Арассыыйа Дьоруойун иитэн таһаарбыт үөрэх кыһата

Share

Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс быйылгы үөрэх сылыгар киирэн баран, балаҕан ыйын 16 күнүгэр, үбүлүөйдээх 110 сылын бэлиэтиир. Ити күн 1914 сыллаахха учительскай семинария аһыллан үлэтин саҕалаабыт. Бу оччолорго олус улахан сабыытыйа этэ, эдэр ыччат миэстэтигэр үөрэнэр, идэ ылар усулуобуйата тэриллибитэ, олохтоох оҕолор үөрэх ылар кыахтаммыттара. Ол эрэл туолан, кылгас болдьох иһигэр семинария алын кылаас учууталларын уонна иитээччилэрин бэлэмниир үөрэх кыһатынан буолбута.

Мин 1979 сыллаахха, оччотооҕу Дьокуускайдааҕы бастакы нүөмэрдээх педучилище физкултуурунай салаатын бүтэрбитим уонна направлениенан Хабаровскайдааҕы пединститут физкултуурунай факультетын байыаннай салаатын бүтэрэн, анал үөрэхтээх военрук уонна физкултуура учуутала дипломнаах кэлэн, 1983-1992 сылларга үөрэммит кыһабар үлэлээбитим .

Хаартыска: ааптар тиксэриитэ

Училищеҕа 8 кылаас кэннэ киирбит устудьуоннар нэдиэлэҕэ 2-лии чаас начаалынай байыаннай бэлэмнэниини бараллара, ону таһынан араас байыаннай-патриотическай тэрээһиннэр хомсомуол тэрилтэтин кытары бииргэ былааннанан ыытыллаллара. Оччолорго хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн уопуттаах, элбэх идиэйэлээх тэрийээччи Денисова Маргарита Егоровна үлэлиирэ. Училище салалтата, дириэктэр САССР үтүөлээх учуутала Слепцов Молот Сергеевич байыаннай-патриотическай иитиигэ улахан болҕомтолорун уураллара, араас ыытыллар тэрээһиннэргэ бары өттүнэн өйөбүлү оҥороллоро. Училище физкултуурунай салаатыгар Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр, Афганистаҥҥа сулууспалаан кэлбит интернационал-буойуттары кытары 16-17 саастаах оҕолор үөрэммиттэрэ.

Сыл аайы Сэбиэскэй Аармыйа күнүн көрсө байыаннай-патриотическай иитии дэкээдэтэ ыытыллара. Дэкээдэ иһинэн бөлөхтөргө кылаас чаастара, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрин, интернационалист буойуннары кытары көрсүһүүлэр буолаллара, бүтэһигэр дэкээдэни “Чэйиҥ эрэ, уолаттар” куонкуруһунан түмүктүүрбүт.

Хайыһар преподавателэ, хайыһарга успуор маастарыгар хандьытаат, Винокуров Дорий Ивановиһы кытары 4 төгүл хайыһар дэсээнин оҥорон турабыт: Дьокуускай – Саһыл Сыһыы – Дьокуускай; Дьокуускай – Танда – Дьокуускай; Дьокуускай – Көбөкөн – Дьокуускай. Маннык дэсээннэргэ устудьуоннар тулуур, эппиэтинэс, дьиҥнээх доҕордоһуу өйдөбүлүн иҥэринэллэрэ, хонуу усулуобуйатыгар сатабылаах буолууга үөрэнэллэрэ.

Педучилище выпусниктара эт-сиин өттүнэн сайдыылаах, байыаннай бэлэмнэниигэ чиҥ билиилээх буоланнар, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр туйгуннук сулууспалыыллара уонна аармыйа кэнниттэн үгүстэрэ быраабы харыстыыр уорганнарга сулууспалаабыттара. Олор истэригэр киэн тутта ааттыыбын бойобуой наҕараадалардаах эписиэрдэри: Коваленко Геннадийы, Кочмарев Олегы, Колесов Александры, Коваленко Александры, Хворостянай Геннадийы, о.д.а. Бу бары училищеҕа 8-с кылаас кэнниттэн киирэн, байыаннай бэлэмнэнии уруогун барбыт уолаттар.

Колесов Александр бойобуой суола Приднестровье конфлигыттан саҕаламмыта, бастакы чеченскэй сэрии кыттыылааҕа. Украинаҕа ыытылла турар анал байыаннай дьайыыга “Боотур-1” добровольческай этэрээт хамандыыра. “Арассыыйа Дьоруойа” үрдүк наҕарааданы 2023 сыллаахха дойдубут Бэрэсидьиэниттэн В.В. Путинтан туппута.

Кини өссө 1998 сыллаахха “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта, Эр санааланыы уордьан кавалера. ЯПУ-1 физкультурнай салаатыгар 1988-1991 сс. үөрэммитэ. Бу оҕолор мин педучилищеҕа таһаарбыт бүтэһик выпуһум этэ. Ити кэннэ Сойуус ыһыллан, оскуолаларга уонна орто үөрэх кыһаларыгар НВП оннугар ОБЖ диэн биридимиэти үөрэтэр буолбуттара. Мин ити сыл Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнин Дьаһалтатыгар үлэҕэ ыҥырыллан, онно киирбитим.

Арассыыйа Дьоруойа үөрэммит куурсун куратора САССР үтүөлээх тириэньэрэ, ССРС физкултуураҕа уонна успуорка туйгуна, хайыһар успуордун методист-преподавателэ Винокуров Дорий Иванович. Дорий Иванович 40 сыл биир сиргэ үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, уһуннук үтүө суобастаахтык үлэлээбит үөрэҕин кыһатын үбүлүөйүн көрсө 82 сааһын туолуоҕа.

Физкултуурунай салаа сэбиэдиссэйинэн САССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, ССРС физкултуураҕа уонна успуорка туйгуна Масагутова Вера Петровна уһун сылларга олус ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини хас биирдии физкультурникка ийэлии амарахтык сыһыаннаһара, дэлэҕэ даҕаны “маамабыт” диэн ааттыахтара дуо. Вера Петровна педучилищеҕа 47 сыл үлэлээбитэ, онтон 35 сылын физкультурнай салаа сэбиэдиссэйинэн. Ити сылларга физкультура учууталын дипломун 1583 выпускник ылбыта, олор ортолоругар сүүс ССРС успуордун маастара, успуор маастарыгар хандьытааттар уонна алта Аан дойдутааҕы кылаастаах маастар. Хомойуох иһин, Вера Петровна билигин биһиги кэккэбитигэр суох.

Буолаары турар педколледж 110 сыллаах үбүлүөйүнэн дириэктэри, биһиги выпусникпытын, үөрэппит устудьуоммун Николаева Изольда Ивановнаны, педкэлэктииби, устудьуоннары, техүлэһиттэри эҕэрдэлиибин, бу биир саамай кырдьаҕас, киэҥ устуоруйалаах үөрэх кыһатын үтүө аатын өрүү үрдүктүк тута сылдьыахтара диэн эрэнэрбин биллэрэбин!

Быйылгы үбүлүөйү Арассыыйа Дьоруойдаах көрсөбүт, бу педколледж кэлэктиибигэр улахан чиэс уонна бочуот, үөрэхпит кыһатын устуоруйатыгар саҥа кэрдиис кэм!

Валерий Лыткин, 1983-1992 сылларга ЯПУ-1 военруга, үлэ-успуор бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Хаартыскаларга:

  1. Физкультурнай салаа сэбиэдиссэйэ, САССР үтүөлээх учуутала Масагутова В.П. уонна ЯПУ-1 педпрактикаҕа сэбиэдиссэйэ, САССР үтүөлээх учуутала Крусь Г.В. кытта.
  2. Училищеҕа байыаннай дьыалаҕа үөрэппит уолум Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесовтыын.
What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

7 часов ago