Арассыыйа күнүгэр Дьоруойу чиэстээтилэр

Share

«Патриот» диэн тыл эһиэхэ туох суолталааҕый? Эһиги иннигитигэр ким мөссүөнэ көстөрүй? Мин эрэнэбин, Саха сирин тыһыынчанан олохтооҕор бу тыл биһиги биир дойдулаахпыт, «Боотур-1» саха добровольческай этэрээт хамандыыра Александр Гаврильевич Колесовы аатын кытта сибээстээҕэр» диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграмм-ханаалыгар суруйар.

Бүгүн, бэс ыйын 12 күнүгэр – Арассыыйа күнүгэр, биһиги Дьоруойбутун чиэстээһин тэрээһинэ буолан ааста.

«Бүгүн Саха сирин бүттүүнэ Александр Гаврильевичка улахан махталын уонна киэн туттарын биллэрэр. Кини биһиги байыастарбытыттан – анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан аан бастакынан Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылары ситистэ. Александр Колесов биһиги дойдубутугар хорсун-хоодуот, дьаныардаах, бэриниилээх буолуу чахчы холобурунан буолла», — диэн Ил Дархан эттэ.

Салгыы Айсен Николаев кини бэйэтин аатын төрөөбүт Сахатын сирин уонна Арассыыйа героическай летопиһыгар киллэрдэ диэн бэлиэтээн эттэ. Бу бэлиэ күнүнэн биһиги дьоруойдарбытын, хорсун байыастарбытын уруйдуохха-айхаллыахха диэн ыҥырда.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago