РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн Арассыыйа түөрт саҥа эрэгийиэнигэр, Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэргэ, Запорожье, Херсон уобаластарыгар байыаннай балаһыанньаны биллэрдэ. Оттон атын эрэгийиэннэргэ бэлэмнэнии олохтонно.
Украинаны кытары кыраныыссалаһан олорор эрэгийиэннэргэ, Крымҥа, Севастопольга, Краснодар кыраайыгар, Белгородскай, Брянскай, Воронежскай, Курскай, Ростов уобаластарыгар, орто таһымнаах бэлэмнэнии биллэрилиннэ. Онтон атын киин уонна соҕуруу федеральнай уокуруктар эрэгийиэннэригэр үрдүк таһымнаах бэлэмнэнии олохтонно. Ону таһынан Арассыыйа атын субъектара нэһилиэнньэҕэ куттала суох буолууну хааччыйыыга бэлэмнэниэхтэрэ.
Владимир Путин иһитиннэрбитинэн, эрэгийиэн салайааччылара миэстэтигэр куттала суох буолууну хааччыйыыга эбии боломуочуйа ылыахтара. Тас дойдуларга баар консульстволар сабыллыбаттар. Мунньахха Херсон уобалаһыттан ураты атын эрэгийиэннэр олохтоохторун көһөрүү барбатын эттилэр.
Саҥа сылбыт бу тиийэн кэллэ. Сорохтор “Саҥа дьылбыт” диэхтэрэ. Ол эрээри, тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар…
Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -23 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Биэс сыллаах тохтобул кэнниттэн Судаарыстыбаннай Кириэмил дыбарыаһыгар бастыҥ устудьуоннарга, үөрэх олимпиадаларын, айар куонкурустар, спортивнай күрэхтэһиилэр…
Сыл саамай хараҥа, тымныы бастакы ыйын туһунан Тускул үгэс быһыытынан билгэлээтэ. - 2026 сыл -…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биир киһи хаһыс да төгүлүн арыгы иһэн баран, массыынаны ыытан, сууттанна. …
Саҥа дьыл буолара үс эрэ күн хаалла. Эрдэттэн хааччымматах дьон билигин тугу бэлэхтиибит диэн толкуйга…