Арассыыйа уонна Белоруссия оборуонаҕа үлэлэһиилэрин күүһүрдүөхтэрэ
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, муус устар 6 күнүгэр, Белоруссия салайааччытын Александр Лукашенконы кытары көрсөн, икки сойуустаах дойдулар бииргэ үлэлээһиннэрин мунньаҕын ыытта.
Белоруссия бэрэсидьиэнэ Александр Лукашенко Москваҕа икки күн үлэлээтэ. Бэҕэһээ икки дойду салайааччылара кыттыылаах улахан мунньах буолла. Манна бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, парламент дьокутааттара кытыннылар.
Мунньахха бэлиэтээбиттэринэн, Арассыыйа Белоруссияны кытары табаары эргиниитэ 2021 сыллаахха 35 бырыһыан үрдээн 40 млрд дуолларга тэҥнэспит, оттон былырыын өссө 12 бырыһыан эбиллэн, 45 млрд дуолларга тиийбит.
— Белоруссияны кытары биһиги бары хайысхаҕа үлэлэһэбит. Атыы-эргиэн буоллун, экэниэмикэ боппуруостара буоллун барытыгар. Кэлиҥҥи сылларга оборуона, наука, технология, үөрэх, култуура эйгэлэригэр үлэлэһиибит кэҥээтэ. Итини сэргэ биһиги арҕааҥҥы дойдулар киллэрбит хааччахтарыгар тэҥҥэ биир кэлим миэрэлэри ылынан олоробут. Ол иһигэр үп-харчы, национальнай валютанан атыыны-тутууну ыытыыга, — диэн этэр Владимир Путин.
Кини этэринэн, хардарыта табаары эргиниигэ биир кэлим систиэмэ олохтоммута, судаарыстыбалар икки ардыларыгар таможеннай кииҥҥэ уларыйыылар киирбиттэрэ бизнескэ көдьүүстээх уонна туһалаах буолбут. Ону таһынан бырамыысыланнаска бииргэ үлэлэһии эмиэ үтүө түмүктэри аҕалбыт.
— Бырамыысыланнаспытын сайыннарыыга эмиэ биир бэлиитикэни ыытабыт. Былырыын ахсынньыга бырабыыталыстыбалар икки ардыларынааҕы сөбүлэҥнэринэн бырамыысыланнаска биир кэлим технологияны киллэрии үлэлээбитэ. Бу чэрчитинэн, Арассыыйа уонна Белоруссия хампаанньаларыгар уопсай ирдэбиллэр киирбиттэрэ. Ол түмүгэр улахан бырайыактары киллэрии быдан судургутуйуоҕа уонна түргээтиэҕэ. Билигин тыа хаһаайыстыбатыгар бу саҥа уларыйыы үчүгэй түмүктэри аҕалла, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
Экэниэмикэни таһынан мунньахха оборуона, куттал суох буолуутун боппуруостарын көрдүлэр.
— Белоруссияны кытары оборуона, байыаннай-техническэй боппуруостарга үлэлэһиибитин тохтоппоппут. Билигин бу эйгэлэргэ тэҥҥэ үлэлэһии хаһааҥҥытааҕар да суолтата улахан. Сойуустаах судаарыстыбалар куттала суох буолууларын концепциятын туһунан бүгүҥҥү мунньахха кэпсэттибит. Дойдуларбытыгар куттал үөскээбэтин туһугар туох, ханнык үлэни ыытарбытын сүбэлэстибит, — диэн бэлиэтиир Владимир Путин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: