Арассыыйа кэлиҥҥи сыллартан бэттэх Азия, Чуумпу акыйаан кытылын, чугас сытар илиҥҥи дойдуларын кытары ыксалаһан үлэлиир буолла, Уһук Илин эрэгийиэннэригэр болҕомтотун күүһүртэ, муоһатын илин диэки тутта. Былырыын дойду аҕа баһылыга Владимир Путин Кытайга, Таджикистаҥҥа, Туркменистаҥҥа, Ираҥҥа, Узбекистаҥҥа, Казахстаҥҥа, Арменияҕа, Киргизияҕа, Белоруссияҕа сылдьан, аан дойдутааҕы саммиттарга, мунньахтарга кытынна. Турцияны кытары гаас бырамыысыланнаһыгар ыыппыт үлэтин өссө чиҥэтэн биэрдэ.
Тутулуга суох судаарыстыбалар тэриллиилэригэр
Владимир Путин ыам ыйыгар Москваҕа дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйар дуогабарга илии баттаспыт судаарыстыбалар тэриллиилэрин (Организация договора о коллективной безопасности) кытары көрсүбүтэ. Саммикка Армения, Белоруссия, Казахстан, Киргизия, Таджикистан бэрэсидьиэннэрэ кыттыбыттара. Мунньахха Владимир Путин бу тэриллии дойдулар бары өттүнэн харыстабыллаах буолууларыгар көдьүүстээҕин бэлиэтээн эппитэ.
– Кэлиҥҥи сүүрбэ сыл иһигэр Евразия эрэгийиэннэригэр куттала суох буолууну хааччыйыыга бу тэриллии көдьүүстээҕэ көһүннэ. Ону тохсунньуга Казахстан салалтатын көрдөһүүтүнэн дойду иһигэр эйэни, куттала суох буолууну хааччыйыыга ыытыллыбыт тэрээһин да көрдөрдө. Бу үлэ туох түмүккэ аҕалла? Бастатан туран, биһиги байыаннайдарбыт, сулууспаларбыт бэйэ-бэйэлэрин кытары хайдах үлэлэһэллэрэ көһүннэ, иккиһинэн, туохха өссө болҕомто ууруохха наадатын бэлиэтээтибит. Биир сүрүн боппуруоһунан тас дойдулартан киирэр биологическай араас хамсааһыны тохтотууга үлэлэһии буолар. Финляндия, Швеция НАТО састаабыгар киириэхтэрин баҕаралларын туһунан эттэххэ, Арассыыйаҕа бу улаханнык дьайыа суоҕа. Ол эрээри бэйэлэригэр биһигини утары байыаннай базалары туттан бардахтарына, хардарарбыт эрэбил, – диэн иһитиннэрбитэ.
Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрэ ахсынньыга Санкт-Петербург куоракка көрсөн, сыл түмүгүн таһаарбыттара. Судаарыстыбалар лиидэрдэрэ бары кэлбиттэрэ. Ити түмсүү өттүттэн Кириэмилгэ улахан болҕомто ууралларын туоһулуур. Мунньахха Владимир Путин түмсүү үлэтин түмүгүн таһаарарыгар судаарыстыбалар быйылгы сыллааҕы көрдөрүүлэрэ куһаҕана суоҕун бэлиэтээбитэ.
– 2022 сылга биһиги судаарыстыбаларбыт бэйэ-бэйэлэрин кытары үлэлэһиилэрэ куһаҕана суох көрдөрүүлээх. Арассыыйа сыл устата түмсүүгэ киирэр бары судаарыстыбалары кытары ыкса үлэлэстэ. Тохсунньуттан алтынньыга диэри табаарынан эргинии көрдөрүүтэ 6,6 % үрдээтэ, ити 81,5 млрд дуолларга тэҥнэһэр. Сыл түмүгүнэн өссө 100 млрд дуолларга тэҥнэһиэҕэ диэн сабаҕалыыбыт, – диэн иһитиннэрбитэ.
Ону таһынан, кини судаарыстыбалар икки ардыларыгар атыыга-тутууга национальнай валютанан төлөһүү олохсуйан эрэрин бэлиэтээн эппитэ.
– Билигин Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрэ бэйэлэрин икки ардыларыгар национальнай харчыларынан төлөһөр буоллулар. Бу аан дойду ырыынагар уларыйыы-тэлэрийии бара турар кэмигэр суолтата улахан. Ону ааһан судаарыстыбалар икки ардыбытыгар бэйэбит оҥорон таһаарыыбытын үксэтэрбитигэр, биир бырайыактары саҕалыырбытыгар, сайыннарарбытыгар төһүү буолар, – диир Владимир Владимирович. Санатан эттэххэ, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ кулун тутарга арҕааҥҥы дойдулар гаас, ньиэп атыытын солкуобайынан төлөһөллөрүгэр модьуйбута.
Манна биир түгэни бэлиэтээн этиим, Казахстан бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаев быыбарын кэнниттэн бастакы командировкатын Арассыыйаҕа оҥорбута эмиэ элбэҕи этэр. Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев Казахстан бэрэсидьиэнин кытары көрүстэ. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатыгар биир дьоһун хардыы.
Шанхайдааҕы саммит
Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүн саммита былырыын Узбекистаҥҥа ыытыллыбыта. Манна Арассыыйа, Кытай, Узбекистан, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Индия, Пакистан, Иран, Белоруссия, Монголия, Турция, Азербайджан, Туркмения лиидэрдэрэ кыттыбыттара. Монголия кэтээн көрөр дойду статустаах, Азербайджан, Турция кэпсэтиигэ кыттыһар дойдулар, Туркмения ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан сылдьыбыттара. Кинилэри таһынан, норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүлэртэн Холбоһуктаах нациялар түмсүүлэрэ, ЮНЕСКО, Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрэ, Евразиятааҕы экэнэмиичэскэй сэбиэт, о.д.а. кыттыбыттара. Былырыыҥҥы саммит түмүгүнэн көрдөххө, Турция, Монголия, Азербайджан түмсүүгэ улахан суолтаны биэрбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин саммит кэмигэр дойдулар лиидэрдэрин кытары туспа көрсүбүтэ. Бу көрсүһүүлэр чэрчилэринэн, үгүс этии оҥоһуллубута. Холобур, Монголия уонна Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин салайааччыларын кытары көрсүһүүгэ Кытай премьер-миниистирэ Си Цзиньпин Арассыыйаны кытары таһаҕаһы таһыы 200 млрд дуолларга диэри тиийиэҕин туһунан иһитиннэрэн туран, экэниэмикэҕэ, энэргиэтикэҕэ, бырамыысыланнаска ылыныллыбыт бырайыактары салгыы да сайыннара туруоҕун, национальнай валютанан атыыны-тутууну ыытыы өссө кэҥиэҕин туһунан эппитэ.
Саммит аһыллыытыгар Владимир Владимирович Шанхайдааҕы түмсүү биир сиргэ тэпсэҥнээн турбакка, аан дойду экэниэмикэтигэр, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа күүскэ үлэлэһэрин бэлиэтээн эппитэ.
– Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүн үлэтэ өссө кэҥээн иһэриттэн тус бэйэм үөрэбин. Норуоттар икки ардыларынааҕы, эрэгийиэннээҕи боппуруостары быһаарыыга, Евразия дойдуларыгар эйэни олохтооһуҥҥа, дойдулар туруктаах буолууларыгар үлэлэһэр, манна улахан оруолу ылар буолла. Аан дойду үрдүнэн уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр бу үлэ суолтата өссө үрдээтэ. Саммит кэмигэр урут да, билигин да экэниэмикэ боппуруостара биир сүрүн миэстэни ылаллара. Бары куолаан атыы-тутуу боппуруостарыгар, кэмиэрчэскэй бырайыактарга, национальнай харчыларынан төлөһүүгэ үлэбит хайысхата кэҥии турар. Ону таһынан энэргиэтикэ, үп-харчы эйгэтигэр тас дойдулары кытары үлэлэһиибит тэтимин ыһыктыбат. Араас хааччаҕы киллэрэ сатыыр дойдулартан ураты биһиги эрэгийиэннэр сайдыыларыгар, таһаҕаһы таһыыга үлэлэһэ олоробут, – диэн бэлиэтээбитэ.
Саммит кэнниттэн интэриниэт ситимиттэн аахтахха, Африка, Азия соҕуруулуу-илин дойдулара түмсүүгэ улахан интэриэстээхтэрин биллэрдилэр. Кытай Арассыыйаны кытары салгыы да улахан бырайыактарга үлэлэһиэҕин, ону таһынан, Украина чааһыгар Арассыыйаны өйүүрүн биллэрэн, арҕааҥҥы дойдуларга уйаларыгар уу киллэрбитэ. Уопсай ылан эттэххэ, бу түмсүү Евразия дойдуларыгар биир улахан түмсүү буолан эрэрин аан дойдуга иһитиннэрдэ.
Арассыыйа уонна киин Азия саммита
Астанаҕа алтынньыга киин Азия дойдуларын саммита буолан ааспыта. Манна Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Туркменистан, Узбекистан, Арассыыйа бэрэсидьиэннэрэ Касым-Жомарт Токаев, Садыр Жапаров, Эмомали Рахмон, Сердар Бердымухамедов уонна Шавкат Мирзиёев уонна Владимир Путин кыттыыны ылбыттара. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин саммит кэмигэр олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга, ону тас дойдуларга таһаарыы саҥа тиһигин киллэриигэ, тэрилтэлэр хардарыта үлэлэһиилэригэр, аан дойду үрдүнэн буола турар быһыыга-майгыга саҥа суолу-ииһи хайыныыга болҕомтотун уурбута. Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, кэлиҥҥи биэс сыл устата Арассыыйа киин Азия дойдуларын кытары табаары эргиниитэ икки төгүл үрдээн, 37,1 млрд дуолларга тэҥнэспит.
Бу көрсүһүүнү сэргэ Азия дойдуларын кытары үлэлэһии саммита (Совещание по взаимодействию и мерам доверия в Азии) биир сүрүн миэстэни ылбыта. Евразия, Азия дойдуларын саммита чуолаан тоҕо Казахстаҥҥа ыытылларый? Бастатан туран, бу саммиты бэйэтин кэмигэр Казахстан бастакы бэрэсидьиэнэ Нурсултан Назарбаев көҕүлээн тэрийбитэ. Иккис сүрүн төрүөтүнэн Казахстан кэлиҥҥи сылларга Азия дойдуларын түмүүгэ, туох да диэбит иһин, баһыйар оруолу ылан эрэр. Дойдулар кэпсэтиилэригэр бу саммит хайа да өттүнэн табыгастаах былаһаакка буолар.
Холобур быһыытынан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойдулар бэрэсидьиэннэрин кытары туспа көрсүһүүтүттэн Турция Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоганы кытары кэпсэтиитин аҕалыахха сөп. Икки дойду лиидэрдэрэ Киеви кытары сыһыан туһунан кэпсэтиилэрин таһынан экэниэмикэлэрин бөҕөргөтүүгэ сүрүн болҕомтолорун уурбуттара. Салгыы ол туһунан.
Турцияны кытары үлэ
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Казахстаҥҥа алтынньыга буолбут Евразия дойдуларыгар туһуламмыт саммикка Турция бэрэсидьиэнин кытары көрсөн, түөрт муора дойдута гааһы тас дойдуларга атыылыыр киин буолуоҕун туһунан кэпсэппитэ. Санатан эттэххэ, “Северный поток” диэн ааттаммыт Арассыыйаттан барар гаас ситимин балаҕан ыйын бүтүүтэ тоҕо тэптэрэннэр, билигин Европа дойдулара гаастарыттан көрө матан олороллор. Онон Владимир Путин Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоганныын кэпсэтэн, Арассыыйа Балтийскай муоранан ыыта олорбут гааһын аны Турциянан таһааран атыылыан сөбүн туһунан иһитиннэрбитэ. Бу иһитиннэрии – ааспыт сыл биир бэлиэ түгэнэ.
Билигин Турциятааҕы ситимнэринэн Арассыыйа тас дойдуларга отуттан тахса млрд куб гааһы ыыта олорор. Бу ситим аан дойдуга биир улахан бырайыак буолар. Өскөтүн бу ситими кэҥэттэхтэринэ, кэнэҕэскитин 63 млрд куб гааһы хачайдыахтарын сөп.
– Турцияҕа гаас ситимин кэҥэтии туһунан эттэххэ, гааспытын Хара муора нөҥүө атыыга таһаарарбыт быдан судургу уонна куттала суох. Бэрэсидьиэн Реджеп Тайип Эрдоган эппит тылыгар турар бэлиитик, кинини кытары дуогабардаспыт дьыалаларбытын, төһө да арыт уустуктардааҕын иһин, тиһэҕэр диэри тиэрдэ сатыыбыт. Ити биирэ. Иккиһинэн, билигин Хара муоранан сырыыны хонтуруоллуур кыахтаахпыт. Оттон Европа дойдулара гааспытын ылыахтара дуо диэн ыйытыыга хоруйдаатахха, аан дойду үрдүнэн күөх төлөн атын углеводородтардааҕар үрдүкү турар бородуукта буолар. Ону таһынан гаас, этэргэ дылы, “күөх энэргиэтикэҕэ” көһүүгэ олус табыгастаах. Ол иһин дойдулар бары билигин гааска көһө сатыыллар. Бу бырайыакпытын саҕалаатахпытына гааспытын атыылаһааччылар аҕыйаҕа суох буолуохтара. Онон бу кэскиллээх бырайыак буолуоҕар бүк эрэнэбин, – диэн бэлиэтээбитэ Владимир Путин.
Турцияҕа Арассыыйа бэрэсидьиэнин этиитин хайдах ылыммыттарай? Түөрт муора дойдутугар кэлиҥҥи сылларга сыана аһары тахсан, күөх төлөн көмүскэ тэҥнээх буолан эрэр. Онон дьон-сэргэ да, бырабыыталыстыба да Арассыыйа аҕа баһылыгын этиитин үөрүүнэн көрсүбүттэрэ. Бэрэсидьиэн Реджеп Эрдоган Казахстантан көтөн кэлээт тута сөрөөн, гаас систиэмэтин хаҥатарга дьаһал ыыппыта. Санатан эттэххэ, Турция билигин гааһын тас дойдулартан атыылаһан олорор. Баһыйар үгүс өттүн Арассыыйаттан ылар, ону таһынан Ирантан, Азербайджантан, Алжиртан атыылаһар.
Түмүктээн эттэххэ, бу бырайыак хайа да өттүгэр, Арассыыйаҕа да, Турцияҕа да, Европа дойдуларыгар да табыгастаах. Арассыыйа тас дойдуларга бэйэтин гааһын атыылыыр кыахтанар, Турция аан дойдуга гааһы биэрэр биир улахан киин буолуон сөп, оттон арҕааҥҥы уонна да атын дойдулар гаастанар кыахтаналлар.
“Арассыыйа ис кыаҕын сөпкө туһанна”
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуоттар икки ардыларынааҕы кэпсэтиилэргэ, араас саммиттарга олус интэриэһинэй этиилэри киллэрэр. Олортон арҕааҥҥы дойдулар араас хааччаҕы киллэрбит кэмнэригэр Арассыыйа ис кыаҕын сөпкө туһаммытын, бэйэтин кыаҕар эрэлэ өссө улааппытын Москваҕа буолан ааспыт “Валдай” норуоттар икки ардыларынааҕы кэпсэтии былаһааккатыгар иһитиннэрбитин бэлиэтиим.
– Уопсай түмүккэ бу хааччахтар барыта биһиги туһабытыгар буолан таҕыстылар. Биллэн турар, экэниэмикэбитигэр оҕустардыбыт эрээри, биһиги мантан туһаны ылбыппыт элбэҕэ көстөн кэллэ. Бастатан туран, бэйэбит суверенитеппытын бөҕөргөтөрбүтүгэр төһүү буолла. Ити бары эйгэлэрбитигэр барытыгар сыһыаннаах. Аны туран бэйэбит бэйэбитигэр эрэ хааллан олорор дойду буолаары гынныбыт, арҕааҥҥы дойдулара суох табыллыбат буоллубут диэн куттаммыппыт, экэниэмикэбит ис кыаҕа өтөн таҕыста. Түргэнник саҥа суолу тобула оҕустубут, биһиги ырыынакпытыттан тахсан барбыт хампаанньалар оннуларыгар бэйэбит дьоммут олоро түстүлэр. Биһиги бэйэбит билигин дьэ кэлэн өйдөөн эрэбит, дойдубут кыаҕырбытын, күүһүрбүтүн, ити барыта норуоту сомоҕолуур. Арассыыйа күүһэ онно сытар – норуот сомоҕолоһуутугар, – диэн иһитиннэрбитэ Владимир Владимирович.
Дойду аҕа баһылыга глобализация, интеграция туһунан эмиэ бу кулууп мунньахтарыгар этэн аһарбыта.
– Өскөтүн либеральнай глобализация норуокка барытыгар арҕааҥҥы дойдулар эрэ быраабылаларын аҥаардастыы соҥнуур буоллаҕына, интеграция өйдөбүлэ хас биирдии цивилизация бэйэтин сайыннаран туран аан дойдуга туһаны аҕалыахтааҕар сытар. Интеграция нөҥүө биир уопсай стратегия оҥоһуллуохтаах, бары дойдуга барытыгар туһалаах гына. Билигин арҕааҥҥы цивилизация оннооҕор биһиги Евразиятааҕы хонуубутугар соҕотох буолбатах, дьон-сэргэ Евразия илиҥҥи өттүгэр тардыһар, киһи аймах төрүт үгэһэ үөскээбит сиригэр, – диэн иһитиннэрбитэ Владимир Владимирович.
Ону таһынан, кини аан дойду саҥа кэрдиис кэмҥэ үктэнээри турарын, арҕааҥҥы дойдулар сабыдыаллара улам сүтэн иһэрин бэлиэтээбитэ.
– Сэбиэскэй Сойуус эстибитин кэннэ аан дойдуга арҕааҥҥы дойдулар баһылаан-көһүлээн олорбуттара. Ити билигин улам сүтэн эрэр. Билигин биһиги саҥа кэрдиис кэмҥэ киирэн эрэбит. Бу кэрдиис кэм аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн устуоруйаҕа биир эмиэ бэлиэ суолу хаалларыаҕа. Биир өттүнэн, революционнай да хардыы буолуон сөп. Бу хардыы үгүс мөккүһүүтэ суох ааһыа суоҕа. Кэм-кэрдии уларыйыыта хаһан баҕарар ыарыылаах буолар. Ол эрээри, билигин хас биирдии норуот, уопсастыба, култуура, цивилизация санаатын истэр кэм кэллэ, хас биирдиибит ити эппиэтинэһи өйдөөн туран, инники олохпутун оҥостуохтаахпыт. Туох да диэбит иһин билигин дойдулар саһан, бүгэн олорор кэмнэрэ буолбатах. Этэргэ дылы, “тыалы хамсатыаҥ – буурҕаны түһэриэҥ”. Бу кириисис аан дойду үрдүнэн барыбытыгар сыһыаннаах. Билигин эбэтэр хойут бары биир остуол тула олорон кэнэҕэски олохпут туһунан кэпсэтэр кэммит кэлиэҕэ, – диэн санаатын эппитэ.
Хаартыскалар kremlin.ru саайтан.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…