетранспортеры суох гыммыппыт. Мин ВСУ 10 тиэхиньикэтин урусхаллаабытым, – диэн Дьоруой кэпсиир.
Дьиҥэ, кэпсиир курдук судургу буолбатаҕа чахчы. Байыаннай эспиэр Виктор Мураховскай этэринэн, биир да тааҥканы үлэлээбэт оҥоруу олус уустук. Сэриигэ анаммыт, куйах бөҕөлөөх, сыаналаах тиэхиньикэлэр буоллахтара. Оттон “Алешаны” дроннар, эбэтэр ВСУ артиллерията буомбалаан кэбиһиэн сөбө. Бу кыргыһыыга кинилэр өстөөх холуоннатын урусхаллаан, кыайыылаах тахсыбыттар эрэ буолбатах, бэйэлэрин дьоннорун – ытыллыбыт тааҥка экипааһын быыһаабыттар.
Бүтүн Саха сирэ уруйдуур-айхаллыыр
Атырдьах ыйын 29 күнүгэр дьоруойдар Дьокуускайга көтөн кэллилэр. Кинилэри аэропорка Ил Дархан Айсен Николаев, дьиэ кэргэттэрэ, доҕотторо, биир дойдулаахтара уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.
– Чугас дьоммун, оҕолорбун көрсөн, олус үөрдүм, дьоллоннум. Уоппуска кэмигэр дойдубар бара сылдьыахпын, дьиэ кэргэммин кытта олоро түһүөхпүн баҕарабын. Фроҥҥа сылдьан биир дойдулаахтарбыт өйөбүллэрин, көмөлөрүн чуолкай билэбит. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, биир дойдулаахтарбытыгар, волонтердарга улахан махталбын тиэрдэбин.
Байыаннай дьайыы кэмигэр тыһыынчанан байыастар күннэтэ дьоруойдуу быһыыны, булугас толкуйу, эр санааны көрдөрөллөр, бэйэлэрин дьоннорун хаһан да бырахпаттар. Онон фронт инники күөнүгэр сылдьар байыастар бары да наҕарааданы ылар кыахтаахтар, – диэн Дьоруой этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: