«Арассыыйа» пуорум-быыстапкаҕа Саха сириттэн тиийэн саахсаланыахтара

Share
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр  ЗАГС управлениетыгар сэтинньигэ ВДНХ-ҕа норуоттар икки ардыларынааҕы «Арассыыйа» пуорум-быыстапка кэмигэр ыытыллар, Саха  Өрөспүүбүлүкэтин  эрэгийиэнин күнүгэр саахсаланыан сөптөөх эдэр ыалы талыы хамыыһыйатын мунньаҕа буолла.
ЗАГС  управлениетын салалтата, «Конгресс-центр» бэрэстэбиитэллэрэ уонна СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ састааптаах хамыыһыйа Москваҕа тиийэн саахсаланыан сөптөөх паараны таллылар. Ол курдук, Жанна Ксенофонтова уонна Владислав Федоров диэн айар куттаах эдэр дьон буоллулар.

Владислав  «Якутия24» телеханаалга режиссерунан,  ону сэргэ «Эдэр саас», «Республика Z», «Айта», о.д.а сахалыы киинэлэр толороооччу продюсердарынан үлэлиир. Жанна – киинэ уонна тыйаатыр артыыската, «Таптал», «Дьикти саас», «Август» киинэлэргэ, ону таһынан «Король Лир», «Олох дьэбэрэтэ» уонна  «Таптал сүппут куората» испэктээктэргэ оонньообута.

Сэтинньи 4 күнүттэн кэлэр сыл муус устар 12 күнүгэр диэри Москваҕа ыытыллар быыстапкаҕа Арассыыйа бары субъектара кыттыыны ылыахтара. Саха сирэ манна «Якутия – вселенная Олонхо» диэн экспозицияны көрдөрүөҕэ. Ол курдук  быыстапкаҕа Саха сирин уратыта, өрөспүүбүлүкэбит араас эйгэҕэ ситиһиилэрин көрдөрүөхтэрэ.

Саха сириттэн саахсалана тиийэр эдэр дьон ыал буолар бэлиэ күннэригэр, саха сиэрэ-туома тутуһуллан ыытыллыаҕа.   Онон саха эдэр  ыалларын  өйөөн, ким баҕалаах Москваҕа тиийэн бу тэрээһиҥҥэ сылдьыан сөп. ВДНХ 75  №-дээх павильонугар  буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

6 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

8 часов ago