Арассыыйа күнэ — үрдүк наҕараадалар

Share

Бэҕэһээ, бэс ыйын 11 күнүгэр, Сунтаарга С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан норуот айымньытын киинигэр Арассыыйа күнүн көрсө үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.

Арассыыйа күнүнэн улуус олохтоохторун Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев эҕэрдэлээтэ уонна Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Сунтаар улууһун сайдыытыгар тус кылааттарын иһин бочуоттаах грамоталары, махтал суруктары уонна үрдүк бэлиэлэри туттарда.

Хаартыска: Дмитрий Ымычанов

РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтин Бочуотунай грамотатын улуустааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениетын сүрүн исписэлииһэ Валентина Ивановаҕа туттардылар. СӨ Култууратын туйгуна бочуоттаах бэлиэни оҕо бибилэтиэкэтин кылаабынай бибилэтиэкэрэ Марфа Спирова тутта. СӨ Бырабыыталыстыбатын грамотатын 2001-2023 сс. ситиһиилээхтик үлэлээбит  улуустааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениетын социальнай үлэһитэ Айталина Михайлова ылла.

Ону сэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы«Бастыҥ уһуйаан-2024» көрүү күрэҕин кыайыылааҕа, «Кыталык» оҕо сайдар киинин  салайааччыта  Валентина Петроваҕа диплом уонна махтал сурук туттарылынна. Сунтаар улууһун сэрии, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин Сэбиэтин дипломнарын Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Бүлүү бөлөх уулустарын бэтэрээннэрин спартакиадатыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттарын иһин Кутана, Элгээйи уонна Сунтаар нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин хамаандаларыгар туттардылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago