Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргины кытта бибилэтиэкэҕэ көрүстүлэр
Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн көрсө бүгүн, ахсынньы 6 күнүгэр, Дьокуускай куорат «Книга 03» диэн Халтурин аатынан уулуссаҕа баар бибилэтиэкэҕэ Арассыыйа Дьоруойа, Ыччат миниистирин эбээһинэһин толорооччу Игорь Юргины кытта көрсүһүү буолла.
Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куорат 22-с, 23-с, 28-с №-дээх оскуолалар үөрэнээччилэрэ, физико-техническэй лиссиэй, креативнай индустрия кэллиэһин устудьуоннара кыттыыны ыллылар.
Игорь Юргин мустубут оҕолору, устудьуоннары кытта бэрт сэргэхтик кэпсэттэ. Бары ыйытыыларга бэрт сиһилии, судургутук кэпсээтэ, санаа үллэһиннэ. Ол курдук, байыаннай дьайыыга хайдах сылдьыбытын, туох санааттан барбытын ыйыталастылар. Дьоруойу кытта атах тэпсэн олорон күн ахсын кэпсэтиллибэт. Онон оҕолор тоҕоостоох долгутар ыйытыыларын биэрдилэр.
«Киһи оҕо сылдьан улааттаҕына ким буолуон сөбүн туһунан толкуйданар. Эһиги эмиэ толкуйданар сааскыт. Байыаннай дьайыыга сылдьан олоҕу атын хараххынан көрөҕүн. Күн ахсын олох туһугар, дойду иннигэр туруулаһыы. Киһи олоҕу сыаналыахтаах. Төрөөбүт дойдуга таптал дьиэ кэргэнтэн, төрөөбүт оскуолаҕытыттан, үөрэххит кыһатыттан тахсарын умнумаҥ», — диэн оҕолорго эттэ.
Бэлиэтээн суруйдахха, бибилэтиэкэҕэ үгүс тэрээһиннэр ыытыллаллар эбит. Бу туһунан бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ Анна Тодышева санаатын үллэһиннэ:
— Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн көрсө сыл ахсын бибилэтиэкэбитигэр тэрээһиннэри өрүү ыытабыт. Эрдэ маннык тэрээһиннэргэ Аҕа дойду сэриитин тыыл бэтэрээннэрин, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарын ыҥырар этибит. Ол курдук, номнуо хаһыс да сылбытын биһиги дьоруойдарга анаммыт тэрээһиммит ыытыллар. Бүгүн биһиги дьиҥнээх дьоруойу ыҥырарга быһаарынныбыт. Тэрээһиҥҥэ биһиги ааҕааччыларбыт, ыччат, оскуола оҕолоро кэллилэр. Бу күн оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар умнуллубаттык хаалыа диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: