Арассыыйа уонна Турция бэрэсидьиэннэрэ Сочига көрсүһүөхтэрэ

Share

Бүгүн, балаҕан ыйын 4 күнүгэр, Сочига РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Турция Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин Реджеп Тайип Эрдоганы кытары көрсүһүөҕэ. Бу туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, икки дойду салайааччылара атах тэпсэн олорон кэпсэтиилэрин киин бэчээккэ суруйбуттара ыраатта. Бу иннинэ Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган Владимир Путины Анкараҕа атырдьах ыйыгар ыҥыран турар. Атырдьах ыйын 31 күнүгэр Москваҕа Турция тас дойдулар дьыалаларыгар миниистирэ Хакан Фидан кэлэн, Арассыыйа миниистирин Сергей Лаврову кытары кэпсэтэн барбыта.

Икки дойду лидердэрин кэпсэтиитигэр, РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа уонна Турция бииргэ үлэлээһиннэрэ, аан дойдуга тирээн турар боппуруостар көрүллүөхтэрэ. Ол иһигэр Хара муоранан бурдук тиэйиитин дуогабара туруоҕа. Санатан эттэххэ, Арассыыйа от ыйын 17 күнүгэр бу дуогабары тохтоппута. Билигин Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин таһымыгар кэпсэтии бара турар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago