Салгыы
Арассыыйа илиҥҥи дойдуларга сабыдыала

Арассыыйа илиҥҥи дойдуларга сабыдыала

16.08.2024, 09:00
Хаартыскаҕа: Арассыыйа бу чааһыгар этэр этиитэ биир – Палестина туспа судаарыстыба буолуохтаах. РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспатын саайтыттан
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Палестина судаарыстыбатын салайааччыта Махмуд Аббас Москваҕа кэлэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнин Владимир Путины кытары көрсөн барда. Палестина дэлэгээссийэтэ Москваҕа 2005 сылтан элбэхтик кэлэн барда да, бу сырыыта аан дойду бэлиитикэтин хонуутугар, буолаары буолан, билигин Европа эҥээрин кыйа сытар илиҥҥи дойдуларга балаһыанньа уустугурбут кэмигэр, ураты суолталанна.

Палестина уонна Израиль

Бу көрсүһүү ис хоһоонун суруйуом иннинэ Палестина уонна Израиль иирсээннэрэ туохтан төрүөттэммитин ылан көрүөххэ. Бу иирсээн олус киэҥ уонна дириҥ силистээх-мутуктаах. Устуоруйаны сэгэтэн көрдөхпүтүнэ, сүүрбэһис үйэҕэ диэри Израиль судаарыс­тыбата диэн ханна да ахтыллыбат. Израиль олох кэлин, аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн Палестинаны аҥаардааһын түмүгэр автономиятын ылыммыта. Ити иннинээҕи устуоруйаттан ыллахха, уон тохсус үйэ бүтүүтэ Палестинаҕа еврей омугу олохтооһун саҕаланар. Оччолорго Палестина Осман импиэрийэтин састаабыгар киирэрэ. Ол эрээри аан дойду бастакы сэриитин кэнниттэн Осман импиэрийэтэ үрэллэн, сирин-уотун барытын былдьаппытын түмүгэр, Палестина Англия көрүүтүгэр-истиитигэр киирбитэ. Великобритания Палестинаҕа мандаат ылаат, аны икки улахан быһаарыныы ылынар.
Бииринэн, араб омук Палестинаҕа бэйэтин судаа­рыстыбатын тэрийэригэр этэр. Иккиһинэн, устуоруйа­ҕа хаалбыт Бальфур декларацията диэн оччотооҕуга Великобритания тас дойдулары кытары үлэлэһэр миниис­тирин аатынан докумуону таһаарар. Бу Декларациянан, Палестинаҕа еврей омук нация быһыытынан сайдарыгар көҥүлү биэрэр. Онон сүүрбэһис үйэ саҥатыгар Палестинаҕа еврейдэр түҥ былыр олорбут сирдэригэр төннүүлэрэ саҕаланар. Биллэн турар, үгүс киһи биирдэ халыйан кэлбитин сөбүлээбэккэ, олохтоохтор өрө туран кэбиһэллэр. Ол түмүгэр аан дойду иккис сэриитин кэмигэр диэри Палестинаҕа хаста да ис айдаан тахсар. Устуоруктар бу ис айдааны Германия сэрии кэмигэр бэ­­йэтин туһатыгар иилэ хабан ылан, Великобританияны кэбирэппитэ диэн суруйаллар. Кырдьык, сэрии бүппүтүн кэннэ эйэлээх олоххо Палестина боппуруоһун быһаарыы Сэбиэскэй Сойуус, Америка Холбоһуктаах Штаттарын уонна Англия бэбиэс­кэлэригэр биир бастакынан туруорар боппуруостара буолбута. Великобритания бу иирсээ­ни кыайан быһаарар кыаҕым суох диэн, Палестинаттан мандаатын уһулан, манна икки судаарыстыбаны тэрийэргэ Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэригэр этии киллэрэр. ХНТ, норуоттар икки ардыларынааҕы боппуруостары быһаа­рар улахан түмсүү, ити кэмҥэ саҥа тэриллэн эрэрэ.
1947 сыллаахха күһүн ХНТ Палестинаны аҕыс гына араа­рарга резолюция таһаа­рар. Манна саамай сүрүнэ, Иерусалим ханнык да сиргэ бас бэриммэт норуоттар икки ардыларынааҕы эрэсии­минэн салаллар куорат буолан хаалыахтааҕа. Ол эрээри Палестина бу резолюцияны ылыммат. Оттон Израиль 1948 сыл сааһыгар Великобритания Палестинаттан мандаатын уһулара биир күнэ хаалбытын кэннэ тутуу баттаһан, ХНТ эппит сирдэрин ылабын диэн тутулуга суох еврей судаарыс­тыбатын тэрийбитинэн барар. Маны истэн, араб дойдулара бары кэриэтэ Израильга өрө туран кэбиһэллэр. Онон эмиэ улахан сэрии саҕаланар. Ол да буоллар, Израиль ХНТ чилиэ­нэ буолан, туспа судаарыстыба быһыытынан билиниллэр. Оттон Палестинаҕа ити гынан туспа судаарыстыба тэриллибэккэ хаалар.
Палестина билигин икки гына арахсан олорор. Биир өттүн Палестина национальнай дьаһалтата көрөр, иккиһин – Газа куорат эҥээрин – ХАМАС дьаһайан олорор. Бу туһунан хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр суруйбуппут. 2007 сылга диэри Палестина Газа куорат эҥээрин эмиэ көрөн олороро, биир тылга киирсэллэрэ. Ол эрээри кэлин атырдьах маһыныы арахсан, тус-туспа дьаһалта тэринэн олороллор.
Арассыыйа бу чааһыгар этэр этиитэ биир – Палестина туспа судаарыстыба буолуохтаах. Бу туһунан икки дойдулар лиидэрдэрэ Москватааҕы көрсүһүүлэригэр эмиэ кэпсэттилэр.

«Араллаан тахсыбыт төрдө-төбөтө олус дириҥ. Бастатан туран, норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүлэр, чуолаан Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрэ (ООН), Палестина тутулуга суох судаарыстыба буолуохтааҕын туһунан таһаарбыт этиитин туора сотон кэбиһиини кытары сибээстээх. Арассыыйа бу боппуруоска санаата биир уонна уларыйбат: эрэгийиэн олоҕо чөлүгэр түһэригэр ХНТ бары быһаарыныытын ылыныахха наада. Бастатан туран, Палестина судаарыстыбатын тэрийии туһунан боппуруоһу көтөҕүөххэ.»

Палестина уонна Арассыыйа

Арассыыйа бэрэси­дьиэнэ Владимир Путин былырыын Палестинаҕа Илиҥҥи Иерусалим киин куораттаах туспа судаарыстыба тэрил­лиэн наада диэн иһитиннэрбитэ. Бу да сырыыга кини Палестина туһунан:
– Араллаан тахсыбыт төрдө-төбөтө олус дириҥ. Бастатан туран, норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүлэр, чуолаан Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрэ (ООН), Палестина тутулуга суох судаарыстыба буолуохтааҕын туһунан таһаар­быт этиитин туора сотон кэбиһиини кытары сибээс­тээх. Арассыыйа бу боппуруос­ка санаата биир уонна уларыйбат: эрэгийиэн олоҕо чөлүгэр түһэригэр ХНТ бары быһаарыныытын ылыныахха наада. Бастатан туран, Палестина судаарыстыбатын тэрийии туһунан боппуруоһу көтөҕүөххэ, – диэн эттэ.
Былырыын алтынньыга Палестина судаарыстыбатын бэрэсидьиэнэ Махмуд Аббас Казахстаҥҥа Владимир Путины кытары көрсүһүүтүгэр Арассыыйа бу боппуруоска баһылыыр оруолу ылара буоллар диэн баҕа санаатын эппитэ. Бу көрсүһүүтүгэр кини эмиэ итини тоһоҕолоон эттэ.
– Аан дойду быраабыгар биһиги боппуруос­пут 1947 сылтан көтөҕүллэр. Бу кэмтэн ыла тыһыынчаттан тахса араас быһаарыы, Генеральнай Ассамблея, Куттал суох буолуутун сэбиэтин резолюциялара ылынылыннылар. Ол эрээри Палестина но­­руотун туһугар Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрэ, Америка Холбоһуктаах Штаттарын баттааһынынан, биир да күттүөннээх быһаарыныыны ылыммата, бэйэтин миссиятын кыайбата. Мин уруккуттан Арассыыйа куруутун быраап, кырдьык иһин туруулаһарын билэбин. Арассыыйаны кытары биһиги өрүү сибээстэһэ, билсэ олоробут. Санаабыт биир, Палестина судаарыстыба буоларын ситиһиэхпит диэн эрэнэбин, – диэн иһитиннэрдэ.
Онон бу көрсүһүүттэн ылан эттэххэ, Европаттан чугас сытар илиҥҥи дойдуларга Арассыыйа быһаарар оруолу ылан, манна дьайар күүһэ улаа­тан эрэрэ көһүннэ.

Түмүк оннугар

Палестина салайааччыта Махмуд Аббас Москва кэнниттэн Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоганы кытары көрүстэ. Бу көрсүһүү НАТО сиригэр-уотугар буолбута эмиэ дьикти. Билигин Америка Холбоһуктаах Штаттара Израильга көмө-тирэх буола олороллор. Турцияҕа Ираҥҥа ХАМАС лиидэрэ өлөрүллүбүтүн кэннэ Инстаграм социальнай ситим икки нэдиэлэ сабыллан турбута. Онон эмиэ интэриэ­һинэй түгэннэр тахсыта­лаан эрэллэр.
Илиҥҥи дойдуларга күһэҥэ быата быстыбатар ханнык.

Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: