Арассыыйа Дьоруойа буолбут ефрейтор Филипп Евсеев хантан хааннааҕый, туох дьоннооҕуй-сэргэлээҕий?

Share

Филипп 1984 сыллаахха Сунтаар улууһун Күндэйэ бөһүөлэгэр төрөөбүтэ, үөрэммитэ. Кэлин Евсеевтэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр көһөн киирэн, олохсуйбуттара.

“Дьоруой уол эһээтэ, Илиҥҥи сэрииттэн “Японияны кыайыы иһин” мэтээллээх эргиллибит Евсеев Филипп Андреевич 1927 сыллаах төрүөх, Дьокуускайга “ФЗО”-ҕа үөрэнэ сылдьан, 17 саастаа­ҕар тылланан фроҥҥа барбыт. Эбээтэ Евсеева (Максимова) Мария Мисаиловна сэрии огдоо­ботун быһыытынан, куоракка таас дьиэ ылбыта.

Филипп Андреевич бииргэ төрөөбүт убайа Евсеев Петр Андреевич Москва көмүскэлигэр сэриилэһэн бааһыран, “Хорсунун иһин” мэтээллээх эргиллибитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕун аатын ылбыта. Бырааттыы Евсеевтэр иккиэн улахан тутааччылар этэ. Кинилэр туппут дьиэлэрэ билигин да Күндэйэҕэ бааллар.

Оттон Филипп ийэтэ Людмила Николаевна аҕата Ващенко Николай Прокопьевич Арҕаа фронтан “Хорсунун иһин” мэтээллээх кэлбит. Улахан уҥуохтаах, кыахтаах оҕонньор этэ. Элгээҥҥэ, Аттаах Тумулга Кыайыы күнүгэр көрсүһүүгэ эдэр дьону кытта тэҥҥэ мас тардыһан, күүстэрин үгэнигэр сылдьар уолаттары бэрэбиэркэлэтэлээн турар.

Филипп уолаттартан бастакынан күн сирин көрбүтүгэр, аҕата Александр киниэ­хэ эһээтин аатын биэрбитэ. Аҕата Александр Филиппович Байанайдаах булчут, ааттаах сылгыһыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, ханнык да үлэни кыа­йа-хото тутар үлэһит бэрдэ этэ. Филиппок уолчаан аҕатыттан үгүскэ үөрэммитэ. Күндэйэҕэ 7 кылааһы бүтэрбитэ. Кыра эрдэҕиттэн мэник, сытыы-хотуу, биир сиргэ түптээн олорбот оҕо этэ» диэн Күндэйэттэн Николай Егоров суруйар.

Кини Сунтаар 1-кы №-дээх орто оскуолатын бүтэрбитэ. 2002-2004 сылларга Хабаровскай кыраайга баран аармыйаҕа сулууспалаабыта. Онтон дойдутугар кэлэн, СПТУ-га киирэн, суоппар идэтин ылбыта. Былырыын Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыгар суоппарынан үлэлии сылдьыбыта. 2022 сыл күһүнүгэр быстах хомуурга ыҥырыллан барбыта. Кыратык үөрэнэн баран,  байыаннай дьайыы буола турар сиригэр алтынньыга тиийбитэ.

Филипп Александрович үс оҕолоох. Улахан кыыһа 9-с кылаас кэнниттэн педколледжка киирдэ, уола 8-с кылаас­ка үөрэнэр, кыра кыыһа Дьокуускайга Речевой оскуо­лаҕа үөрэнэр, кини истибэт уонна саҥарбат. Кэргэнэ Светлана Александровна уһу­йааҥҥа муусука педагогунан үлэлиир. Ийэтэ иллэрээ сыл инсульт кэннэ суох буолбута. Билигин баара буоллар, төһө эрэ үөрээхтиир этэ. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэлэр этэ, билигин эдьиийэ уонна балта бааллар.

Утумнааһын…

Арассыыйа Дьоруойдарын дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Кириэмилгэ бэйэтинэн “приемнаан”, икки чааһы быһа кэпсэппиттэрэ. Онно Филипп эһээтэ Ващенко Николай Михайлович Курскайдааҕы кырыктаах кыргыһыыга сэрии­лэспитин бэрэсидьиэн сэргии истибитэ, “бу Аҕа дойдуну көмүскүүр өй-санаа но­­руот хааныгар баар утумнааһын, көлүөнэлэр ситимнэрэ” диэн эппитэ.

“Бүгүн манна Курскай сиригэр судаарыстыбаннай наҕараа­даны тутар биһиги дьоруойдарбыт, байыаннай сулууспалаахтарбыт, байыан­най эпэрээссийэ кыттыылаах­тарын хорсун быһыылара, 1943 сыл сайын өстөөхтөрү кытта Курскай кыргыһыы дьоруойдарын албан ааттарыгар тэҥнээх”, — диэн бэрэсидьиэн бэлиэтээбитэ.

Эһээтэ Николай Михай­лович младшай сержант, минометчик, хорсун сэрииһит этэ. Бааһыҥкалар (Ващенколар) Кириэстээхтэн төрүттээхтэр. Эһэтэ 86 сааһыгар 2005 сыллаахха өлбүтэ. Кини сиэнигэр төрөөбүт дойдуга тапталы, эр киһилии эр санааны сахпыт буоллаҕа.

Арыы үрдүгэр уу дагдайбат

Интэриниэт ситимигэр “Алеша” тааҥка соҕотоҕун икки тааҥканы, алта бронемассыынаны утары ытыалаһар видеота икки ый буолан баран, Арассыыйаҕа эрэ буол­бакка, аан дойдуга киэҥник тарҕаммыта. Арассыыйа танкистарын хорсун быһыылара үгүстэри сөхтөрбүтэ. Онтон “Бастакы” ханаал суруналыыстара баран сюжет устубуттара. Ол кэмҥэ Филипп псо­риаз ыарыыта бэргээн, госпитальга киирэн эмтэнэ сытара. Онон кини оннугар ротнай хамандыыра лейтенант Расим Баксиков уһуллубута.

Оборуона министиэрис­тибэтэ тарҕаппыт суругар мэхээньик-суоппар бааһырбытын Баксиков солбуйбут диэн этэ. Онон Филипп хорсун быһыыта биллибэккэ хаалыан сөбө. Онуоха Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Саха сирин Москваҕа Бастайааннай бэрэстэбии­тэлэ, Байыаннай дьайыыга Сүрүннүүр киин салайааччыта Андрей Федотовка сурук суруйбута. Экипааһын хамандыыра Александр Леваков, биир сулууспалаахтара, Сүрүннүүр киин күүскэ туруорсан, дьэ, кырдьык кылбайда, өрөгөй үрдээтэ. Чахчыта, тааҥка экипааһын үс чилиэниттэн иккитэ саха буойуна буолара элбэҕи этэр. Оттон Александр Леваков Сахалинтан төрүттээх.

Оттон Филипп бэйэтэ этэринэн, “Алеша” тааҥкаҕа эмиэ Саха сириттэн төрүттээх Николай суоппардаабыт. Николай бааһырбытын кэнниттэн, Филипп солбуйбут. Онон бу видеоҕа көстөр аатырбыт кыргыһыыга Филипп Евсеев тааҥканы ыыта сылдьыбыт. Бэрэсидьиэн Путины кытта көрсүһүүгэ Леваков бу бааһыр­быт байыас наҕараадата суох хаалла диэн  долгуйбутун биллэрбитэ, онуоха Владимир Путин “ким да наҕараадата суох хаалыа суоҕа” диэн уоскуппута.

Соҕотоҕун – аҕыс адьарайы утары

–Биһиги туруоруллубут соруктары толорбуппут. Рациянан хамаандалаан иһэр буоланнар, ханна барарбытын да көрбөт этим. Кыра булгунньах бүөлүүр буолан, өстөөхтөр биһигини көрбөттөр этэ. Булгунньаҕы эргийэ сүүрдэн тахсаат, ытыалаан баран, төттөрү намыһах сиргэ чугуйарбыт. Ол кыргыһыы кэмигэр миэхэ барыта олус бытаан курдуга, видеоҕа көрдөххө, түргэн баҕайы эбит. Хамандыырым “Газ!” диэн хамаандалаатаҕын аайы, түһүнэн истэҕим дии. Онно Т-72Б 2 тааҥканы, 4 бронетранспортеры суох гыммыппыт. Мин ВСУ 10 тиэхиньикэтин урусхаллаабытым, – диэн Дьоруой кэпсиир.

Дьиҥэ, кэпсиир курдук судургу буолбатаҕа чахчы. Байыаннай эспиэр Виктор Мураховскай этэринэн, биир да тааҥканы үлэлээбэт оҥоруу олус уустук. Сэриигэ анаммыт, куйах бөҕөлөөх, сыаналаах тиэхиньикэлэр буоллахтара. Оттон “Алешаны” дроннар, эбэтэр ВСУ артиллерията буомбалаан кэбиһиэн сөбө. Бу кыргыһыыга кинилэр өстөөх холуоннатын урусхаллаан, кыайыы­лаах тахсыбыттар эрэ буолбатах, бэ­­йэлэрин дьоннорун – ытыллыбыт тааҥка экипааһын быы­һаабыттар.

Бүтүн Саха сирэ уруйдуур-айхаллыыр

Атырдьах ыйын 29 күнүгэр дьоруойдар Дьокуускайга көтөн кэллилэр. Кинилэри аэропорка Ил Дархан Айсен Николаев, дьиэ кэргэттэрэ, доҕотторо, биир дойдулаахтара уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.

– Чугас дьоммун, оҕолорбун көрсөн, олус үөрдүм, дьоллоннум. Уоппуска кэмигэр дойдубар бара сылдьыахпын, дьиэ кэргэммин кытта олоро түһүөхпүн баҕарабын. Фроҥҥа сылдьан биир дойдулаахтарбыт өйөбүллэрин, көмөлөрүн чуолкай билэбит. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, биир дойдулаахтарбытыгар, волонтердарга улахан махталбын тиэрдэбин.

Байыаннай дьайыы кэмигэр тыһыынчанан байыастар күннэтэ дьоруойдуу быһыыны, булугас толкуйу, эр санааны көрдөрөллөр, бэйэлэрин дьоннорун хаһан да бырахпаттар. Онон фронт инники күөнүгэр сылдьар байыастар бары да наҕарааданы ылар кыахтаахтар, – диэн Дьоруой этэр.

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

3 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago