Арассыыйа уонна Казахстан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын таска таһаарыы туһунан кэпсэттилэр
Арассыыйа уонна Казахстан уон сыллааҕыта Екатеринбург куоракка бииргэ үлэлэһиигэ, доҕордуу сыһыаны бөҕөргөтүүгэ улахан дуогабар түһэрсэн тураллар. Сэтинньи 9 күнүгэр бу икки дойдулар бииргэ үлэлэһиилэригэр Казахстаҥҥа уон тохсус төгүлүн форум буолан ааста. Быйылгы форум тыа хаһаайыстыбатыгар туһуланна. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Казахстаҥҥа баран кэллэ.
Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, Арассыыйа уонна Казахстан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан эргиниилэрэ былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн 3,6 миллиард дуолларга тэҥнэспит. Бу икки дойдулар аан дойдуга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаларын оҥорон таһаарыыларынан инники күөҥҥэ сылдьаллар. Ол иһигэр бурдугу таска таһааран атыылааһыҥҥа уон бастыҥ дойдулар ахсааннарыгар киирсэллэр.
Казахстан бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаев аан дойду үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыгар, уоҕурдууга кырыымчыгырыы тахсыбытынан сибээстээн Евразия экэниэмикэтин сойууһун дойдулара манна ылар оруоллара үрдээбитин бэлиэтээн эттэ.
— Билэргит курдук, кэлиҥҥи сылларга аан дойду үрдүнэн күн-дьыл туруга да, экэниэмикэ да, бэлиитикэ да өттүнэн уларыйыылар тахсаннар, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыгар сорох дойдуларга кырыымчыгырыы таҕыста. Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин ааҕыыларынан, аан дойду үрдүнэн дьадаҥытык олорор, аска-үөлгэ наадыйааччы киһи ахсаана 830 мөлүйүөҥҥэ тиийбит. Оттон өссө биир сүүрбэччэ сылынан киһи аймах ахсаана икки миллиардынан эбиллиэ турдаҕа. Бу туһунан ХНТ эмиэ этэн турар. Экспертэр этэллэринэн, Евразия экэнэмиичэскэй сойууһун дойдулара тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан 600 мөлүйүөнтэн тахса киһини хааччыйыахтарын сөп. Ол иһигэр Казахстан уонна Арассыыйа бэйэлэрин бородууксуйаларын таһаарар кыахтаахтар, — диэн иһитиннэрэр кини.
Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйа Казахстаҥҥа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атыылааһыҥҥа эмиэ инники күөҥҥэ сылдьар. Бу эйгэҕэ туһуламмыт бырайыактар үгүстэр. Ол иһигэр инфраструктураны саҥардыы, суолу-ииһи тутуу, тиэхиньикэни оҥоруу курдук сүрүн эйгэлэргэ үлэ күргүөмнээхтик бара турар. Форумҥа Арассыыйаттан тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар уоҕурдуу киириитэ быйыл хаһааҥҥытааҕар да эбиллибитин бэлиэтээн эттилэр.
Владимир Путин тыа хаһаайыстыбатын инфраструктураны сайыннарыыга сыһыаран икки дойдулар суолу-ииһи, тырааныспар эйгэтин тупсарыыга бииргэ үлэлииллэрин бэлиэтээн эттэ.
— “Хоту-соҕуруу” магистралы тутуу туһунан хаста да этэн турабын. Бу айан суола Азия дойдуларын Индия акыйаанын кытары сибээстиэхтээх. Бу аҥаардас биһиэхэ эрэ буолбакка бүтүн Азия, Евразия дойдуларыгар улахан суолталаах бырайыак буолар. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын туһунан эттэххэ, Арассыыйа Казахстаҥҥа бурдугу, куурусса этин, саахары, үүт аһылыгы, о.д.а. бородууксуйалары атыылааһыҥҥа инники күөҥҥэ сылдьар. Быйыл уоҕурдууну тиэрдиибит үрдээтэ. Итини таһынан Казахстаны кытары биһиги тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар тиэхиньикэни оҥорууга бииргэ үлэлиибит. Манна “Ростсельмаш” хампаанньа, Петербурдааҕы тыраахтар собуота күүскэ үлэлэһэллэр, — диэн этэр кини.
Форум түмүгүнэн икки дойду лидердэрэ туһааннаах дуогабардары, бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ суруктары түһэристилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: