Арассыыйа уонна Турция гаас ситиминэн

Арассыыйа уонна Турция гаас ситиминэн

03.11.2022, 12:39
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Турция нөҥүө тас дойдуларга гааһын атыылыаҕын туһунан дойдубут киин сонуннарыгар да, аан дойду сайтарыгар да күүскэ ырытыллар. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Казахстаҥҥа алтынньыга буолбут саммикка Турция бэрэсидьиэнин кытары көрсөн, түөрт муора дойдута гааһы тас дойдуларга атыылыыр киин буолуоҕун туһунан кэпсэппитэ. Бу күннэргэ кини бу бырайыак олоххо киирэр бары кыахтара баалларын өссө төгүл бэлиэтээн эттэ. Турция бырайыак былаанын бу сыл бүтүөр диэри иһитиннэриэҕэ.

Хотугу гаас ситимэ

Санатан эттэххэ, “Северный поток” диэн ааттаммыт Арассыыйаттан барар гаас ситимин балаҕан ыйын бүтүүтэ тоҕо тэптэрэннэр, билигин Европа дойдулара гаастарыттан көрө матан олороллор. Владимир Путин бу нэдиэлэҕэ Сочига буолан ааспыт саммикка тоҕо тэптэриини чинчийии түмүгүнэн саҥа дааннайдары туппутун иһитиннэрдэ.

— Европа дойдуларын кытары билигин үлэлэһэргэ олус уустук буолла. Ону ааһан кутталы үөскэтэр. Манна баар гааспыт ситимин тоҕо тэптэрии кимнээх дьыалалара буоларын билэбит, мин маны терактан атыннык ааттаабаппын, кэлиҥҥи дааннайдар да ону эмиэ кэрэһэлииллэр. “Газпром” хампаанньа тоҕо тэптэриини чинчийэ сылдьар. Билигин биллибитинэн, 40 миэтирэ усталаах турба 90 кыраадыс токуруйан баран гаас ситимин иккис утаҕын диэки түөрт уонча миэтирэ ыраах көппүт. Барыта 259 миэтирэ гаас ситимэ алдьаммыт, ону таһынан иккис утах эмиэ хаарыллыбыт. Бу тугуй? Теракт буолбатах дуо? Итиннэ барытыгар Европа дойдулара харахтарын симэллэрин сөҕөбүн. Бастакы уочарат, дьиҥэр, кинилэр интэриэстэрин таарыйар эбээт, — диэн бэлиэтиир.

Европа дойдулара гааһа суох хаалбыттарын таһынан, “Газпром” хампаанньа улахан хоромньуну көрүстэ. Уон ый түмүгүнэн, хампаанньа гааһы хостооһуна 18,6 % түһэн, 344 млрд куб гааска тэҥнэстэ. Былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, ити 78,8 млрд куб гааһынан кыра көрдөрүү. Ону таһынан тохсунньуттан алтынньыга диэри Европа дойдуларыгар гааһы тиэрдии 41,4 % түспүт.

Онон тас дойдуларга гааһы таһаарыыга Владимир Путин алтынньыга Казахстаҥҥа буолбут Евразия дойдуларыгар туһуламмыт саммикка Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоганныын Анкара тас дойдуларга гааһы атыылыыр киин буолуоҕун сөбүн иһитиннэрбиттэрэ. Арассыыйа Балтийскай муоранан ыыта олорбут гааһын аны Турциянан таһааран атыылыан сөп. Билигин Турциятааҕы ситимнэринэн Арассыыйа тас дойдуларга отуттан тахса млрд куб гааһы ыыта олорор.

— Турцияҕа гаас ситимин кэҥэтии туһунан эттэххэ, гааспытын Хара муора нөҥүө атыыга таһаарарбыт быдан судургу уонна куттала суох. Бэрэсидьиэн Реджеп Тайип Эрдоган эппит тылыгар турар бэлиитик, кинини кытары дуогабардаспыт дьыалаларбытын, төһө да арыт уустуктардааҕын иһин, тиһэҕэр диэри тиэрдэ сатыыбыт. Ити биирэ. Иккиһинэн, билигин Хара муоранан сырыыны хонтуруоллуур кыахтаахпыт. Оттон Европа дойдулара гааспытын ылыахтара дуо диэн ыйытыыга хоруйдаатахха, аан дойду үрдүнэн күөх төлөн атын углеводородтардааҕар үрдүкү турар бородуукта буолар. Ону таһынан гаас, этэргэ диэри, “күөх энергетикаҕа” көһүүгэ олус табыгастаах. Ол иһин дойдулар бары билигин гааска көһө сатыыллар. Бу бырайыакпытын саҕалаатахпытына гааспытын атыылаһааччылар аҕыйаҕа суох буолуохтара. Онон бу кэскиллээх бырайыак буолуоҕар бүк эрэнэбин, — диэн этэр Владимир Владимирович бу нэдиэлэҕэ Сочига буолбут саммит кэмигэр.

Кини этиитигэр эбэн эттэххэ, арҕааҥҥы дойдулар быйыл кыстыыр гаастаах олороллор, хаһаастара баар. Ол эрээри эһиил бу дойдуларга быһыы-майгы хайдах буолуоҕа биллибэт, этэргэ диэри, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥнэрин сынньата түһүөхтэрин эрэ сөп. Экспертэр этэллэринэн, Европа дойдуларын хаһаастара олунньуга диэри тиийэр кыахтаах, онтон салгыы умналаһар эрэ туруктаахтар.

Хара муоратааҕы күөх төлөн

Турцияҕа Арассыыйа бэрэсидьиэнин этиитин үөрүүнэн көрсүбүттэрэ. Тоҕо диэтэргин, бу бырайыактан кинилэр барыһы эрэ ылаллар. Бэрэсидьиэн Реджеп Эрдоган Казахстантан көтөн кэлэн баран тута гаас систиэмэтин хаҥатарга дьаһал ыыппыта.

— Билигин Европа гаас ылар источниктарын көрдүү сылдьар. Бу бырайыакпыт олоххо киирдэҕинэ кинилэр биһигиттэн хайа баҕарар гаастанан олоруохтарын сөп, — диэн иһитиннэрбитэ парламеҥҥа дакылааттыырыгар.

Санатан эттэххэ, билигин Арассыыйа гааһын Турцияҕа “Турецкий поток” диэн ааттаммыт Краснодар кыраайыттан Хара муоранан ыытар. Бу ситим 2017 сылтан саҕалаан тутуллубута. Бастакы түһүмэҕэ 2020 сыллаахха олоххо киирбитэ. Оттон иккиһэ – былырыын тохсунньуга үлэлээбитэ. Гаас ситимин уопсай уһуна 1100 км тэҥнэһэр. Бу ситим улахан аҥаара муоранан барар, 910 км уһуннаах ситим уу аннынан ааһар. Бастакы утаҕа Турция олохтоохторун гааһынан хааччыйыахтаах, иккиһэ “Балканский поток” диэн ааттанан Европа соҕуруу, соҕуруу-илиҥҥи дойдуларыгар барыахтааҕа. Ситимнэр иккиэн сылга 31,5 млрд куб м гааһы ыыталлар. Бу ситим аан дойдуга биир улахан бырайыак буолар. Өскөтүн бу ситими кэҥэттэхтэринэ кэнэҕэскитин 63 млрд куб гааһы хачайдыахтарын сөп.

Онон билигин Турцияҕа бырайыагы кэҥэтии туһунан күүскэ ырыта сылдьаллар. Алтынньы бүтүүтэ Турция энергетикаҕа миниистирэ Фатих Денмез: “Билигин бэйэбит өттүбүтүттэн туох үлэ барыаҕын көрүөхпүт. Үлэбитин номнуо саҕалаан былааммытын оҥоро сылдьабыт. Турция гааһы атыылыыр киин буолуоҕун туһунан элбэхтэ кэпсэтэр этибит, бу сүрүн сыалбыт да диэхпитин сөп. Онон бэйэбит өттүбүтүгэр туох оҥоһуллуоҕун көрөн бараммыт этиилэри оҥоруохпут”, — диэн бэлиэтээбитэ.

Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Эрдоган бэҕэһээ иһитиннэрбитинэн, бырайыак уопсай былаанын бу сыл бүтүөр диэри иһитиннэрэр санаалаахтар. Санатан эттэххэ, Турция билигин гааһын тас дойдулартан атыылаһан олорор. Баһыйар үгүс өттүн Арассыыйаттан ылар, ону таһынан Ирантан, Азербайджантан, Алжиртан атыылаһар. Онон түмүктээн эттэххэ, бу бырайыак хайа да өттүгэр, Арассыыйаҕа да, Турцияҕа да, Европа дойдуларыгар да табыгастаах. Арассыыйа тас дойдуларга бэйэтин гааһын атыылыыр кыахтанар, Турция аан дойдуга гааһы биэрэр биир улахан киин буолуон сөп, оттон арҕааҥҥы уонна да атын дойдулар гаастанар кыахтаналлар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: