Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов: “Кыайыы хас күн ахсын чугаһаан иһэр”

Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов: “Кыайыы хас күн ахсын чугаһаан иһэр”

20.09.2024, 17:30
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыыга биһиги кыайыыбыт күннэтэ чугаһаатар чугаһаан иһэр. Маннык бигэ санаалаах Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов.

“Саллааттар бары кыайыы күн ахсын чугаһаан иһэрин билэллэр. Өйөбүл баар, барыта баар. Билигин биһиги хайысхабыт түргэнник хамсаан эрэр. Утарсааччы кыаҕын сүтэрдэ, аҕыйахтык ытыалыыр буолла”, — диэн кэпсиир Родимир Максимов.

Родимир Максимов ааспыт сыл ахсынньытыгар хантараакка илии баттаан, байыаннай дьайыы буола турар сиригэр 2024 сыл олунньу 3 күнүгэр кэлбитэ. РФ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан Саха сириттэн сылдьар штурмовикка икки суукканы быһа ВСУ-тан былдьаан ылбыт тирэх пууннарын тутан олорбутун, бойобуой доҕотторун кытта 30 боевигы суох гыммытын иһин Арассыыйа Федерациятын Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ.

“Бу бэһис дуу, алтыс дуу сорудаҕым этэ. Маныаха диэри атын саҥа кэлээччилэри кытта резервнэй бөлөххө сылдьыбытым. Ол киирсиигэ маннык түгэҥҥэ түбэһиэхпит эрэ дии санаабатахпыт, барыта этэҥҥэ баран иһэр ини дии санаабыппыт. Өстөөх бөҕөргөтүүлээх тиэхиньикэни туһанан, биэстэ контратааканы оҥорбута. Билигин санаатахха, олус ынырык эбит”, — диэн билинэр кини.

Бу хорсун быһыытын иһин кинини Арассыыйа Дьоруойугар  түһэрбиттэрин Родимир Максимов бу саас биирдэ билбитэ. Ыйаах тахсарын 4,5 ый кэтэспитэ. Бу кэм иһигэр чугас дьонун, доҕотторун эҕэрдэтин барытын туппута, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
8
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: