Владимир Путин Хотугу Кореяҕа сырыытын түгэниттэн
Сэбиэскэй Сойуус саҕана Корея XX үйэтинээҕи историятыттан ыллахха, 1910–1945 сыллардаахха Япония колониятынан буола сылдьыбыта.
Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн дойду икки аҥы хайдыбыт курдук буолбута: биир өттө — Сэбиэскэй Сойуус өйөбүлүнэн олороро, иккиһэ — Америка Холбоһуктаах Штаттарын көмөтүнэн. Онон биир тылы булумуналар, 1948 сыллаахха Корея Өрөспүүбүлүкэтэ (Соҕуруу Корея) уонна Корея Народнай-Демократическай Өрөспүүбүлүкэтэ (Хотугу Корея) диэн саҥа судаарыстыбалар тэриллибиттэрэ. Ол эрээри сирдэрин-уоттарын кыайан үллэстибэккэлэр, 50‑с сыллардаахха саа-саадах тутан утарыта киирсибиттэрэ. Манна, биллэн турар, Сэбиэскэй Сойуус Хотугу Кореяны өйөөбүтэ.
Сэбиэскэй Сойуус Хотугу Кореяны кытары 1949 сыллаахха экэниэмикэҕэ уоннa култуураҕа бииргэ үлэлэһэргэ дуогабар баттаспыта. Онтон уонтан тахса сыл буолан баран, 1961 сыллаахха атыыга-тутууга, муора суолунан айаҥҥа, бэйэ бэйэҕэ көмө-тирэх буоларга дуогабар түһэрсибитэ. Ити иннинэ 1956 сыллаахха ядернай энергетикаҕа докумуон баттаспыттара.
КНДР бастакы бэрэссэдээтэлэ Ким Ир Сен дойдутун өлүөр диэри 1994 сылга диэри салайан олорбута. Кини Сэбиэскэй Сойуус бары салайааччыларын кытары бииргэ тутуһан үлэлээбитэ биллэр. Москваҕа алта төгүл кэлэ сылдьыбыт, Иосиф Сталины, Никита Хрущеву, Леонид Брежневы, Константин Черненконы, Михаил Горбачеву кытары көрсүбүтэ диэн суруйаллар. Кини кэнниттэн уола Ким Чен Ир олорор. Онтон 2011 сылтан Ким Чен Ын бэрэссэдээтэллиир.
Хотугу Корея, бэйэҕит да билэҕит, аан дойдуга биир интэриэһинэй бэлиитикэлээх, сабыылаах дойду быһыытынан биллэр. Аан дойду үрдүнэн саамай элбэх хааччаҕы КНДР көрсөн олорор. Статистика көрдөрөрүнэн, бу дойдуну утары былырыын 2133 хааччах киирбит. Ол эрээри кэлиҥҥи уонча сылга Хотугу Корея экэниэмикэтин биллэ тупсарда. Аны Арассыыйаны кытары билиҥҥи сыһыанын ылан көрүөххэ.
Билиҥҥи кэмҥэ
Сэбиэскэй Сойуус эстибитин кэннэ, Арассыыйа 2000 сыллардаахтан Азия дойдуларын, ол иһигэр Хотугу Кореяны, кытары саҥалыы сыһыаны олохтоон барар. Ити сыл Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Соҕуруу Кореяҕа бара сылдьан дойдулар бииргэ үлэлэһиилэригэр хас да пууннаах улахан дуогабары баттаһан кэлбитэ. Бу докумуону 1961 сыллаахха түһэрсиллибит дуогабар салгыытын быһыытынан сыаналыахха сөп.
Бу кэмтэн саҕалаан ядернай энергетикаҕа, байыаннай дьыалаларга, атыыга-тутууга саҥа кэрдиис кэм саҕаланар. Арассыыйаттан Раджин диэн Хотугу Корея пуордугар диэри тимир суол чөлүгэр түһэриллэн, табаары таһыыга биир дьоһун хардыы оҥоһуллубута. Санатан этиим, Арассыыйа Хотугу Кореяны кытары уу суолунан кыраныыссалаһан олорор. Онон кыраныыссаҕа суолу-ииһи оҥоруу, пуортары тутуу улахан суолталаах. Ону таһынан икки дойдулар атыыга-тутууга бэйэлэрин национальнай харчыларынан төлөһөр буоланнар, араас хааччахха оҕустарбатылар. Ол эрээри биллэр биричиинэлэринэн 2015 сылтан табаарынан эргинии атын сыллардааҕар лаппа түһэн хаалбыта. Холобур, 2022 сылга баара-суоҕа үс мөлүйүөн дуоллар суумалаах табаарынан эргинии барбыт, оттон былырыыҥҥы түмүгүнэн 29 мөлүйүөн дуолларга тахсыбыт. Эрдэ бу сыыппара 84 мөлүйүөн дуолларга тэҥнэһэ сылдьыбыттааҕа.
Арассыыйа Хотугу Кореяҕа гуманитарнай көмөнү куруутун ыыта олорор. Холобур, хамсык кэмигэр 50 тыһыынча туонна сэлиэһинэй тиийбитэ биллэр. Ону таһынан ити сылларга Арассыыйа Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин хайысхатынан сэттэ мөлүйүөн дуоллары көмө быһыытынан ыыппыта. Билигин Хотугу Кореяҕа Арассыыйаттан ньиэп атыыга тахсар.
КНДР салайааччыта Ким Чен Ын Арассыыйаҕа иккитэ кэлэн барбыта. 2019 сыллаахха уонна былырыын күһүн. Былырыын Приморьеҕа биир нэдиэлэ буолан, үгүс кэпсэтиини ыытан барбыта. Владимир Путины кытары көрсүһүүтүгэр кинини Хотугу Кореяҕа ыҥырбыта. Онон саҥа дуогабары баттаһыы Владивостоктан, Уһук Илинтэн силис-мутук тардар.
Саҥа дуогабар
Владимир Путин уонна Ким Чен Ын үс докумуоҥҥа илии баттастылар. Эргиэни, атыыны-тутууну, экэниэмикэни таһынан манна култуураҕа, үөрэххэ, наукаҕа, доруобуйа харыстабылыгар бииргэ үлэлэһии киирдилэр. Бииргэ үлэлэһии стратегическэй дуогабарыгар байыаннай дьыала биир ойуччу миэстэни ыларын бэлиэтиир наада.
— Төһө да арҕааҥҥы дойдулартан араас хааччах киирэ турдар, биһиги дойдуларбыт хардарыта көмөлөсүһэ олороллор. Саҥа дуогабарга дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыыга улахан оруолу уурдубут. Ол иһигэр дойдуларбытыгар тастан куттал суоһуур түгэнигэр бииргэ үлэлэһэргэ, — диэн эттэ Владимир Путин суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр.
Хотугу Корея бэрэссэдээтэлэ Ким Чен Ын бэлиэтээбитинэн, билиҥҥи дуогабар Арассыыйаны кытары сыһыаны саҥа таһымҥа таһаарар.
— Биһиги дойдуларбыт сыһыаннаһыылара урукку кэмтэн, Сэбиэскэй Сойуус уонна КНДР сыһыаннаһыыларыттан, саҥа кэрдиис кэмҥэ үктэннэ. Ол туоһутунан бу түһэрсиллибит дуогабардар буолаллар. Арассыыйа ыытар бэлиитикэтин өйүүбүт, — диэн иһитиннэрэр кини.
Арҕааҥҥы дойдулар, биллэн турар, бу дуогабардаһыылары тириилэрин таһынан ылыналлар. Аан дойду прессата Владимир Путин Пхеньяҥҥа сырыытын баһыттан — атаҕар диэри сырдатта. Салгыы Владимир Владимирович Вьетнамҥа сырытта. Вьетнам Америка Холбоһуктаах Штаттарын кытары үлэлэһэ олорор. Онон бу көрсүһүүлэри баттаамалаах кэпсэтиилэртэн биир сүрүннэрэ диэн этиэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: