Сочига “Сириус” базатыгар сэтинньи 27—29 күннэригэр эдэр учуонайдар мунньахтара буолан ааста. Бу тэрээһин 2022 сылтан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этиитинэн ыытыллар.
Тэрээһиҥҥэ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн, тас дойдулартан барыта сэттэ тыһыынчаттан тахса учуонай кытынна. Ол иһигэр Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэриттэн уонна 63 тас дойдуттан. Кыттааччылар гуманитарнай наукалартан саҕалаан космоска, квантовай технологияҕа, биомедицинаҕа тиийэ үгүс бырайыагы көмүскээтилэр.
Санатан эттэххэ, Владимир Путин Арассыыйаҕа 2031 сылга диэри Наука уонна технология сылларынан биллэрэн турар. Онон сибээстээн эдэр учуонайдар 2036 сылга диэри наука хайа диэки сайдыаҕын барыллаан көрдүлэр. Кэнгириэс дьыалабыай бырагырааматын чэрчитинэн икки сүүсчэкэ курдук тэрээһин ыытылынна. Ол иһигэр “төгүрүк остуоллар”, наукаҕа тирээн турар боппуруостарга аһаҕас кэпсэтиилэр, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, лиэксийэлэр буолан аастылар. Манна искусственнай интеллегы экэниэмикэ бары эйгэтигэр киллэрии туһунан кэпсэтии болҕомто киинигэр турда.
Ону сэргэ кэнгириэс иһинэн БРИКС түмсүү эдэр учуонайдарын пуорума буолан ааста. Манна 180 дэлэгээт кытынна. Санатан эттэххэ, былырыын бу түмсүүгэ Египет, Эфиопия, Иран, Холбоһуктаах Арааб Эмираттара, Саудовскай Аравия киирбиттэрэ. Татарстаҥҥа быйыл буолан ааспыт БРИКС түмсүүтүн саммитын кыттыылаахтара бу тэрээһини болҕомто киинигэр ылан тураллар.
Кэнгириэс биир сүрүн тэрээһининэн, үгэс курдук, Арассыыйа технологияҕа сайдыытын быыстапката буолла. Быыстапкаҕа барыта биэс уонтан тахса хампаанньа кытынна. Ол иһигэр “Росатом”, “Сибур”, “Икс Холдинг”, “Ростех”, “Сбер”, “Яндекс” курдук улахан судаарыстыбаннай корпорациялар. Кэнгириэс успуорка, култуураҕа эмиэ араас тэрээһини ыытта. Ол курдук, дуобакка, саахымакка, хоккейга маастар кылаастар ыытылыннылар, тэрээһин кыттааччылара футболга күрэхтэстилэр.
Бүгүн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Москваҕа кэнгириэс кыттыылаахтарын кытары көрсүөҕэ.
Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…
Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…
Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…
Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…
Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…
Оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннарын күнэ — сылын ахсын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ахсынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр. Оҕолор уопсастыбаннай…