Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев оскуола оҕолорун кытта көрүстэ

Share

Судаарыстыбаннас күнүгэр  Маҕан оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеевы кытта көрүстүлэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оскуола пэдкэллэктиибэ уонна үөрэнээччилэр кытыннылар.  Оҕолор долгуйан туран «Алеша» тааҥка кыргыһыы толоонугар  кимэн киириитин видеоролигын көрдүлэр. Арассыыйа Т-80 тааҥката соҕотоҕун  ВСУ аҕыс бронетиэхиньикэтин кытта утары кимиилээхтик киирсибитэ.
Оҕолору кытта кэпсэтии кэмигэр Дьоруой оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан успуордунан, ол иһигэр буоксанан, тустуунан дьарыктаммытын кэпсээтэ. Оскуола аатыттан   педагог Галина Татаринова  Филипп Евсеевкэ оҕолор саллааттарга суруктарын, уруһуйдарын  итиэннэ инники кирбиигэ сылдьар  байыастарга баһыылка туттарда.

Бу бэлиэ күҥҥэ Арассыыйа Дьоруойа  Филипп Евсеев илиититтэн Маҕан оскуолатын үөрэнэччиилэрэ   Ярослав Дуплинскай, Арина Шевякова уонна  Анита Поскачина   пааспардары  туттулар.

Билигин Маҕантан байыаннай дьайыыга  29 киһи сылдьар.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

15 часов ago