Арассыыйа олохтооҕун хас бырыһыана харчы мунньунарый?
31.10.2024, 16:45
Хаартыска: Мария Васильева, СИА түһэриитэ
Бөлөххө киир:
Федеральнай ыйытыктар туоһулуулларынан, Арассыыйа олохтооҕун 48% харчы мунньунар, “финансовай подушка” оҥостор эбит. Онтон улахан аҥаардара ороскуоппутун суоттанабыт диэн хоруйдаабыттар.
Ыйытыкка кыттыбыт дьон 64% бэйэтин үп-харчы өртүнэн кырааматынайбын дэнэр. Ордук 18-30 саастаах эдэр дьон инньэ диэн хоруйдаабыттара үөрдэр. Саастаах дьонтон 56% кырааматынайбыт диэн эппит.
Онтон кыттааччы 29% харчы туһунан билиибин өссө тупсарыам этэ диэн ыйбыт. Чуолаан, инвестиция туһунан 38%, ипэтиэкэҕэ – 35%, кирэдьииккэ – 33 %, уурунуу харчыга – 23%.
Маныаха дохуотун, ороскуотун таба туһанааччы ахсаана 69% тэҥнэспит, 48% мунньуналлар, “финансовай подушка” оҥостоллор, 19% нолуокка быһаарсабын диэн ыйбыт.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: