Арассыыйа миниистирдэрэ ананнылар

Share

Судаарыстыбаннай Дуума ыам ыйын 13-14 күннэригэр ыыппыт мунньахтарыгар бырабыыталыстыба саҥа састаабын бигэргэттэ. Дойду сэбилэниилээх күүһүгэр эппиэттиир сирэй миниистирдэр уларыйдылар, ону сэргэ хас да эрэгийиэн салайааччыта миниистиринэн ананна.

Санатан эттэххэ, сокуон быһыытынан, бырабыыталыстыбаҕа 21 миниистир баар. Олортон биэс миниистир (Тас дойдулар дьыалаларыгар, Оборуона, Ис дьыала, Юстиция, Ыксаллаах быһыы-майгы миниистирдэрэ) бэрэсидьиэн быһаччы хонтуруолугар сылдьаллар. Балартан Оборуона миниистирэ Сергей Шойгу уларыйда. Сергей Кужугетович Арассыыйаҕа куттал суох буолуутун сэбиэтин сэкирэтээринэн ананна. Кини оннугар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччынан үлэлии олорбут Андрей Белоусов кэллэ.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн Оксана Лут ананна. Кини эрдэ миниистири бастакы солбуйааччынан үлэлии олорбута. Итини таһынан хас да эрэгийиэн салайааччыта миниистиринэн ананнылар. Ол курдук, бырамыысыланнас миниистиринэн Калининград уобалаһын губернатора Антон Алиханов, тырааныспар миниистиринэн Курскай уобалас губернатора Роман Старовойт, энергетика миниистиринэн Кемеров уобалаһын губернатора Сергей Цивилев, успуорт миниистиринэн Хабаровскай кыраай губернатора Михаил Дегтярев ананнылар. Онон бу үөһээ ааттаммыт түөрт эрэгийиэҥҥэ сотору кэминэн губернатордар быыбардара буолуоҕа.

Уоннааҕылар – экэниэмикэ, үп, социальнай харыстабыл, тутуу, сибээс, наука, үөрэхтээһин, култуура, доруобуйа харыстабылын, Уһук Илин сайдыытын, экология миниистирдэрэ – оннуларынан хааллылар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

48 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

58 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

2 часа ago