Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоровтыын бырастыыластылар
«Дмитрий Николаевич төрөөбүт ийэ буора кинини ылыннын, биһиги Дмитрий Николаевиһы өйдүү-саныы сылдьыахпыт. Кини хорсун быһыыта хаһан даҕаны өлбөөдүйүө суоҕа. Биһиги кыайыахпыт!» – диэн санаатын үллэһиннэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Тихооеканскай флот гвардиятын муора пехотатын 155 туспа гвардейскай биригээдэтин стрелковай батальонун стрелковай салаатын ытааччыта Сунтар диэн позывнойдаах Дмитрий Егоров бала5ан ыйын 7 күнүгэр Новомайерскай диэн нэһилиэнньэлээх пуунтан чугас «Осина» диэн тирэх пууну штрумалааһыҥҥа кыттыбыта.
Төһө да өстөөх утары ытыалыыр күүһэ баһыйарын иһин, кини бастакынан өстөөх тирэх пуунугар кимэн киирбитэ. Хорсуннук киирсэн ВСУ түөрт салаатын үлтүрүппүтэ. Ордубут өстөөхтөр куотар аакка барбыттара. Дмитрий Егоров хорсун быһыытынан тирэх пуун биир да сүтүгэ суох сүрүн бөлөх кэлиэр диэри ылыллыбыта.
Балаҕан ыйын 9 күнүгэр, позицияны хаалларбакка, өстөөҕү киллэрбэккэ Дмитрий Егоров хорсуннук тыына быстыбыта. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уурааҕынан Дмитрий Николаевич Егоровка Арассыыйа Дьоруойа ааты иҥэрбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: