Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Танда сэлиэнньэтиттэн төрүттээх Арассыыйа Дьоруойа, «Алеша» тааҥка наводчик-оператора Алексей Неустроев ийэлээх аҕатын дьиэлэрэ эрэннэриллибит киин ититэр ситимҥэ билиҥҥээҥҥэ диэри холбоно илигин туһунан социальнай ситимҥэ тарҕаммыта.
Билиҥҥи туругунан, Танда нэһилиэгэр 20 дьиэ киин ититэр ситимҥэ холбонон олорор. Эбии 19 ыалга быйыл киириэхтээх. Оттон Неустроевтар үрэх уҥуор олорор буолан, кинилэр дьиэлэрэ киин ититэр ситимҥэ холбонуллар кыаҕа суох эбит.
«Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар» диэн этии баар. Ол эрээри, өс хоһооно бу түгэҥҥэ сөп түбэспэт. Бу туһунан саас-сааһынан суруйаары, биһиги Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Иванович Аммосовка сибээскэ таҕыстыбыт.
Баһылык бу тарҕаммыт сурахха маннык эппиэти биэрдэ:
— Улуус дьаһалтатын салайар бөлөҕө Байаҕантай нэһилиэгэр тахсан балаһыанньаны билистибит. Неустроевтар дьиэлэригэр ититиини хааччыйарга эрдэтээҥҥи кэпсэтиинэн электрическэй сылытар тэриллэри туруорарга диэн быһаарыы ылыммыттар эбит. Онуоха уһаайбаларын, дьиэлэрин докумуоннара ситэтэ суох буолан, ити тэриллэри туруорарга Бороҕоннооҕу РЭС-тэн көҥүлү кыайан ыла иликтэр. Онон докумуоннарын ситэрэргэ үлэ барар. Электрическэй сылытар тэриллэри туруорарга дьиэ иһинээҕи уот ситимин нэһилиэк дьаһалтата тартарбыт, онон кинилэр көҥүл ыллахтарына, боруобалаан баран, кыайбат түгэнигэр өссө ханнык ньыманан бу кыһалҕаны быһаарыахха сөбүй диэн боппуруоска газгольдер туруоруохпутун сөп диэн быһаардыбыт. Дьоруой Алексей Неустроев дьонун дьиэлэрин ититиинэн хааччыйарга үлэ букатын барбакка турар диэн этии төрдүттэн сыыһа. Холобур, билигин оһохторун маһын нэһилиэк дьаһалтата хааччыйан олорор диэн бэлиэтиэххэ наада. Онон бу боппуруоһу быһаарарга сөптөөх үлэ ыытыллар.
Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроев ийэлээх аҕата иккиэн Дьокуускайдааҕы гериатрическэй балыыһаҕа сытан дьону-сэргэни кытта сэһэргэһэллэригэр, оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ олороллорун, олохторун-дьаһахтарын кэпсээн, социальнай ситим оргуйан турбута. Манна Дьоруой төрөппүттэрэ ама туох буруйдаах буолуохтарай? Кинилэр кими эрэ хараардар, үҥсэр соруга суох кэпсээннэрэ бэрт түргэнник тарҕаммыта. Биһиги Танда нэһилиэгин аҕа баһылыга Савва Иванович Егоровтыын сибээстэһэн балаһыанньа хайдаҕын сурастыбыт:
— Танда 626 нэһилиэнньэлээх. Киин ититиигэ сүүрбэ дьиэ холбонон турар. Эбии 19 дьиэни киин ититиигэ холбоору бэлэмнии сылдьабыт. Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроев төрөппүттэрин дьиэлэрэ бу ититиигэ холбоно илигин туһунан социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕаттылар. Ол эрээри, быһааран этэр буоллахха, дьиэ докумуона итэҕэс, регистрацияны ааһа илик буолан бытаарыы таҕыста.
Билигин уһаайбаларын докумуона дьэ бэлэм буолан, тиэхиньиичэскэй усулуобуйаларын бу күннэргэ ылыахтаахтар. Киин ититиигэ холбонуу туһунан этэр буоллахха, дьиэлэрэ тэйиччи турар, ОДьКХ тиэхиньиичэскэй өттүнэн холбуур кыаҕа суох. Ол иһин биһиги NIKATEN диэн дьиэни ититэр уот ситиминэн барар оһоҕу аҕалан туруорары былаанныыбыт. Ол эрээри, Неустроевтар дьиэлэрэ биир фазалаах уокка холбонон олорор, оттон оһоҕу түөрт фазалаах уот ситимэ кыайар. Онон билигин уһаайбаларын тиэхусулуобуйатын ыллылар даҕаны, биһиги түөрт фазалаах уот ситимин холбуохтаахпыт. NIKATEN диэн оһохпутун тиэйэн таһаарбыппыт. Маны таһынан, газгольдер диэн гаас ситиминэн ититиини инникитин эмиэ толкуйдуубут. Бу газгольдер емкоһы киин ититиигэ кыайан хапсыбат ыалларбытыгар туруоруохпутун баҕарабыт.
Евдокия Неустроева, Арассыыйа Дьоруойун бииргэ төрөөбүт балта:
— Мин Бороҕоҥҥо олоробун, бибилэтиэкэринэн үлэлиибин. Билигин уоппускам кэмигэр дьоммор көмөлөһө диэн Тандаҕа кэлбитим. Биһиги бииргэ төрөөбүт биэспит. Алексей бииргэ төрөөбүттэртэн саамай улахаммыт. Кини алтынньы 25 күнүгэр дойдутугар уоппускаҕа кэлбитэ, бу күннэргэ төннүөхтээх. Ийэлээх аҕам гериатрическэй кииҥҥэ доруобуйаларын тупсарына диэн киирэн сыппыттара. Ити байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин эмтэтии хайысхатынан этэ. Төрөппүттэрим туох даҕаны кэтэх санаата суох дьону-сэргэни кытта кэпсэтэ олорон саха дьонун сиэринэн оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ олороллорун кэпсээбиттэрэ социальнай ситимҥэ тарҕанан хаалбыт. Итинник тарҕаммытын төрөппүттэрим да, убайым да ааҕа, көрө иликтэр, барахсаттар сололоро даҕаны суох буоллаҕа. Билигин ийэбит Зарема Алексеевна Дьокуускайга уопсай реанимацияҕа сытар. Убайбыт Алексей ийэбитигэр баар. Бырааппыт Михаил аҕабытын көрөн Тандаҕа олорор. Дьиэҕэ ититии киирэрин туһунан этэр буоллахха, биһиги үрэх уҥуор олоробут, чахчы, биһиэхэ хайдах даҕаны киирэр кыаҕа суох. Бу күннэргэ улуус киинигэр киирэн дьиэбит докумуонун оҥорторо биэрбитим. Сотору бэлэм буолуохтаах. Ону сэргэ уот ситимин кыамтатын улаатыннарыыга көҥүл биэрбиттэрэ, онон сотору кэминэн электрическэй ититии холбонуохтаах. Билиҥҥитэ кирпииччэ оһоҕунан оттон олоробут, уот ситимигэр да холбонноххо, оһохпутун көтүрбэппит диэн быһаарыммыппыт. Ийэлээх аҕам, уоппускаҕа сынньана кэлбит убайым чуумпу эйгэлэрин уйгуурдан билигин киһи бөҕөтө эрийэр буолуохтаах да, билбэт нүөмэрдэрин олох ылбаттар. Кинилэр итинник дарбааннаах сонуннары, интэриниэт ситимин сэргээбэттэр даҕаны. Түмүкпэр нэһилиэкпит баһылыга Савва Ивановичка, улууспут баһылыга Василий Ивановичка махтанабыт. Туохха наадыйдыбыт даҕаны көмөлөһөргө бэлэмнэр. Бу сотору муус ылылыннаҕына, дьонум иһэр муустарын тиэйэн аҕалыахтара. Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү, өйөһүү былыр-былыргыттан саха дьонун үтүө үгэһэ буоллаҕа.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түһүөҕэ.…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…