Арассыыйа уонна Монголия: күүһү түмэн

Арассыыйа уонна Монголия: күүһү түмэн

06.09.2024, 11:00
Хаартыска: Кириэмил саайтыттан
Бөлөххө киир:

Монголияны XX үйэҕэ Сэбиэскэй Сойуус уон алтыс өрөспүүбүлүкэтин быһыытынан ааттыыллара. Монголия ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыгар бэйэтин автономиятын ылыныаҕыттан Сэбиэскэй Сойууһу, кэлин Арассыыйаны кытары биир ситимнээхтик үлэлиир. Бу күннэргэ дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Улан-Баторга икки күннээх командировкаҕа сылдьан кэллэ.

Сэбиэскэй Сойуус саҕана

Ааҕааччым, үгэс курдук, суруйуубун устуоруйаттан саҕалыым. Устуоруйаттан билэҕит, Монголия олус дириҥ силистээх-мутук­таах, түҥ былыргы хууннар импиэ­рийэлэриттэн саҕаланар. Аныгы кэми ыллахха, XX үйэҕэ Монголия сүүрбэһис сылларга өрөбөлүүссүйэ ыытан, Национальнай Өрөспүүбүлүкэ аатын сүгэн, бэйэтэ Конституцияланан, сууттанан-сокуоннанан туспа судаарыстыба буолбута. Ити кэмҥэ Арассыыйа импиэрийэтигэр эмиэ Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ, Гражданскай сэрии буолан, Сэбиэскэй Социалистическэй Өрөспүүбүлүкэлэр Сойуустара тэриллибитэ. Монголия эмиэ атын өрөспүүбүлүкэлэр курдук Сойууска хайа баҕарар киирэр кыахтаах этэ диэн устуоруктар бэлиэтииллэр. Буолаары буолан, Монголия сорох сирэ, чуолаан, Тува Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ, Кытай сабыдыалыттан тахсан, эмиэ туспа автономияланан олорор судаарыстыба, Арассыыйа кынатын анныгар киирбит кэмигэр. Ол эрээри манна Монголия дириҥ силистээҕэ улахан оруолу оонньуур. Монголия уонна Кытай устуоруйалара биир быстыспат ситимнээхтэрин билэҕит. Онон Монголия иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммитин да кэннэ, Сэбиэскэй Сойуус уонна Кытай икки ардыгар буфернай судаарыстыба (ол аата утарыта турар дойдулар икки ардыларыгар хаалар судаарыстыба) аатын сүкпүтэ.

Монголия 1921 сыллаахха оччотооҕу Арассыыйаны кытары бииргэ үлэлэһэргэ дуогабар баттаспыта. Онтон кэлин Народнай Өрөспүүбүлүкэ быһыытынан автономиятын 1924 сыллаахха ылынан баран, Сэбиэскэй Сойууһу кытары дойдуларга куттал суох буолуутугар тэҥҥэ үлэлэспитинэн барбыта. Ол курдук, Кыһыл Аармыйа 1939 сыллаахха Япония милитарис­тыы санаалаах аармыйатын үлтүрүтүүгэ көмө-тирэх буол­бута. Оттон Аҕа дойду сэриитигэр, Маньчжурияҕа буолбут утарыта турсууга Монголия уонна Сэбиэскэй Сойуус биир аармыйанан киирсибиттэрэ. Санатан этиим, Сэбиэскэй Сойуус ити саҕана Монголия Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыба быһыытынан билинэр соҕотох дойду этэ. Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрэ (ООН) Монголияны 1961 сыллаах­ха эрэ билиммитэ. Онон Монголия автономиятын көмүскээһиҥҥэ эрэ буолбакка, дойду атаҕар туруутугар Сойуус улахан өҥөлөөх.

Хаартыска: Кириэмил саайтыттан

Арассыыйа, Монголия, Кытай

Сэбиэскэй Сойуус кэнниттэн Монголия салгыы Арас­сыыйаны кытары үлэлэһиитин тохтоппотоҕо. Икки дойду бэрэсидьиэннэрэ хардарыта ыалдьыттаһар этилэр. Холобур, Владимир Путин Монголияҕа бу иннинэ үстэ бара сылдьыбыта биллэр. Бүтэһигин хамсык иннинэ 2019 сыллаахха бара сылдьыбыта. Ол сырыытыгар 1993 сыллаахха Арассыыйа уонна Монголия бииргэ үлэлэһиилэригэр түһэрсиллибит дуогабары уһатан кэлбитэ.

Биэс сыллааҕыта Халхин-Гол сиригэр Кыайыы буолбута 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Арассыыйа уонна Монголия стратегическэй суолталаах улахан дуогабарга илии баттаспыттара. Оттон 2021 сыллаахха Арассыыйа уонна Монголия дипломатическэй сыһыаны олохтообуттара сүүс сыллаах үбүлүөйүгэр улахан иһитиннэрии оҥорбуттара. Манна биир улахан бырайыактарынан үс дойду Арассыыйа, Монголия уонна Кытай бииргэ үлэлэ­һиилэригэр болҕомто ууруллубута.

Биир-икки үйэ анараа өттүгэр Арассыыйа, Монголия уон­на Кытай атах тэпсэн оло­рон биир бырайыак­ка үлэлэһиэх­тэрэ диэбиттэрэ буоллар, араа­һа оччотоо­ҕу дьон көхсүлэрин этитиэхтэрэ эбитэ буолуо. Хор, устуо­руйа дьиктитэ диэн итиннэ сытар ээ. Билигин бу үс дойду хас да бырайыакка бииргэ үлэлэһэ сылдьаллар. Уонча сыллааҕыта Душанбеҕа буолбут Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүн былаһааккатыгар бу үс судаарыстыба салайааччылара атах тэпсэн олорон, аан бастакытын мунньахтаабыттара. Ол түмүгэр улахан стратегическэй докумуоннар оҥоһуллан тахсыбыттара. Бииринэн, бэлиитикэ, экэниэмикэ, үөрэх, наука, тиэхиньикэ, култуура өттүгэр былаан оҥоһуллубута. Иккиһинэн, 2016 сыллаахха “Кытай-Монголия-Арассыыйа” диэн ааттанан экэниэмикэ боппуруостарыгар бииргэ үлэлэһиигэ улахан бырагыраа­ма тахсыбыта. Ол иһигэр Евразия экэниэмикэтин сойууһун үлэтигэр, “Биир эргимтэ, биир айан” диэн Кытай улахан бырайыагар кыттыы киирбитэ. Бырайыактартан ыллахха, саамай улаханнара “Сибиир күүһэ” буолар. Бу гаас ситимин иккис уочарата Монголиянан ааһыахтаах. Бу бырайыак 2021 сылтан үлэлиир. Ситими оҥорууга “Союз-Восток” диэн холбоһук хампаанньа тэриллибитэ.

Арассыыйа Монголияны кытары эмиэ туспа бырайыактардаах. Саамай улахан быра­йыактартан ааттаталаатахха, Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн тутуута саҕаламмыт Улан-Батордааҕы тимир суол буолар. Бу икки дойду холбоһук хампаанньалара. Билигин да бу суол сайыннарыы бара турар. Арассыыйа уонна Монголия кыраныыссаларыгар Бурятияҕа уонна Алтайга экэниэмикэ анал зоналара аһыллан үлэлии тураллар. Итини таһынан, Аҕа дойду сэриитин кэмиттэн саҕалаан байыаннай эйгэҕэ бииргэ үлэлэһэллэр. Кэлиҥҥи сылларга “Дархан”, “Селенга” диэн ааттаах байыаннай уопсай быра­йыагы ыыттылар. Ааҕааччым, манна Дархан диэн ааты сэҥээрэн ааҕа олорор буолуох­тааххын. Бу тыл биһиэхэ олус чугас. Дархан диэн Монголияҕа үһүс улахан куорат. Бу тыл түүр тыллаах атын омуктарга эмиэ баар. Онон бу көстүү биһиги биир төрдүлээхпитин, устуо­руйабыт биир ситимнээхтик сайдан баран иһэрин көрдөрөр.

Быйылгы кэпсэтииттэн

Арассыыйа уонна Монголия бэрэсидьиэннэрэ быйылгы кэпсэтиилэригэр тугу ордук чорботон бэлиэтээтилэрий? Бастатан туран, атыы-тутуу, энэргиэтикэ боппуруостарын ырыттылар. Көрсүһүү түмүгэр дойдулар бырабыыталыстыбаларын таһымнарыгар ньиэби, ньиэп бородууктатын таһыыга, Улан-Батор куоракка электростанция тутуутун туһунан дуогабардар түһэрсилиннилэр. Санатан эттэххэ, билигин Монголияҕа кэлэр уматык 90 бырыһыана барыта Арассыыйаттан барар.

Энэргиэтикэ боппуруостарын таһынан икки дойду лиидэрдэрэ Монголия Евразия экэниэмикэтин сойууһун кытары хааччаҕа суох атыыны-тутууну ыытыыга быстах кэмҥэ дуогабар баттаһыытын, гуманитарнай боппуруостары, култуура, успуорт эйгэтин таарыйдылар. Владимир Путин манна Татарстааҥҥа буол­бут “БРИКС оонньууларын”, “Кэлэр үйэ оонньуутун”, биһиэ­хэ, Дьокуускайга ыытыллыбыт “Азия оҕолоро” спортивнай күрэхтэһиини ахтан туран, Арассыыйа уонна Монголия успуорт, култуура өттүнэн үгүстүк алтыһалларын бэлиэтээтэ. Монголия бэрэсидьиэнэ Ухнаагийн Хурэлсух Владимир Путин кытары кэпсэтиитигэр: “Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Монголияҕа сырыыта дойдуларбыт сайдыыларыгар, чуолаан энэргиэтикэ, суол-иис, тулалыыр эйгэни харыстааһын, култуура, үөрэх, доруобуйа харыстабылын курдук киэҥ эйгэлэргэ тирээн турар боппуруостары  күүһү түмэн быһаарыыга, улахан суолталаах”, – диэн бэлиэтээн эттэ.

Владимир Путин кэпсэтии түмүгэр Монголияны кытары үлэлэһиитин Азия дойдуларыттан биир инники тутар боппуруоһа буоларын эттэ. “Азияны кытары үлэлэһиибитигэр Монголия стратегическэй суолталаах. Бырабыыталыстыбалар, парламеннар, уопсастыбаннай түмсүүлэр таһымнарыгар үлэ барар. Ону сэргэ дойдуларга куттал суох буолуутун хааччы­йыыга бырайыактардаахпыт. Бу барыта түмүллэн Монголияны кытары үлэлэ­һиибит биһиэхэ инники күөҥҥэ тутар боппуруостарбытыттан биирдэстэрэ буолар”, – диэн иһитиннэрдэ Владимир Путин.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: