Арассыыйа парламена саҥа кэрдиис кэмҥэ таҕыста
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин атырдьах ыйын 5 күнүгэр Федерация Сэбиэтин, Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэллэрин Валентина Матвиенконы, Вячеслав Володины кытары көрүстэ.
Валентина Матвиенко көрсүһүүгэ бэлиэтээбитинэн, быйыл парламент барыта 331 сокуону ылыммыт. Ол иһигэр Арассыыйа бэрэсидьиэнин Анал этиитин, ыам ыйынааҕы ыйаахтарын олоххо киллэриигэ сыһыаннаах сокуоннары.
— Федерация Сэбиэтэ Анал этии балаһыанньатын толорууга былаан оҥорбута. Бу былааны биһиги аһары толордубут диэн бэлиэтиир наада. Манна, бастакы уочарат, Анал этиигэ уонна ыам ыйын ыйаахтарыгар этиллибит боппуруостарга болҕомтобутун уурдубут. Ол иһигэр дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ. Иккиһинэн, дойду оборуонатыгар, куттал суох буолуутун хааччыйыыга, анал байыаннай операция кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ, — диэн этэр Валентина Ивановна.
Вячеслав Володин Судаарыстыбаннай Дуума быйыл аан бастакытын бырабыыталыстыба састаабын бигэргэтиигэ үлэлэспитин бэлиэтээн эттэ.
— Арассыыйа билиҥҥи историятыгар Судаарыстыбаннай Дуума быйыл аан бастакытын бырабыыталыстыба састаабын бигэргэтиигэ үлэлэстэ. Бу парламентаризм сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэм диэн бэлиэтиэхпин сөп, — диэн этэр кини.
Парламентарийдар итини таһынан нолуок систиэмэтигэр, бүддьүөтү көрүүгэ, тас дойдуттан кэлбит дьоҥҥо сыһыаннаах, о.д.а. сокуоннар тахсыбыттарын бэлиэтээн эттилэр.
Владимир Путин көрсүһүүгэ парламент сокуону оҥорууга, ылыныыга нэһилиэнньэ интэриэһин көрөрө, дойду экэниэмикэтин сайыннарыыга туһуламмыт сокуоннары бастакы уочаракка тутара улахан оруоллааҕын бэлиэтээн эттэ.
— Былаас, хайа баҕарар таһымыгар, дьон-сэргэ интэриэһэ бастакы уочарат тутуллуохтаах. Бэлиитикэ да, социальнай да, экэниэмикэ да өттүнэн барытынан. Сокуону оҥоруу, ылыныы экэниэмикэбит, дойдубут сайдыытыгар туһуланыахтаах. Ол онтон социальнай боппуруостар быһаарыллыылара тутулуктаах. Итини таһынан дойдубутугар куттал суох буолуутун хааччыйыы бастакы күөҥҥэ сылдьар боппуруоспут, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: