Салгыы
Арассыыйа уонна Хотугу Кипр

Арассыыйа уонна Хотугу Кипр

23.12.2023, 10:00
Хотугу Кипр.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Хотугу Кипр (Турция Өрөспүүбүлүкэтэ) Арассыыйа бэрэсидьиэниттэн Владимир Путинтан икки дойдулар быһа үлэлэһиилэрин хат көрөргө көрдөстө. Дьиҥэр, бу боппуруос билигин эрэ кэлэн турар буолбатах, Хотугу Кипр кыһалҕата ааспыт үйэ 70-с сылларыттан саҕаламмыта. Ол эрээри кэмиттэн кэмигэр сытыырхайан кэлэр.

Кипр устуоруйатыттан

Устуоруйаттан ыллахха, Кипр – Средиземнэй муораҕа кэлиигэ-барыыга олус табыгас­таах сир буолан, былдьаһык­таах арыы быһыытынан биллэр. Бэйэтин кэмигэр хас да импиэрийэ састаабыгар киирэ сылдьыбыта, хас эмэ үйэни быһа саа-саадах үрдүгэр олорбута. Туспа судаарыс­тыба быһыытынан бэйэтин суверенитетын 1960 сыллаахха эрэ ылыммыта. Манна сүрүннээн грек уонна турок омуктар түөлбэлээн олороллор. Ол эрээри ити кэмҥэ Греция Кипр Өрөспүүбүлүкэтин тэри­йэбит диэн историяҕа биллибит Хунта (“хара полковниктар”) 1974 сыллаахха арыыга судаарыстыбаннай өрө турууну ыытан, Турция туроктары көмүскүүбүн диэн манна бэйэтин байыаннайдарын киллэрэн арыы икки аҥы арахсыбыта: Соҕуруу уонна Хотугу Кипргэ.

Билигин Хотугу Кипргэ Арассыыйа бэйэтин консульствотын арыйан үлэлэтэ олорор. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 50 тыһыынчаттан тахса Арассыыйа олохтооҕо баар.

Хотугу Кипр киирсии кэнниттэн арыы уопсай иэниттэн 37 бырыһыанын илдьэ хаалбыта уонна Турция көрүүтүгэр-истиитигэр киирбитэ. Уонча сылы быһа эйэлээх кэпсэтии кыайан табыллыбакка, 1983 сыллаахха Хотугу Кипр бэйэтин тутулуга суох судаарыстыба быһыытынан биллэриммитэ уонна 1985 сыллаахха референдум ыытан, Төрүт Сокуонун ылыммыта. Ол эрээри Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин да, атын дойдулар да өйөбүллэрин ылбатаҕа. Билигин Хотугу Кипри туспа дойду быһыытынан Турцияттан ураты ханнык да судаарыстыба билинэ илик. Онон бу боппуруос өтөрдөөҕүттэн ааспыт үйэ 70-с сылларыттан силис-мутук тардар.

Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрэ Кипр арыыны холбуур туһунан хаста да кэпсэтии ыыта сылдьыбыттара да, тыллара салгыны эрэ хамсаппыта. 2004 сыллаахха икки өрөспүүбүлүкэҕэ референдум ыытылла сылдьыбыта, ол эрээри олохтоохтор холбоһору утарбыттара. Ити сыл Кипр Өрөспүүбүлүкэтэ Евросойууска киирбитэ.

Эрсин Татар этиититтэн

Хотугу Кипр бэрэси­дьиэнэ Эрсин Татар бу нэдиэлэҕэ “ТАСС” федеральнай информационнай ааҕыныстыбаҕа иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа уонна Хотугу Кипр быһа үлэлэһиилэрин боппуруоһа билигин ордук сытыытык турар.

– Биһиги Арассыыйаны кытары үлэлэһиибитин кэҥэтиэхпитин уонна салгыы са­­йыннарыахпытын баҕарабыт. Ол иһин Арассыыйа салалтата, чуолаан бэрэсидьиэн Владимир Путин, Хотугу Кипр боппуруоһун хат көрөрүгэр көрдөһөбүт. Бу билигин, Украинаҕа уонна аан дойдуга буола турар быһыы-майгы кэнниттэн, ордук суолталанна, – диэн этэр кини.

Эрсин Татар бу боппуруос­ка Арассыыйа бастакы уочарат бэйэтин интэриэһин көрүөхтээх диэн бэлиэтиир.

– Мин санаабар, Арассыыйа бу боппуруоска бэйэтин интэриэһин көрүөхтээх. Арҕааҥҥы дойдулар Евройосуус салалтатынан Хотугу уонна Соҕуруу Кипр федерация курдук биир судаарыстыба буолуохтаахтар диэн этэллэр. Өскөтүн Кипр барыта Евросойуус салалтатыгар киирдэҕинэ, Арассыыйа бу эрэгийиэҥҥэ бэйэтин күүһүн сүтэриэн сөп. Уонна Евросойуус Турция бу дойдуттан тахсан барыахтаах диэн этиилээх. Онон бу боппуруос Арассыыйаҕа даҕаны, Турцияҕа даҕаны сыһыаннаах, икки дойдуга боппу­руос бы­­һаарыллара хайа да өттүгэр туһалаах. Биһиги этиибит биир: Кипр арыытыгар икки сувереннай дойду баар буолуох­таах, – диэн иһитиннэрэр бэрэсидьиэн.

Хотугу Кипр бэрэсидьиэнин этиитин кэнниттэн тута сөрөөн Кипр Өрөспүүбүлүкэтэ ХНТ Куттал суох буолуутун сэбиэтин резолюциятыгар сигэнэн, Кипр арыыга биир эрэ судаарыстыба баарын өссө төгүл санатан эппитэ. 2017 сыллаахха ХНТ бу икки судаарыстыба илии тутуһалларыгар биир эмиэ улахан кэпсэтиини ыыта сылдьыбыта да, эмиэ туох да туһа тахсыбатаҕа. Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган икки сыллааҕыта ХНТ мунньаҕар Хотугу Кипр туспа судаарыстыба быһыытынан билиниллэрин туруорсубута.

Арассыыйа санаата

Бу боппуруоска Арассыыйа Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин этиитин утарбат. Ол эрээри 2004 сыллаахха Арассыыйа бу боппуруос­ка ХНТ резолюциятыгар вето түһэрэн турар. Ону сэргэ Владимир Путин Хотугу Кипр балаһыанньатын Косовоны кытары тэҥнии тутар уонна сорох дойдулар тэҥ статус­таах боппуруостары икки аҥы көрөллөрүн таайтаран эппитэ баар. Санатан эттэххэ, Косово Сербия Өрөспүүбүлүкэтиттэн арахсан бэйэтин суверенитетын ылыммыта. Бу өрөспүүбүлүкэни туспа су­­даарыстыба быһыытынан тута Америка Холбоһуктаах Штаттара, арҕааҥҥы дойдулар үгүстэрэ билиммиттэрэ. Оттон Хотугу Кипр Турция Өрөспүүбүлүкэтэ билинэллэрэ тоҕо сатамматый?

Билигин Хотугу Кипргэ Арассыыйа бэйэтин консульствотын аһан үлэлэтэ олорор. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 50 тыһыынчаттан тахса Арассыыйа олохтооҕо баар. Ол иһигэр ус­­ту­дьуоннар. Арассыыйаттан Хотугу Кипргэ быһа көтүүнү олохтооһун туһунан кэпсэтии өссө былырыыҥҥыттан барар. Ол эрээри билиҥҥитэ бу өрөспүүбүлүкэҕэ Турциянан эрэ көтүөххэ сөп.

Оттон Кипр Өрөспүүбү­лүкэтин ыллахха, бу судаарыс­тыбаны кытары Арассыыйа урут-уруккуттан үлэлэһэ олорор. Билигин манна “Россотрудничество” киинэ үлэлиир. Бу киин 1978 сыл­лаахха аһыллыбыта. Онон икки дойдуну иккиэннэрин кытары Арассыыйа биир ситимнээхтик үлэлиир.Кипр уонна Арассыыйа урут-уруккуттан үлэлэһэ олорор дойдулар буолаллар. Билигин манна “Россотрудничество” киинэ үлэлиир. Бу киин 1978 сыллаахха аһыллыбыта.

Түмүк оннугар

Билигин үгүс эспиэр Арассыыйа хайа диэки салаллыаҕай диэн анааран көрөр. Бу биһиги эрэ дойдубутугар буолбакка, тас дойдуларга эмиэ ырытыллар боппуруос. Арассыыйаны үгүс дойду аарыма суудунаҕа холуур. Бу аарыма суудуна хайа диэки хайыһарын кыраҕытык кэтииллэр. Илин өттүгэр Кытайы кытары эҥээрдэһэн билигин үлэтин өссө хаҥатта. Быйыл үһүс төгүлүн Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин салайааччытынан талыллыбыт Си Цзиньпин Арассыыйаны кытары туох баар боппуруоска, ол иһигэр аан дойду бэлиитикэтигэр, бииргэ үлэлэһэбин диэн иһитиннэрэн турар. Ону сэргэ Арассыыйа Киин Азия, Илиҥҥи, Африка, Индия дойдуларын кытары биир ситимнээхтик үлэлии олорор. Оттон арҕаа кынатыгар Турцияны кытары сибээһин хаһааҥҥытааҕар да күүһүртэ.

Владимир Путин сыл түмүгүн таһаарар пресс-кэмпириэнсийэтигэр тас дойдулары кытары үлэлэһии уонна Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэригэр вето (ол эбэтэр утарыы) ньымата хайаатар да баар буолуохтааҕын туһунан иһитиннэрбитэ. “Бу ньыма суолтата олус улахан эбээт. Вето баар буоллаҕына дойду бэйэтин харыстабыллаах сананар. Бу олус улахан суолталаах. Бу ньыма ХНТ хайаатар да баар буолуохтаах. Ону ылан кэбистэхпитинэ кэпсэтиибит күдээринэ күүгээн эрэ буолан хаалар. ХНТ эрдэттэн да биир тылы буларга, көрдүүргэ түмсүү быһыытынан тэриллибитэ”, – диэн этэр кини. Бэрэсидьиэн бу этиитэ, билигин санаан көрдөххө, олус дириҥ.

Анадолу хаартыската

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: