Арассыыйа дьылҕата — биһиги дьылҕабыт

Share

Элбэҕи куолулаабакка, биһиги сахалар дойдубут көмүскэлигэр ыраахтааҕылаах Арассыыйаттан саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри турунан туруулаһан кэллибит диэн эрэллээхтик этэбин.

Ыраата барбакка, икки холобуру аҕалабын. Холобур, ааспыт Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар аҥардас биир дьиэ кэргэнтэн биһиги хаан уруу дьоммут: эһэлэрбит, таайдарбыт эйэлээх олоҕу уһансыбыттара. Бу биир дьиэ кэргэнтэн биэс киһи. Оттон билигин буола турар байыаннай дьайыыга, аны, төрөппүт оҕом баран эрэр. Уолум үөрэтэн, толкуйдаан баран барарга быһаарыммыт. Мин санаабар, оҕом итинник толкуйдуур эбит буоллаҕына, өй-санаа, уйулҕа өттүнэн бэлэмнээх баран эрэр. Ону таһынан, күүс-уох өттүнэн куһаҕана суох. Оҕобунаан Сайсары күөлгэ киирэн элбэхтэ сүүрээччибит, «Юность» стадиоҥҥа дьарык эмиэ таах хаалбат дии саныыбын. Онон этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр саарбахтаабаппын.

Суруйуубун Арассыыйа дьылҕата — биһиги барыбыт дьылҕабыт диэн этиинэн түмүктүүбүн.

Иван Сивцев-Бээди

Хаартыска ааптар тиксэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago