Арассыыйа экэниэмикэтин көрдөрүүтүнэн инники иһэр
2023 сыл түмүгүнэн дойду экэниэмикэтин сайдыытынан бастыҥнар кэккэлэригэр киириэҕэ. Бу туһунан Экэниэмикэ сайдыытын миниистирэ Максим Решетников РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытары көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ.
Миниистир Максим Решетников иһитиннэрбитинэн, атын дойдулары кытары тэҥнээтэххэ, Арассыыйаҕа сыана үрдээһинэ намыһах. Бу көрдөрүү кулун тутарга 3,5 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит. Оттон муус устарга 2,6 бырыһыан буолбут.
— Былырыын сыана үрдээһинин бохсууга миэрэлэри ылбыппыт түмүгэр быйыл көрдөрүү быдан намыһах буолла, — диэн бэлиэтиир кини.
Миниистир дакылаатыгар экэниэмикэ сайдыытынан быйыл Арассыыйа бастыҥ дойдулар ахсааннарыгар хайа баҕарар киирэр кыахтааҕын иһитиннэрдэ.
— 2023 сылга бастыҥ экэниэмикэлээх дойдулар экэниэмикэлэрин сайдыыта 1,3–1,6 бырыһыан буолуоҕа диэн сабаҕалыыллар. Биһиги дойдубут көрдөрүүтэ сыл түмүгүнэн, 1,2 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэҕэ диэн сыаналыыбыт. Ол эрээри ааспыт сыллааҕы түмүктэри ылан көрдөххө, бу сыыппара биһиги былааннаабыппытынааҕар куруутун үрдүк буолар. Онон экэниэмикэбит сайдыытын көрдөрүүтүнэн быйыл бастыҥ дойдулар ахсааннарыгар киирэр кыахтаахпыт, — диэн иһитиннэрэр кини.
Экэниэмикэ көрдөрүүлэригэр, миниистир этэринэн, нэһилиэнньэ дохуота үрдээһинэ улахан оруолу ылар.
— Нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуота сыл түмүгүнэн түөрт бырыһыан үрдүөҕэ диэн сабаҕалыыбыт. Манна, бастатан туран, хамнас улахан оруолу ылар. Дьиҥ илиигэ ылар хамнас 5,4 бырыһыан үрдүөҕэ. Манна даҕатан эттэххэ, эһиил хамнас алын кээмэйэ 18,5 бырыһыан үрдээри турар. Иккиһинэн, социальнай төлөбүрдэр сылын аайы индексациялана тураллара эмиэ дохуот көрдөрүүтүгэр улахан суолталаах. Уонна үсүһүнэн, бизнес дохуота эмиэ бу көрдөрүүгэ киирсэр, — диэн этэр Максим Геннадьевич.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: