Арассыыйа уонна Вьетнам: Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэнин күөнүгэр
Хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр Арассыыйа уонна Хотугу Корея туһунан суруйбутум. Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бэс ыйын 18-21 күннэригэр Хотугу Кореяҕа уонна Вьетнамҥа сылдьан кэлбитэ.
Бу икки дойдуларга сырыытынан кини Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр үлэтин өссө күүһүртэ. Өскөтүн Пхеньян Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр арҕааҥҥы дойдуларга утары турар судаарыстыба быһыытынан биллэр буоллаҕына, Ханой Кытайы, Америка Холбоһуктаах Штаттарын, Соҕуруу Кореяны, Австралияны, Индияны кытары ылса-бэрсэ олорор.
Ураты сыһыан
Америка Холбоһуктаах Штаттара Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Вьетнамҥа сырыытын кэнниттэн туһааннаах чунуобунньугун ыытан, быһыыны-майгыны сылыктатан көрдө. Вьетнам төһө да АХШ биһиги стратегическэй партнербут диэтэр, Сэбиэскэй Сойууһу, онтон Арассыыйаны кытары уонунан сылынан туппут далаһатын биэтэҥнэтэр санаата суох.
Вьетнам бэрэсидьиэнэ То Лам Владимир Путины кытары көрсүһүүтүгэр Арассыыйаны кытары сыһыаҥҥа ураты суолтаны биэрэрин бэлиэтээтэ.
– Биһиги урут да, билигин да Арассыыйаны кытары сыһыаҥҥа ураты болҕомтобутун уурабыт. Арассыыйа Вьетнам тутулуга суох буолуутугар, автономиятын ылыныытыгар, салгыы атаҕар туруутугар улахан өҥөлөөх. Биһиги ону умнубаппыт. Вьетнам билигин кимтэн да тутулуга суох эйэлээх бэлиитикэни ыытар. Ол эрээри Арассыыйаны кытары үйэлээх доҕордоһуубутун инники күөҥҥэ тутабыт, – диэн иһитиннэрдэ.
Экэниэмикэ
Владимир Владимирович Вьетнамҥа бу бэһис сылдьыыта. Аан бастаан, дойду салайааччытынан талыллаат, 2001 сыллаахха бара сылдьыбыта. Бу сырыытыгар кини Вьетнам салалтатын барыларын кытары эр-биир көрүстэ. Ол иһигэр дойду премьер-миниистирин, судаарыстыбаны салайан олорор Коммунистическэй баартыйа генеральнай сэкирэтээрин, Национальнай мунньахтарын бэрэссэдээтэлин кытары атах тэпсэн олорон кэпсэттэ. Вьетнам бэрэсидьиэнин кытары кэпсэтиилэрин кэнниттэн хас да докумуоҥҥа илии баттастылар.
Кэпсэтии кэмигэр Владимир Путин бу кэлиҥҥи отут сылга Арассыыйа уонна Вьетнам биир ситимнээх үлэни ыытан кэлбиттэрин бэлиэтээтэ. Ол иһигэр парламеннар, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, баартыйалар, эрэгийиэннэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр икки ардыларыгар үлэ барбытын эттэ.
– Отучча сыл устата биһиги дойдуларбыт биир ситимнээхтик үлэлээн кэллилэр. Ол иһигэр парламеннар, министиэристибэлэр, баартыйалар, эрэгийиэннэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр таһымнарыгар эмиэ үлэ барда. Эргиэн, атыы-тутуу чааһын ылан эттэххэ, манна эмиэ эбиллии тахсыбыта көстөр. Былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн, атыы-тутуу аҕыс бырыһыанынан үрдээбит. Манна, биллэн турар, Евразия экэнэмиичэскэй сойууһун кытары Вьетнам дуогабар түһэрсэн үлэлиирэ улахан оруоллаах. 2016 сылтан табаарынан эргиниигэ чэпчэтиилээх усулуобуйа тэриллиэҕиттэн Арассыыйа да, Вьетнам да өттүттэн инвестиция киириитэ элбээтэ, – диэн этэр кини.
Манна даҕатан эттэххэ, билигин бу икки дойдулар национальнай харчынан төлөһүүгэ сыыйа киирэн эрэллэр. Холобур, былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн, национальнай харчынан төлөһүү 40 бырыһыан эбит буоллаҕына, быйыл бастакы кыбаарталга номнуо 60 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит.
Владимир Путин: «Хас биирдии норуот, судаарыстыба култууратыттан бүтүн аан дойду култуурата, искусствота төрөөн-үөскээн тахсар».
– Манна сүрүн оруолу “Вьетнам-Арассыыйа” диэн судаарыстыбалар холбоһук бааннара ылар. Бу баан сүүрбэччэ сыл үлэлээн кэллэ, – диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Энэргиэтикэ да боппуруоһугар биһиги дойдубут Вьетнамы кытары үгүс бырайыакка үлэлэһэр. Холобур, “Вьетсовпетро” диэн холбоһук хампаанньа Вьетнамҥа уонча сыл иһигэр 250 мөлүйүөн туонна ньиэби хостоото. Оттон “Петровьетнам” Ненецкэй автономнай уокурукка үлэлээн, 35 мөлүйүөн туоннаны туһаҕа таһаарда. Ону таһынан Вьетнамҥа “Газпром”, “Новатэк”, “Росатом”, “РусГидро” курдук бөдөҥ хампаанньаларбыт улахан бырайыактардаахтар. Онон бииргэ үлэлэһии дуогабарыгар экэниэмикэ, энэргиэтикэ боппуруостарын инники күөҥҥэ туттулар.
Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр
Вьетнам – Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр биир дьоһун миэстэни ылар. Онон аан дойду бэлиитикэтигэр биир ситимнээхтик үлэлэһии инники күөҥҥэ турар боппуруос буолар. Бастатан туран, оборуонаҕа уонна дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыыга.
Владимир Путин суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр: “Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэрин кытары үлэлэһиигэ дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыыга Вьетнамы кытары биир тиһиктээх үлэни ыытарга быһаардыбыт”, – диэн бэлиэтээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, бу күннэргэ Арассыыйа уонна Камбоджа байыаннай эйгэҕэ бииргэ үлэлэһиигэ дуогабар баттастылар. Камбоджа, билэргит курдук, Вьетнамы, Таиланы, Лаос Народнай-Демократическай Өрөспүүбүлүкэтин кытары кыраныыссалаһар дойду буолар. Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэнин биир тутаах чилиэнэ. Онон Арассыыйа Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэнигэр, саахымат тылынан эттэххэ, “слонунан” хааман, икки суолу биир муннукка суулуу баайда.
Путин Саха сирин туһунан
Владимир Путин Вьетнамҥа сырыытын Арассыыйаҕа үөрэммит устудьуоннары кытары көрсүһүүтүнэн түмүктээтэ. Манна кини Вьетнамҥа кэлиэн иннинэ Хотугу Кореяҕа уонна Саха сиригэр командировкаҕа сылдьыбытын туһунан кэпсээтэ. Омос көрдөххө, бу аҥаардас биир сырыы туһунан кэпсэтии эрээри, суолтата туох да наһаа улахан.
– Иитии, искусство туһунан ыйытыыга маннык хоруйдуом этэ. Манна кэлиэм иннинэ Корея Народнай-Демократическэй Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Саха сиригэр сырыттым. Эһиги билэҕит, Саха сирэ – Арассыыйа бөдөҥ эрэгийиэнэ. Сирин-уотун иэнинэн ыллахха, бүтүн Индия саҕа сирдээх. Саха сиригэр тэриллибит Музыка үрдүкү оскуолата иитии, искусство, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа бүүс-бүтүннүүтүгэр эппиэттиир диэн көрөбүн. Иитии, мин саныахпар, биһиги үгэстэрбититтэн, култуурабытыттан саҕаланыахтаах. Чуолаан, национальнай култуураттан. Биһиги мантан тирэх ыларбыт сөп. Тоҕо диэтэргин, хас биирдии норуот, судаарыстыба култууратыттан бүтүн аан дойду култуурата, искусствота төрөөн-үөскээн тахсар, – диэн иһитиннэрдэ.
Бу этиитинэн Владимир Путин Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр Азия, Тиихэй акыйаан дойдуларыгар ылар оруолларын бэлиэтээтэ. Уонна, саамай сүрүнэ, Саха сирэ ураты суолталааҕын көрдөрдө.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: