“Арассыыйа Владимир Путины эрэ кытары иннин диэки барар кыахтаах”
Ахсынньы 17 күнүгэр РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа XXI сийиэһигэр кытынна.
“Арассыыйа” аан дойдутааҕы быыстапка-пуорум былаһааккатыгар буолбут сийиэс баартыйа чилиэннэрин уонна өйөөччүлэрин эрэ буолбакка, дойду, норуот уонна инники ыччат дьылҕаларыгар ыалдьар Арассыыйа олохтоохторун түмэр киининэн буолла.
Сийиэс сүрүн быһаарыыта – 2024 сылга Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарыгар Владимир Путин кандидатуратын биир санаанан өйөөһүн.
«Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын олоххо киллэрэр биһиги Сахабыт сиригэр 2000 сылтан өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, арҕаа, киин уонна Арктика оройуоннарыгар тахсар уларыйыылары көрөбүт. Бэрэсидьиэн эппиэтинэстээх үлэтин түмүктэрин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Ленскэй куораты халаан кэнниттэн чөлүгэр түһэрии үлэтигэр, бүддьүөтү оҥорор “АЛРОСА” хампаанньаны ыарахан кэмигэр өйөөһүҥҥэ, 2014 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускайга Уһук Илин сайдыытын кыһалҕаларын дьүүллэһиигэ уо.д.а. көрөбүт. Манна кини “Сибиир күүһэ” гаас ситимин тутууну саҕалыырга эппитэ. Бу бырайыак көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ бөдөҥ инвестициялар тардыллыбыттара. Судаарыстыба салайааччыларыттан Владимир Путин курдук ким даҕаны биһиги эрэгийиэммитигэр итиччэ улахан болҕомтону уурбатаҕа. Владимир Путины эрэ кытары Арассыыйа иннин диэки барар уонна күүһүрэр кыахтаах!”, — диэтэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: