Арассыыйа уонна Казахстан: саҥа хардыылар

Арассыыйа уонна Казахстан: саҥа хардыылар

09.11.2023, 09:00
Хаартыска: РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Былырыын Саҥа дьыл кэнниттэн Казахстаҥҥа судаарыстыбаннай уларыта тутуу буола сыһан, бэрэсидьиэннэрэ Касым-Жомарт Токаев ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрэн, Куттал суох буолуутун хааччыйар дуогабары баттаспыт дойдулартан көмө көрдөспүтэ. Дуогабардаах алта дойду бэйэлэрин күүстэрин ыытаннар, ол иһигэр Арассыыйаттан салгын-десантнай чаастар тиийэннэр, кылгас кэм иһигэр Алма-Атаҕа уонна уон эрэгийиэҥҥэ бэрээдэк олохтоммута. Бу өрө турууну Токаев кэлин “судаарыстыбаны ыһыыга хас да сылы быһа бэлэмнэниллибит үлэ эбит” диэн сыаналаабыта.

Дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыы

Итини тоҕо ахтан аһардым? Билигин судаарыстыбалар быар куустан олорор кэмнэрэ буолбатах. Аан дойду барыта ыаҕастаах уу курдук дьалкыйа турар. Бу кэмҥэ дойдулар икки ардыларыгар үлэлэрин-хамнастарын ырытыһыылара, былааннарын торумнаһыылара ураты суолталаах. Ол иһин бу күннэргэ дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин Астанаҕа тиийэн, Арассыыйа уонна Казахстан бииргэ үлэлэһиилэрин пуорумугар кыттыахтаах. Ону таһынан, бэрэсидьиэн Касым-Жомарт Токаевы кытары көрсүөхтээх.

Кини “Казахстанская правда” хаһыакка биэрбит интервьютугар Арассыыйа уонна Казахстан бииргэ үлэлэһиилэригэр дойдулар суверенитеттара, сирдэрэ-уоттара харыстабыллаах буолуута инники күөҥҥэ тутулларын ордук чорботон бэлиэтээн эттэ.

— Дойдуларбыт бииргэ үлэлэһиилэрэ бу биһиги көлүөнэттэн көлүөнэҕэ илдьэ кэлбит үтүө үгэспит. Бу үлэбит сылтан сыл кэҥээн, тэнийэн иһэриттэн тус бэйэм үөрэбин. Суверенитеттарбытын хардарыта билинэрбит, сирдэрбит-уоттарбыт харыстабыллаах буолууларыгар үлэлэһиибит, бэйэбит ис дьыалабытыгар кыттыспат буолуубут барыта дуогабардарынан бигэргэтиллэн турар. Ити дойдулар бэйэ-бэйэбитигэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһарбытын көрдөрөр, — диэн этэр кини.

Владимир Путин Арассыыйа уонна Казахстан дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыыга норуоттар икки ардыларынааҕы үгүс түмсүүгэ бииргэ куолаан үлэлииллэрин бэлиэтээн эттэ. Холобур, Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүгэр, Евразия экэниэмикэтин сойууһугар, Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр, Дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйар дуогабар түмсүүтүгэр, о.д.а. бииргэ үлэлииллэр.

— Эрэгийиэннэр икки ардыларыгар куттал суох буолуутун хааччыйыыга биһиги Дуогабар нөҥүө тэҥҥэ үлэлэһэ олоробут. Бу дуогабар көдьүүһэ 2022 сыллаахха Казахстаҥҥа буолбут түгэҥҥэ ырылыччы көстүбүтэ, дойдулар бары көмөҕө кэлэн, Казахстаҥҥа аҕыйах хонук иһигэр бэрээдэк олохтоммута, — диэн иһитиннэрэр кини. Санатан эттэххэ, бу дуогабарга билигин Арассыыйа, Казахстан, Армения, Белоруссия, Киргизия уонна Таджикистан бааллар.

Биллэн турар, бу боппуруостар барыта буолаары турар пуорумҥа биир ойуччу миэстэни ылыахтара. Итини таһынан, пуорум чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатын, экэниэмикэни, энэргиэтикэни эмиэ ырытыыга таһаарар былааннаахтар. Манна биир сүрүн миэстэни Арассыыйа уонна Казахстан киин Азия эрэгийиэннэригэр суолталарын туһунан кэпсэтии ылыаҕа.

Киин Азия экэниэмикэтигэр

Статистиканы ыллахха, Арассыыйа да, Казахстан да экэниэмикэлэрин сайыннарыыга хайа да өттүттэн сылтан сыл былааннарын хаҥатан иһэллэрэ көстөр. Холобура, бу икки дойдулар былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн табаарынан эргиниилэрэ 10,2 бырыһыанынан үрдээн, 28,2 млрд дуолларга тэҥнэспит. Бу хаһааҥҥытааҕар да үрдүк көрдөрүү.

Аны туран Арассыыйа Казахстаҥҥа биир сүрүн инвестор буоларын умнумуохха. Билигин Казахстан Өрөспүүбүлүкэтигэр барыта алта тыһыынчаттан тахса Арассыыйа хампаанньата үлэлиир. Ол иһигэр “Газпром”, “Роснефть”, “Лукойл”, “Татнефть” курдук улахан хампаанньалар энэргиэтикэ өттүгэр күүскэ үлэлэһэ олороллор. Биир улахан бырайыагынан бу соторутааҕыта алтынньыга Казахстан нөҥүө Узбекистаҥҥа диэри гаас ситимэ киирбитин бэлиэтиэххэ сөп. Бу ситим тардыллан билигин Арассыыйа “күөх төлөнө” Ташкеҥҥа диэри тиийэн киин Азия эрэгийиэннэрин хапта.

— Бу бырайыак аҥаардас бу үс дойдуга эрэ буолбакка, киин Азия эрэгийиэннэригэр ураты суолталаах. Бу ситимҥэ билигин Туркменистан киирэр санаалаах, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.

Итини таһынан, киин Азия эрэгийиэннэригэр, чуолаан Казахстаҥҥа ньиэп эйгэтигэр, атомнай ыстаансыйаны тутууга бырайыактар бааллар. Владимир Путин этэринэн, Казахстаны кытары “күөх энэргиэтикэни” сайыннарыы, ол эбэтэр күн, тыал күүһүн энэргиэтикэҕэ киллэрии, онтон да атын хайысхаларга үлэлэһии эмиэ күүскэ бара турар. “Уопсай ылан эттэххэ, киин Азия эрэгийиэннэрин кытары үлэлэһиибит аҥаардас энэргиэтикэ боппуруостарынан эрэ муҥурдаммат. Тырааныспар, суол-иис, гуманитарнай, о.д.а. эйгэлэргэ үлэ барар. Билигин тас дойдулары кытары үлэлэһэр миниистирдэр таһымнарыгар эмиэ сүрдээх үчүгэй хардарыта кэпсэтиһии үөскээтэ. Манна ордук бэлиитикэ, экэниэмикэ, дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыы, тулалыыр эйгэни харыстааһын, тыа хаһаайыстыбата, о.д.а. эйгэлэри ырытыһыы барар”, — диэн этэр кини интервьютугар.

Касым-Жомарт Токаев да этэринэн, Арассыыйа уонна Казахстан бу боппуруостарга тэҥҥэ куолаан үлэлииллэрэ хайа да өттүнэн табыгастаах уонна барыстаах. “Холобурун ылан эттэххэ, Казахстан уонна Арассыыйа икки ардытыгар суолун-ииһин оҥостуута, ол иһигэр “Хоту-соҕуруу” бырайыак киириитэ, биллэн турар, биһиги дойдуларбытыгар атыы-тутуу, инвестиция өттүгэр туһаны эрэ аҕалар. Билигин аан дойду үрдүнэн тырааныспар, суол-иис логистикатын оҥорууга, ону хонтуруоллааһыҥҥа кытаанах күөн көрсүһүү бара турар. Ити күөнүгэр Евразияҕа саҥа айан суола оҥоһулла сылдьар. Бу кэнэҕэскитин хас биирдии дойдуга барыстаах эрэ буолуоҕа”, — диэн Казахстан бэрэсидьиэнэ эппитэ баар.

Онон бэрэсидьиэннэр бу икки этиилэрин холбуу тутан эттэххэ, билигин киин Азия эрэгийиэннэригэр Арассыыйа уонна Казахстан дойдулар бииргэ үлэлэһиилэригэр үтүө холобур көрдөрөн, саҥа саҕахтары арыйыахтарын сөп. Ити аан дойду бэлиитикэтин хонуутугар, чуолаан Евразияҕа, дьоһун хардыынан буолуоҕа.

Түмүк оннугар

Уонна түмүккэ Арассыыйа уонна Казахстан бииргэ үлэлэһиилэригэр Саха сирэ ылар оруолун ойуччу тутан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Билэргит курдук, ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыгар автономиябытын ылыныыбытыгар биир улахан суолталаах киһибит Максим Кирович Аммосов Казахстан үс уобалаһыгар салайааччынан үлэлиэҕиттэн биһиги өрөспүүбүлүкэлэрбит биир ситимнээхтик үлэлии олороллор. Быйыл Хотугу-Казахстан уобалаһыгар Петропавловскай куоракка Максим Кировичка аналлаах улахан кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта. Бу түмүгэр Казахстан уонна Саха сирин судаарыстыбаннай архыыптара бииргэ үлэлэһэргэ дуогабар түһэрсибиттэрэ, Максим Аммосов тус архыыбын оҥорорго сүбэлэспиттэрэ. Ону сэргэ Казахстаны кытары Саха сирэ билигин айти-технологияҕа, билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, литэрэтиирэҕэ, о.д.а. эйгэлэргэ үлэлэһэ олорор. Быйыл Ил Дархаммыт Айсен Николаев Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин аатыттан Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт Токаевы кытары көрсөн кэпсэтэн кэлбитэ. Онон билигин Арассыыйа аан дойдуга саҥа хардыылары оҥоруутугар биһиги өрөспүүбүлүкэбит киллэрэр кылаата кырата суох.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: