«Арассыыйа сүрэҕин» уотун Саха сиригэр Федоровтар аҕалыахтара

Share

«Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа уматыллыбыт «Арассыыйа сүрэҕэ» диэн дьиэ кэргэн холумтанын уотун Саха сиригэр эдэр ыал Федоровтар аҕалыахтара. Кинилэр ааспыт сыл сэтинньитигэр «Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа ыал буолан, сахалыы сиэрдээх-туомнаах урууну көрдөрбүттэрэ.

Хаартыска: Оренбургские новости

Дьиэ кэргэн холумтанын уотун тохсунньу 23 күнүгэр, «Родные-Любимые» Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум чэрчитинэн, уматыллыаҕа уонна бары эрэгийиэннэргэ тиэрдиллиэҕэ. Бу пуорумҥа бүгүн бэрэсидьиэн Владимир Путин биллэрбит Дьиэ кэргэн сылын арыйаллар.

Муром куоракка Свято-Троицкай манастыырга сибэтиэй Петр уонна Февронья хараллан сытар сирдэригэр саҕыллыбыт уоттаах лампааданы Москваҕа элбэх оҕолоох Терентьевтар аҕалыахтара. Михаил уонна Екатерина ыал буолбуттара 25 сыл буолла, 6 оҕолоохтор.

От ыйын 8 күнүгэр — Сибэтиэй Петр уонна Февронья күннэригэр бүттүүн Арассыыйа Таптал, дьиэ кэргэн, эрэллээх буолуу күнүн бэлиэтиир. Петр уонна Февронья ыраас тапталлара номох буолан, үйэлэри уҥуордаан кэллэҕэ.

Бу уоттан өссө 12 лампааданы уматан баран, Москваҕа, Крымҥа, Саха сиригэр, Кузбасска, Ямало-Ненецкэй уокурукка, Татарстаҥҥа, Хотугу Осетияҕа-Аланияҕа, Волгоградскай уобаласка, Коми, ДНӨ, ЛНӨ Өрөспүүбүлүкэлэригэр, Запорожскай, Херсонскай уобаластарга, салгыы бары эрэгийиэннэргэ  тиэрдиэхтэрэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Саха сиригэр дьиэ кэргэн холумтанын уотун Жанна, Владислав Федоровтар дьиэ кэргэттэрэ аҕалыахтара. Кинилэр сахалыы сиэрдээх-туомнаах уруулара сэтинньигэ «Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа буолбута.

Олус долгуйабыт — үрдүк эппиэтинэстээх миссия сүктэрилиннэ дии саныыбыт. Сибэтиэй тапталлаахтар манастыырдарыгар уматыллыбыт дьиэ кэргэн холумтанын уотун аҕалар чиэс биһиэхэ тиксибититтэн соһуйдубут, үөрдүбүт. Биһиги дьиэ кэргэммит «Арассыыйа» быыстапка-пуорум кэмигэр үөскээбитэ. Аптаах остуоруйаҕа сылдьар курдук санаммыппыт. Маннык элбэх киһи сахалыы үгэстэри, сиэри-туому интэриэһиргээн кэлиэ дии санаабатахпыт. «Арассыыйа» пуорумҥа өссө төгүл кыттарбытыттан олус үөрэбит, Саха сирин дьоһуннаахтык көрдөрүөхпүт дии саныыбыт, — диэн Жанна, Владислав Федоровтар санааларын үллэһиннилэр.

«Арассыыйа сүрэҕин» уматыы сиэригэр-туомугар бары эрэгийиэннэртэн бастыҥ дьиэ кэргэттэр династиялара, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ кэлэн кыттыахтара.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

9 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago