Арассыыйа ювелирдара Галина Данчиковаҕа өйөбүлүн иһин махтаннылар
Арассыыйа ювелирдара кулун тутарга үрүҥ көмүстэн оҥоһугу оҥорон таһаарыыга уонна эргиниигэ анал нолуогу туһаныы туһунан федеральнай сокуону хайдах сыаналыылларый?
Судаарыстыбаннай Дуума официальнай интэриниэт порталынан Саха сириттэн дьокутаат, Бүддьүөт уонна нолуок кэмитиэтин чилиэнэ Галина Данчикова аатыгар Флун Фагимович Гумеров аатыттан сурук киирбитэ.
Онно «Арассыыйа ювелирдарын гильдиялара» ассоциация аччыгый уонна орто урбааны сокуон өттүнэн өйөөбүтүн иһин махтанара суруллубут. Ассоциация «О внесении изменений в часть вторую Налогового кодекса Российской Федерации и статью 3 Федерального закона «О проведении эксперимента по установлению специального налогового режима «Автоматизированная упрощенная система налогообложения» федеральнай сокуон үрүҥ көмүһүнэн дьарыктанар урбаанньыттарга улахан суолталааҕын бэлиэтээбит.
Урбаанньыттар бу сокуон инникитин да үрүҥ көмүс бородууксуйатыгар сайыннарга, нэһилиэнньэҕэ үрдүк хаачыстыбалаах табаарынан хааччыйыаҕар эрэнэллэрин эппиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: