Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов: “Дьоруой буолуу — улахан эппиэтинэс”
Арассыыйа Дьоруойун күнүн дэкээдэтин чэрчитинэн “Дохсун” спорткомплекска байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр анаан физкултуурунай-спортивнай күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар үс Арассыыйа Дьоруойа – Александр Колесов, Филипп Евсеев, Родимир Максимов кыттыыны ыллылар.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын РФ сенатора Сахамин Афанасьев, АГИП салайааччыта Георгий Михайлов, о.д.а. эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар.
Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов:
-Ахсынньы 9 күнүгэр Арассыыйа Дьоруойун күнэ бэлиэтэнэр. Бу билиҥҥи кэмҥэ олус сөптөөх, суолталаах даата буолар. Дойдуларын чиэһин көмүскээбит, сырдык тыыннарын толук уурбут уолаттары ахтар-саныыр ытык иэспит. Кинилэргэ, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө тиһигин быспакка барыахтаах.
Дьоруой буолуу араастаах, ким эрэ Үлэ Дьоруойа буолар. Итинник туохтан да толлубакка үлэлиэххэ, хорсуннук ийэ дойдугун көмүскүөххэ, дьоруой буолан төрөөбөттөр, дьоруой буола үүнэллэр.
Дьоруойдуу быһыы туһунан былырыын ыйыппыккыт буоллар мин сатаан эппиэттиэм суоҕа этэ. Билигин дьоруойдуу быһыы төрөөбүт дьиэттэн, оҕо эрдэхтэн саҕаланар дии саныыбын. Ийэҕин, дьиэ кэргэҥҥин көмүскүү, харыстыы саныырыҥ улам-улам улаатан, дойду көмүскэлигэр тиэрдэр. Дьоруой буолуу бу улахан эппиэтинэс, бастатан туран эдэр ыччакка холобур буолуу.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: