Арассыыйа «Улахан Евразияҕа»: Саха сирэ Индияны кытары сыһыанын хайдах бөҕөргөтөрүй?

Share

Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы  экэнэмиичэскэй пуорум Арассыыйа доҕордуу дойдуларын кытары бииргэ үлэлээһиҥҥэ сүҥкэн улахан былаһаакканан буолар. Ил Дархан Айсен Николаев сэрэдэҕэ ПМЭФ былаһааккатыгар «Индия Бизнес-Альянса» кэмиэрчэскэйэ  суох партнерство бэрэсидьиэнин Манодж Котвани кытары көрүстэ.

Өрүттэр икки судаарыстыба урбаанньыттарын бииргэ үлэлээһиннэрин туһунан дьүүллэстилэр. Ленскэй кулууп өрөспүүбүлүкэ Индия партнердарын тугунан интэриэһиргэтиэн уонна кэскилин туһунан ПОРА эспиэртэр сэбиэттэрин сүрүннээччитин Александр Воротниковы кытары дьүүллэстилэр.

«Кэпсэтии ПМЭФ чэрчитинэн барбыт буолан, олус туһалаах буолла, – диэн этэр эспиэр. Бастатан туран, Айсен Николаев Арассыыйа Илиҥҥи дойдулар диэки тахсарыгар күүскэ үлэлэһэр эрэгийиэн биир биллэр-көстөр лиидэринэн буолар. Иккиһинэн, Арассыыйа тас бэлиитикэтин саҥа кэнсиэпсийэтинэн көрдөххө, маннык сибээстэһиилэр олус улахан суолталаахтар, онуоха Индия биһиги дойдубут биир сүрүн партнерунан биллэр.

Бастакы уочарат биһиги өрөспүүбүлүкэбит Индияҕа сыаналаах күндү таастары эргинэр: ПМЭФ былаһааккатыгар ювелирнай-кырыылыыр кластер бырайыактарыгар бииргэ үлэлээһини дьүүллэстилэр. Ону таһынан өрүттэр маһы таҥастааһын, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын уонна туризм хайысхатыгар бииргэ үлэлээһини сайыннарыыны бэлиэтээтилэр.

«Итини тэҥэ Саха сирэ Индияны туризмҥа үөрэтиинэн, ирбэт тоҥ эйгэтигэр наука өттүгэр бииргэ үлэлээһининэн интэриэһиргэтиэн сөп, – диэн Ленскэй кулууп эсперэ саныыр. – Өрөспүүбүлүкэ Арктика зонатыгар үлэни толору билэр биир саамай тутаах эрэгийиэнинэн буолар. Индия ити боппуруоһунан интэриэһиргиир, тоҕо диэтэххэ, кинилэргэ Гималайдарга эмиэ ирбэт тоҥноох сирдэрдээх. Кинилэр исписэлиистэрэ Саха сиригэр кэлэн үөрэниэхтэрин, оттон практикаларын өрөспүүбүлүкэ Арктика зонатыгар барыахтарын сөп».

«Айсен Сергеевич Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, Азия дойдуларыгар эмиэ ытыктанар эрэгийиэн лиидэрэ. Мин саныырбынан, маннык киэҥ сиргэ биллэр-көстөр таһымнаах салайааччы суох. Билигин Арассыыйа тас бэлиитикэтэ уларыйда. Сүрүн суолта «Улахан Евразияны» кытары бииргэ үлэлииргэ уурулунна. Манна өрөспүүбүлүкэ оруолун хайдах даҕаны намтатыллыбат», – диэн түмүктээтэ эспиэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Чэгиэн

10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

18 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана өҥөтө ыҥырыкка төһө буоларый?

Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…

2 часа ago