Арассыыйа илиҥҥи дойдуларга сабыдыала күүһүрэр

Арассыыйа илиҥҥи дойдуларга сабыдыала күүһүрэр

14.09.2024, 09:00
Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа уон биэс дойду кыттыылаах “Океан‑2024” диэн байыаннай улахан үөрэтиини ыытан саҕалаата. Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин иһитиннэрбитинэн, муораларга манныкка хабааннаах байыаннай үөрэтии өтөрүнэн буола илик.

Байыаннай үөрэтии

Байыаннай үөрэтии Тиихэй, Хотугу муустаах акыйаан муораларыгар, Средиземнэй, Каспийскай, Балтийскай муораларга ыытыллар. Владимир Путин этэринэн, бу кэлиҥҥи отучча сыл иһигэр саамай улахан үөрэтии буолар. Устуоруйаттан ылан эттэххэ, маннык үөрэтии Сэбиэскэй Сойуус саҕана 70–80‑с сылларга ыытыллыбыта биллэр.

— Бу кэлиҥҥи отучча сыл иһигэр муораҕа улахан үөрэтиибит буолар. Тиихэй, Хотугу муустаах акыйааннарга, Средиземнэй, Каспийскай, Балтийскай муораларга тэҥинэн ыытыллыаҕа. Арассыыйа флотун таһынан Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин хараабыллара, авиациялара кытталлар. Ону таһынан өссө уон биэс судаарыстыба ыҥырыллыбыта. Доҕордуу судаарыстыбаларбытын кытары үөрэтии ыытарбыт биһиэхэ улахан суолталаах, буолаары буолан, билиҥҥи кэмҥэ, — диэн этэр.

Үөрэтии сыала-соруга биллэр — байыаннай флоту бэрэбиэркэлээһин. Арассыыйа оборуонатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, манна барыта 400‑тэн тахса байыаннай аал, муора авиациятыттан сүүстэн тахса көтөр аал, ону таһынан, тыһыынчанан байыаннай тиэхиньикэ кыттар. Ону сэргэ Кытай аармыйатын флота кыттыһар. Үөрэтии балаҕан ыйын 10–16 күннэригэр ыытыллыаҕа.

Бэрэсидьиэн “Океан‑2024” үөрэтии саҕаланыан иннинэ быһа сибээһинэн мунньах ыыппыта. Онно кини Америка Холбоһуктаах Штаттара Арктикаҕа, Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр байыаннай күүһүн өссө күүһүрдэн эрэрин бэлиэтээн эппитэ.

— Америка Холбоһуктаах Штаттара Арассыыйаттан көмүскэнэбит, Кытайы тутабыт диэн ааттаан Арассыыйа арҕааҥҥы өттүгэр, Арктикаҕа, Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр байыаннай күүһүн өссө улаатыннарда. Манан сибээстээн этэбин, Арассыыйа хайа баҕарар балаһыанньаҕа, хайа да түгэҥҥэ бэлэм буолуохтаах.

Биһиги Сэбилэниилээх Күүстэрбит суверенитеппытын, национальнай интэриэспитин көмүскүүргэ бэлэм туруохтаахтар, ол иһигэр акыйааҥҥа, муораларга, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Владимирович.

Ону таһынан кини Муора байыаннай флотун күүһүрдүү бара турарын эттэ. “Манна өссө эбэн этиэм этэ, Муора байыаннай флотун күүһүрдүүбүтүн салгыы ыытан иһэбит. Ол иһигэр стратегическэй суолталаах ядернай өттүн эмиэ”, — диэн иһитиннэрдэ.

Бу үөрэтиини ыытыы туһунан былырыын өссө оборуона миниистиринэн олорон Сергей Шойгу иһитиннэрбитэ. Манна эмиэ устуоруйаттан ылан этиим, үөһээ этэн аһарбытым курдук, “Океан” үөрэтии “тымныы сэрии” саҕана хаста да ыытыллыбыта. Мантан 70‑с сылларга ыытыллыбыт үөрэтии кэнниттэн Америка Холбоһуктаах Штаттара Сэбиэскэй Сойуус күүһүн

билииммиттэрэ диэн суруйаллар. Онон билигин отуттан тахса сыл буолан баран акыйааннарга үөрэтиини ыытыы, өссө эбиитин Кытай флотун кытары кыттыгас бырайыагы саҕалааһын — бу туһааннаахтарга улахан сэрэтии буолар диэн өйдүөххэ сөп.

Арассыыйа илиҥҥи дойдуларга

Владимир Путин быйыл бэрэсидьиэнинэн хат талыллаат, тас дойдуларга командировкатын Кытайтан саҕалаабыта. Онтон Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин дойдуларыгар (СНГ), Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр (АТР) дьыалабыай сырыытынан баран кэлбитэ. Бу кэлин Монголияҕа сырытта. Бу туһунан хаһыаппыт инники нүөмэрдэригэр сырдатан турабын.

Бэрэсидьиэн бу командировкаларын сөрүү тардан көрдөххө, кини сүрүн болҕомтотун илиҥҥи дойдуларга уурда, урукку Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэлэрин кытары сыһыаны өссө чиҥэтэн биэрдэ. Азияҕа Казахстаны, Узбекистаны, Кавказ эрэгийиэннэригэр Азербайджаны кытары үлэлэһии биһиги дойдубутугар стратегическэй суолталаахтар. Хайа уонна быйыл Арассыыйа Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр, БРИКС түмсүүтүгэр бэрэссэдээтэллээн олорор дии. Онон аан дойду барыта ыаҕастаах уу курдук дьалкыйа турдаҕына, бу түмсүүлэргэ баар дойдулары кытары сыһыаны чиҥэтии суолтата улахан. Холобур, БРИКС түмсүүтүгэр билигин Арассыыйаны, Бразилияны, Кытайы, Индияны, Соҕуруу Африканы таһынан Араб Холбоһуктаах Эмираттара, Иран, Египет, Эфиопия бааллар. Ону таһынан өссө уонтан тахса судаарыстыба чилиэн быһыытынан киирээри сайабылыанньа суруйан олороллор. Ол иһигэр Хара муораҕа биир улахан суолталаах дойдубут — Турция.

Оттон Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэриттэн Кытайы, Хотугу Кэриэйэни, Вьетнамы кытары доҕордуу сыһыан байыаннай да, уопсай бэлиитикэ, экэниэмикэ да өттүнэн эмиэ суолтата улахан. Манна өссө Монголияны эбэн биэр. Онон кэлэр биир уонча сылга арҕааҥҥы дойдулартан тэйэн биэрэн, бу дойдулары кытары үлэлэһиибит өссө күүһүрүөҕэ диэн этиэххэ сөп.

Түмүк

Түмүк быһыытынан, аҕыйах этиини суруйдахха, биһиги дойдубут аарыма аал кэриэтэ. Атлантическэй, Тиихэй, Хотугу муустаах акыйааннарга, уонтан тахса муораларга тахсар, хас да судаарыстыбаны кытары уу суолун бииргэ тутар. Ааҕааччым, бэйэҥ да билэн олороҕун, урут да, билигин да уу бу олохпут хорук тымыра, уу суолун хайа да судаарыстыба үрдүктүк тутар. Ону сэргэ дойдубут илин диэки хайыспыта биһиэхэ, Саха сирин олохтоохторугар, үгүс саҥа арыйыылары аҕалыан сөп. Манна биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев Азия дойдуларын, Азия, Тиихэй акыйаан кытылын судаарыстыбаларын кытары үлэлэһиитин санаан кэллим. Кырдьыга да, биһиги икки кынатынан сайдыахтаахпыт.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: