Арассыыйа: сыл бэлиэ түгэннэрэ
Кулун тутартан саҕалаан тас дойдулар, оҕуһу муоһуттан ыллахпыт буолан, биһиэхэ араас хааччаҕы киллэриилэрэ күүһүрбүтэ. Арассыыйа ойдуо дуу, быстыа дуу эмиэ хааччаҕы киллэрэргэ күһэллибитэ. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин муус устарга ыыппыт мунньахтарыттан көрдөххө, кини ити кэмҥэ ордук тыа хаһаайыстыбатыгар, хоту дойдуга, Арктикаҕа, ньиэп, гаас бырамыысыланнаһыгар болҕомтотун уурбут.
(Салгыыта. Иннин ахсынньы 23, 29 күннэргэ көр).
“Аска-үөлгэ кырыымчыгырыы суох”
Муус устарга Владимир Путин тыа хаһаайыстыбатыгар улахан мунньах ыыппыта. Мунньахха үүнээйи уоҕурдуутун, сиэмэтин, дьиэ кыылын аһылыгын, племенной хаһаайыстыба боппуруостарын көтөхпүтэ.
– Биһиги бэйэбит наукабыт, бырамыысыланнаспыт бу этиллибит соруктары хайа баҕарар ситиһэр кыахтаах. Кэлиҥҥи сэттэ сылга тыабыт хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыыта 15 % үрдээтэ. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан бэйэбитин хааччынан олорорбут таһынан, өссө тас дойдуга таһааран атыылыыбыт. Холобур, уоҕурдууну, мас арыытын, туораахтаах бурдугу таска таһаарабыт. Билигин 160 дойдуну кытары үлэлэһэ олоробут. Тас дойдуттан атыылаһарбытынааҕар элбэҕи экспортка таһаарабыт. Биир сүүрбэччэ сыллааҕыта бу туһунан санаабат да этибит, – диэн бэлиэтээбитэ Владимир Владимирович.
Бэрэсидьиэн бу мунньахха тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыыта сыл аайы үс бырыһыан үрдээн иһиэхтээх диэн эппитэ. Онуоха сири оҥоруу, уоҕурдууну оҥорон таһаарыыны, племенной хаһаайыстыбаны сайыннарыы күүскэ барыахтааҕын бэлиэтээбитэ.
– Мин санаабар, билигин биһиги сылын аайы тыабыт хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын үс бырыһыан үрдэтэн иһэргэ сыал-сорук туруорунуохтаахпыт. Бу сыалбытын ситиһэрбитигэр, бастатан туран, сири оҥоруубутун, нүөлсүтүүбүтүн, уоҕурдууну, үлэҕэ саҥа технологияны туһаныыны хаҥатыахпытын наада. Ону таһынан, бу эйгэҕэ туһаныллар оборудованиеларбытын, тиэхиньикэлэрбитин көрүнүөххэ, – диэн иһитиннэрбитэ.
Манна сыһыаран эттэххэ, бэрэсидьиэн экэниэмикэ боппуруостарыгар ыыппыт муус устардааҕы мунньахтарыгар сыана үрдээһинин хонтуруолга тутарга эбии миэрэлэри ылыммыта. Ону таһынан, дьон дохуоттаах буолуутугар, аһы-үөлү, бастакы уочарат туттуллар табаары хааччыйыыга бырабыыталыстыба болҕомтотун хатаабыта.
– Кулун тутарга дьон-сэргэ маҕаһыынтан табаардары атыылаһарга ыксаабыта. Ол эрээри, биһиги аска-үөлгэ, бастакы уочарат туттуллар малга-салга кырыымчыгырыыны таһаарбатыбыт. Биһиги хара маҥнайгыттан предпринимателлэргэ, биисинэскэ итэҕэйэммит, кинилэргэ көҥүл биэрбиппит сөптөөх быһаарыныы этэ. Маҕаһыыннарга табаар кэлиитэ быстыбатаҕа, – диэн бэлиэтээбитэ кини мунньах кэмигэр.
Хотугу навигация
Владимир Путин муус устарга Арктика сайдыытыгар улахан мунньах ыыппыта. Онно кини бу дойдулар социальнай эйгэлэригэр болҕомто ууруллуохтааҕын эппитэ.
– Арктика социальнай, экэнэмиичэскэй боппуруостарын, инфраструктуратын, инвестиционнай бырайыактарын туһунан кэпсэтии биһиэхэ куруутун инники күөҥҥэ тураллар. Билигин тас дойдуттан араас хааччах киирэ турарынан, бу дойдуларга болҕомтобутун өссө күүһүрдүөхпүтүн наада, манна киллэриэхтээх былааннарбытын, бырайыактарбытын ыраах долбуурга анньан кэбиспэккэ, өссө сайыннаран иһиэхтээхпит, – диэн иһитиннэрэн туран, бэрэсидьиэн ордук социальнай эйгэҕэ болҕомто күүһүрүөхтээҕин эппитэ.
Манна даҕатан кини Хотугу навигация боппуруоһун туруорбута. Арктикаҕа ас-үөл, туһааннаах мал-сал, оттук, тутуу матырыйаала тиийэрин хааччыйыы бастакы уочарат көрүллүөхтээҕин бырабыыталыстыбаҕа өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
– Уу суолунан таһаҕаһы таһыы дьэҥкэ уонна тохтоло суох ыытыллыахтаах. Арктика сөптөөх, наадалаах табаарынан толору хааччыллыахтаах. Нэһилиэнньэлээх пууннарга сыана үрдээбэтин, дьон-сэргэ аска-үөлгэ, табаарга тутахсыйбатын туһугар үлэ тэриллиэхтээх. Манна сыһыаран эттэххэ, хотугу муустаах муоранан сырыыга биир оператор, туһааннаах эппиэттиир биэдэмистибэ баара ордук буолуох этэ, – диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Ону таһынан, бэрэсидьиэн тутуулар, национальнай бырагыраамалар, инвестиционнай бырайыактар олоххо киириилэрин инники күөҥҥэ тутарга эппитэ. Манна кини, биһиэхэ сүрдээх наадалаах, хотугу навигацияҕа туспа сокуон наадатын ыйбыта. Кини этэринэн, 2035 сылга диэри Хотугу муора суолун сайдыытын былаана оҥоһуллуохтаах. Бу былааҥҥа хоту дойдуга, Арктикаҕа таһаҕаһы таһыы, суудуналары оҥоруу, туһааннаах инфраструктураны тутуу, ол иһигэр суолу-ииһи оҥоруу, о.д.а. боппуруостар киириэхтээхтэр.
Ньиэп уонна гаас
Владимир Путин муус устарга уонна ыам ыйыгар ньиэп, гаас бырамыысыланнаһыгар эмиэ туспа мунньахтары ыыппыта. Олортон сүрүннэрин ылан эттэххэ, бэрэсидьиэн нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһыҥҥа, ыгыллыбыт гааһы туһаныыга болҕомтотун уурбута. Иккиһинэн, Владимир Владимирович тас дойдулар Арассыыйа сирин баайын атыылаһалларыгар солкуобайынан төлөһөр усулуобуйаларын киллэрбитэ.
– Арассыыйаны утары араас хааччаҕы киллэрбит дойдуларга айылҕа гааһын туһаналларыгар дьэҥкэ уонна өйдөнүллэр исхиэмэни киллэрдибит. Өскөтүн бу дойдулар бары дуолларынан уонна евронан төлөһө олорор, уонна өссө ол дуоллардарын, евроларын “тоҥорбута буолан” илдьэ хаалар эбит буоллахтарына, билигин ити тохтуоҕа. Дуоллары, евроны туһанар билигин суолтата суох буолла. Онон айылҕа гааһын биһигиттэн ылабыт диир буоллахтарына, хайаатар да Арассыыйа бааннарыгар анал счет арыйан, солкуобайынан төлөһүөхтэрэ. Бу исхиэмэ муус устар 1 күнүттэн киириэҕэ. Өскөтүн бу ирдэбили тутуспат буоллахтарына, хантараактары тохтотуохпут, – диэн кини муос-таас курдук иһитиннэрбитэ.
Үсүһүнэн, ньиэп, гаас эйгэтигэр тутулла турар уонна былааннаныллыбыт бары эбийиэктэр, ол иһигэр тимир суол, ньиэп, гаас ситимнэрэ, пуортар, олоххо киириэхтээхтэрин туһунан эппитэ. Бу этиитигэр бэрэсидьиэн Уһук Илин, Арктика эрэгийиэннэрин, “Сибиир күүһэ” баараҕай бырайыакпытын эмиэ ахтан ааспыта.
– Бу бырайыактар бары соҕурууҥҥу уонна илиҥҥи дойдуларга ньиэби, гааһы таһаарыыга төһүү буолуохтаахтар. Ол иһигэр Африка, Латинскай Америка дойдуларыгар, Азия-Чуумпу акыйаан эрэгийиэннэригэр эмиэ. Сибиир арҕаа, илин өттүгэр ньиэп, гаас ситимнэрин тутуу, Арктика, Уһук Илин пуортарын кыамталарын улаатыннарыы, Хотугу муустаах муоранан сырыы, “Сибиир күүһэ” уонна “Сахалин – Хабаровскай – Владивосток” гаас ситимнэрин биир ситимҥэ киллэрии болҕомто киинигэр сылдьыахтаах, – диэн бэлиэтээбитэ.
Владимир Путин бу мунньаҕар арҕааҥҥы дойдулар араас хааччаҕы киллэрбиттэрин түмүгэр, ньиэп эйгэтигэр дохуоту ылыы үрдээбитин иһитиннэрбитэ. Араас хааччахтар, быһыы-отуу киирэ турар кэмнэригэр, биир өттүнэн, ити соһуччу эрээри, күүтүллэр дьыала этэ. Тоҕо диэтэргин, Арассыыйа итиннэ эмиэ олунньуттан туһааннаах миэрэлэри ылынан олороро.
– Буола турар сабыытыйалар күөннэригэр биһиги ньиэппититтэн, гааспытыттан ылар дохуоппут үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол эрээри манна үлэлиир хампаанньалар уоскуйуоххут өссө да эрдэ. Ньиэп ырыынагар билигин урукку курдук үлэлии олорорбут сатаммат. Билиҥҥи баар балаһыанньаҕа олоҕуран ньиэби хостуурбут эрэ тутах, манна биир ситимнээх үлэбитин күүһүрдэрбит наада. Сири-дойдуну чинчийииттэн, ньиэп хостооһунуттан саҕалаан туһанааччыга тиэрдиигэ тиийэ биир кэлим ситим оҥоһуллуохтаах. Онуоха судаарыстыба туох кыалларынан бары усулуобуйаны тэрийиэҕэ. Ол иһигэр ньиэп, гаас тиийиитин боппуруостарын көрүү, тас дойдулар ньиэби, гааһы биһиги харчыбытынан, солкуобайынан, атыылаһар систиэмэлэрин оҥоруу курдук тыын боппуруостарга тиийэ. Итини таһынан ньиэп эйгэтигэр үлэлии сылдьар хампаанньаларга кирэдьиит биэриитэ судургутуйуоҕа, ньиэп бородууксуйатын оҥорон таһаарарга туһуламмыт бырайыактары салгыы өйөөһүн барыаҕа. Манна даҕатан этиэхпин баҕарабын, арҕааҥҥы дойдулар кэнэҕэскитин өссө туох миэрэлэри ылыахтарын сөбүн эрдэттэн ааҕан-суоттаан, кинилэр иннилэринэ хайыҥ охсунан дьаһаныахпытын, бэйэбит туһабытыгар итини барытын эргитиэхпитин наада, – диэн бэлиэтээбитэ Владимир Владимирович.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: