Арассыыйа Дьоруойдарын аҕаларыгар «Саллаат аҕата» мэтээллэри туттардылар

Арассыыйа Дьоруойдарын аҕаларыгар «Саллаат аҕата» мэтээллэри туттардылар

Ааптар:
22.02.2024, 10:36
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Москваҕа «Саллаат аҕата» диэн уопсастыбаннай билинии мэтээлин аан бастакытын туттардылар. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө үөрүүлээх быһыы-майгы РФ Уопсастыбаннай балаататыгар ыытылынна. Манна байыаннай эпэрээссийэ дьоруойдарын иитэн таһаарбыт 40 эр киһини мэтээлинэн бэлиэтээтилэр.

«Саллаат аҕата» мэтээли «Алеша» тааҥка наводчик-оператора Алексей Неустроев аҕатыгар Михаил Михайлович Неустроевка туттардылар. Алексей Арассыыйа тааҥкатын экипааһыгар киирэн, өстөөх аҕыс массыынатын урусхаллаабыта. Бу хорсун быһыынан Арассыыйа Дьоруойа буолары ситиспитэ.

Итиэннэ бу мэтээлинэн Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров аҕатын Николай Алексеевич Егоровы наҕараадалаатыгар. Дмитрий Егоров Донецкай Норуодунай өрөспүүбүлүкэ Новомайорскай нэһилиэнньэлээх пуунун аттыгар өстөөҕү кытта киирсэ сылдьан дьоруойдуу охтубута. Кини ВСУ штурмовой бөлөҕүн сороҕун эһэн, өстөөҕү тэйиппитэ. Ол эрээри улаханнык бааһыран, сырдык тыына быстыбыта.

«Биллэн турар, мин уонна мин оҕолорум, дьиэ кэргэним Дима дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун киэн туттабыт. Кини дойдутун — Арассыыйаны көмүскүү сылдьан өлбүтэ. Мин үтүө, туохтан да куттаммат уолу улаатыннарбытым», — диэн Николай Алексеевич Егоров уолун туһунан эттэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ «Саллаат аҕата» мэтээли дойду үрдүнэн 300-чэ киһиэхэ туттардылар. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
21
+1
1
+1
2
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: