Бүгүн, бэс ыйын 12 күнүгэр, Арассыыйа күнэ бэлиэтэнэр. Кылгастык судаарыстыбаннай бырааһынньык туһунан чахчылары билиһиннэрэбит.
Бу бырааһынньык дойдуга биир саамай эдэр судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан ааҕыллар. 2002 сылга диэри бу бырааһынньык Арассыыйа судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыт күн быһыытынан бэлиэтэнэрэ. Бу күнтэн Арассыыйа туспа судаарыстыба буолбута. Эмиэ ити күн, ол эрээри 1991 сыллаахха, дойду Бэрэсидьэнин быыбарыгар элбэх куолаһынан Борис Ельцин Бэрэсидьиэниэн таллыллыбыта. Кини 1994 с. таһаарбыт Ыйааҕынан бэс ыйын 12 күнэ судаарыстыбаннай суолталаммыта, Арассыыйа федерациятын судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыныллыбыт Күнүн бырааһынньыга олохтоммута. Норуот ону судургутук Тутулуга суох буолуу күнэ диэн сүрэхтээбитэ. Ити эрээри оччолорго бырааһыннык дойду үрдүнэн далааһыннаахтык ылыллыбат этэ, нэһилиэнньэ үксэ бу күнү айылҕаҕа тахсан сынньанар, даачаҕа үлэлиир өрөбүл быһыытынан саныыра.
Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, бу докумуонтан устуоруйаҕа саҥа кэрдиис кэм, сокуоҥҥа уонна гражданскай көҥүлгэ олоҕурбут демократическай судаарыстыба устуоруйата саҕаланар.
Арассыыйа күнэ – көҥүл, эйэ, доҕордоһуу, сомоҕолоһуу бырааһынньыга. Сылтан сыл ис хоһооно дириҥээн, патриотическай суолталанан, Ийэ дойду билиҥҥи уонна кэлэр кэмигэр уопсай эппиэтинэс бэлиэтэ буолла. Бу күн дойду үрдүнэн бырааһынньыктааҕы маассабай тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Бэс ыйын 12 күнэ сэрэдэҕэ түбэһэр — өрөбүл күнүнэн ааҕыллар. Арассыыйатааҕы Үлэ Кодексын сокуонунан, өрөбүл уонна бырааһынньык күн хамнас төлөбүрэ икки бүк үрдүөхтээх.
Бу күн дойду үрдүнэн уонунан тыһыынча кэнсиэртэр уонна бэстибээллэр ыытыллаллар, норуот күүлэйэ буолар. Бырааһынньык күнэ үксүгэр улахан куораттарынан салютунан түмүктэнэр.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…