Арассыыйа ис кыаҕын сөпкө туһанна
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин арҕааҥҥы дойдулар араас хааччаҕы киллэрбит кэмнэригэр Арассыыйа ис кыаҕын сөпкө туһаммытын, бэйэтин кыаҕар эрэлэ өссө улааппытын бэлиэтиир “Валдай” норуоттар икки ардыларынааҕы кэпсэтии былаһааккатыгар.
Владимир Путин этэринэн, арҕааҥҥы дойдулар киллэрбит хааччахтара Арассыыйа бэйэтин кыаҕын туһанарыгар төһүү буолбут.
— Уопсай түмүккэ бу хааччахтар барыта биһиги туһабытыгар буолан таҕыстылар. Биллэн турар, экэниэмикэбитигэр оҕустардыбыт эрээри, биһиги мантан туһаны ылбыппыт элбэҕэ көстөн кэллэ. Бастатан туран, бэйэбит суверенитеппытын бөҕөргөтөрбүтүгэр төһүү буолла. Ити бары эйгэлэрбитигэр барытыгар сыһыаннаах. Аны туран бэйэбит бэйэбитигэр эрэ хааллан олорор дойду буолаары гынныбыт, арҕааҥҥы дойдулара суох табыллыбат буоллубут диэн куттаммыппыт, экэниэмикэбит ис кыаҕа өтөн таҕыста. Түргэнник саҥа суолу тобула оҕустубут, биһиги ырыынакпытыттан тахсан барбыт хампаанньалар оннуларыгар бэйэбит дьоммут олоро түстүлэр. Биһиги бэйэбит билигин дьэ кэлэн өйдөөн эрэбит, дойдубут кыаҕырбытын, күүһүрбүтүн, ити барыта норуоту сомоҕолуур. Арассыыйа күүһэ онно сытар – норуот сомоҕолоһуутугар, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
Владимир Путин кэпсэтии кэмигэр демократия, көҥүл буолуу туһунан үгүстэ ахтан аһарда.
— Демократия туһунан кэпсэтэр буоллахха, бастатан туран, хас биирдии норуот, уопсастыба, цивилизация социальнай-политическэй систиэмэтин бэйэтэ талар кыахтаах буолуохтаах. АХШ, Евросойуус дойдуларыгар оннук быраап бэриллибит буоллаҕына, Азия, ислам, Персия хомотун, о.д.а. континеннар дойдуларыгар барыларыгар тэҥҥэ бэриллиэхтээх. Ол иһигэр Арассыыйаҕа эмиэ. Билиҥҥи историческай кэм өйдөбүлэ итиннэ сытар: хас биирдии цивилиазция, судаарыстыба бэйэлэрин бырааптарын, үгэстэрин, култуураларын тэҥҥэ тутан сайдыыларыгар. Аан дойду экэниэмикэтэ эмиэ онно туһуланыахтаах, үп-харчы эргийэр киинэ биир эрэ дойдуттан тутулуктаах буолуо суохтаах, — диэн этэр кини.
Глобализация, интеграция туһунан этэригэр бэрэсидьиэн: “Өскөтүн либеральнай глобализация норуокка барытыгар арҕааҥҥы дойдулар эрэ быраабылаларын аҥаардастыы соҥнуур буоллаҕына, интеграция өйдөбүлэ хас биирдии цивилизация бэйэтин сайыннаран туран аан дойдуга туһаны аҕалыахтааҕар сытар. Интеграция нөҥүө биир уопсай стратегия оҥоһуллуохтаах, бары дойдуга барытыгар туһалаах гына. Билигин арҕааҥҥы цивилизация оннооҕор биһиги Евразиятааҕы хонуубутугар соҕотох буолбатах, дьон-сэргэ Евразия илиҥҥи өттүгэр тардыһар, киһи аймах төрүт үгэһэ үөскээбит сиригэр”, — диэн бэлиэтиир.
Уонна түмүккэ Владимир Путин билигин аан дойду саҥа кэрдиис кэмҥэ үктэнээри турарын, арҕааҥҥы дойдулар сабыдыаллара улам сүтэн иһэрин бэлиэтээтэ.
— Сэбиэскэй Сойуус эстибитин кэннэ аан дойдуга арҕааҥҥы дойдулар баһылаан-көһүлээн олорбуттара. Ити билигин улам сүтэн эрэр. Билигин биһиги саҥа кэрдиис кэмҥэ киирэн эрэбит. Бу кэрдиис кэм аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн историяҕа биир эмиэ бэлиэ суолу хаалларыаҕа. Биир өттүнэн, революционнай да хардыы буолуон сөп. Бу хардыы үгүс мөккүһүүтэ суох ааһыа суоҕа. Кэм-кэрдии уларыйыыта хаһан баҕарар ыарыылаах буолар. Ол эрээри билигин хас биирдии норуот, уопсастыба, култуура, цивилизация санаатын истэр кэм кэллэ, хас биирдиибит ити эппиэтинэһи өйдөөн туран, инники олохпутун оҥостуохтаахпыт, — диэн этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: