РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Турция салайааччыта Реджеп Тайип Эрдоган Мерсиҥҥэ “Аккую” атомнай электро-ыстаансыйа бастакы эбийиэгэр ядернай оттук кэлиитин быһа эпиир нөҥүө бэлиэтээтилэр.
Владимир Путин “Аккую” былаһааккатыгар бастакы оттук кэлбитинэн эҕэрдэлээн туран, бу ыстаансыйа Арассыыйа уонна Турция бииргэ үлэлээһиннэригэр устуоруйаҕа хаалар улахан бырайыагынан буоларын бэлиэтээн эттэ.
— Бу ыстаансыйа биһиги дойдуларбыт бииргэ үлэлэһиилэрин устуоруйатыгар саамай улахан бырайыак буолар. Икки өттүттэн экэниэмикэлэрбитин сайыннарарбытыгар да, атын да боппуруостарга бииргэ үлэлэһэрбитигэр да бу бырайыак суолтата улахан, — диэн бэлиэтиир кини.
Санатан эттэххэ, бу бырайыак тутуутун туһунан дуогабар 2010 сыллаахха баттаныллыбыта. Тутуута 2018 сылтан саҕаламмыта. Бу сыл Владимир Путин уонна Реджеп Тайип Эрдоган Турция Мерсин провинциятыгар эбийиэги тутан саҕалыыры быһа эпиир нөҥүө биллэрбиттэрэ. Биэс сылынан тутуу түмүктэнэн бэҕэһээ, муус устар 27 күнүгэр, ыстаансыйа бастакы блогар Арассыыйаттан ядернай оттук кэллэ.
Владимир Путин бу бырайыак икки дойдулар устуоруйаларыгар улахан бырайыак буоларын таһынан, аан дойду үрдүнэн киэҥ хабааннаах тутуу буоларын бэлиэтээтэ. Кини иһитиннэрбитинэн, билигин күннэтэ 30 тыһыынча киһи бу бырайыакка үлэлиир. Кинилэртэн үс гыммыт иккитэ — Турция олохтоохторо. Тутуу Атомнай энергия норуоттар икки ардыларынааҕы ааҕыныстыбатын хонтуруолунан тутулла турар. Турция устудьуоннара билигин Арассыыйа үрдүкү үөрэхтэригэр атомнай энергетикаҕа үөрэнэ сылдьаллар. Бу устудьуоннар кэнэҕэскитин “Аккую” атомнай ыстаансыйаҕа үлэлиэхтээхтэр.
Ыстаансыйа бастакы блогар ядернай оттук кэлбитинэн сибээстээн Турция атомнай дойдулар ахсааннарыгар киирдэ. Бэрэсидьиэн Реджеп Тайип Эрдоган бу бэлиэ түгэни Турция олохтоохторо 60 сыл кэтэспиттэрин иһитиннэрдэ.
— “Аккую” ыстаансыйаҕа ядернай оттук кэлиэҕиттэн биһиги дойдубут атомнай державалар истэригэр киирдэ. Бу бэлиэ түгэни Турция 60 сыл күүппүтэ. Быйыл дойдубут сүүс сыллаах үбүлүөйүн маннык улахан эбийиэктээх көрсөрбүтүттэн тус бэйэм үөрэбин. Түгэнинэн туһанан, Арассыыйаҕа, чуолаан бэрэсидьиэҥҥэ Владимир Путиҥҥа биһиги бырайыакпытын өйөөн, үлэни саҕалаабытыгар дириҥ махталбын тиэрдэбин, — диэн иһитиннэрэр кини.
Санатан эттэххэ, Турция атомнай электро-ыстаансыйаны тутуу боппуруоһун өссө ааспыт үйэ 60-с сылларыгар көтөхпүтэ. Ол эрээри оччотооҕуга быһыы-майгы уустугуран, дойдуга кириисис буолан, кыайан тутуллубакка хаалбыт.
Ыстаансыйа толору кыаҕын ыллаҕына сылга 35 млрд КВт-ч уоту биэриэхтээх. Бу ыстаансыйа дойду уон бырыһыанын уотунан хааччыйыахтаах. Ону сэргэ кэнэҕэскитин Турция гааһы туһаныытын балтараа төгүл кыччатыахтаах.
Тэрээһиҥҥэ Атомнай энергия норуоттар икки ардыларынааҕы ааҕыныстыбатын генеральнай дириэктэрэ Рафаэль Гросси, “Росатом” хампаанньа салайааччыта Алексей Лихачев уонна Турция энергетикатын, айылҕатын ресурсатын миниистирэ Фатих Донмез кытыннылар.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…