“Арассыыйа Владимир Путины эрэ кытары иннин диэки барар кыахтаах”

Share

Ахсынньы 17 күнүгэр РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова “Биир ньыгыл Арассыыйа”  баартыйа XXI сийиэһигэр кытынна.

“Арассыыйа” аан дойдутааҕы быыстапка-пуорум  былаһааккатыгар буолбут сийиэс баартыйа чилиэннэрин уонна өйөөччүлэрин эрэ буолбакка, дойду, норуот уонна инники ыччат дьылҕаларыгар ыалдьар Арассыыйа олохтоохторун түмэр киининэн буолла.

Сийиэс сүрүн быһаарыыта – 2024 сылга Арассыыйа  бэрэсидьиэнин быыбарыгар Владимир Путин кандидатуратын биир санаанан өйөөһүн.

«Владимир Путин көҕүлээбит  национальнай бырайыактарын олоххо киллэрэр биһиги Сахабыт сиригэр 2000 сылтан өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, арҕаа, киин уонна Арктика оройуоннарыгар тахсар уларыйыылары көрөбүт. Бэрэсидьиэн  эппиэтинэстээх үлэтин түмүктэрин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо  Ленскэй куораты халаан кэнниттэн чөлүгэр түһэрии үлэтигэр,  бүддьүөтү оҥорор “АЛРОСА” хампаанньаны  ыарахан кэмигэр өйөөһүҥҥэ, 2014 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускайга Уһук Илин сайдыытын кыһалҕаларын дьүүллэһиигэ уо.д.а. көрөбүт. Манна кини “Сибиир күүһэ”  гаас ситимин тутууну саҕалыырга эппитэ. Бу бырайыак көмөтүнэн  өрөспүүбүлүкэҕэ бөдөҥ инвестициялар тардыллыбыттара. Судаарыстыба салайааччыларыттан Владимир Путин курдук ким даҕаны  биһиги эрэгийиэммитигэр итиччэ улахан болҕомтону уурбатаҕа. Владимир Путины эрэ кытары Арассыыйа иннин диэки барар уонна күүһүрэр кыахтаах!”, — диэтэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago